Чурапчы улууһун тыа хаһаайыстыбатын бастыҥ үлэһиттэрэ чиэстэннилэр

Тыа хаһаайыстыбатын күнүгэр анаммыт үөрүүлээх чаас “Айылгы” НАДь ыытылынна. Сылын ахсын бу күн бастыҥнар чиэстэнэллэр, салгыы үлэлииргэ эбии күүһү ылыналлар.

Үрүҥ үүтү үрүлүтээччилэри, эмис эти дэлэтээччилэри улуус баһылыга Степан Саргыдаев, улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Яков Оконешников, улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын салалтатын начаалынньыга Анжелика Неустроева эҕэрдэлээтилэр, наҕараадалары туттардылар. Ол курдук,  “СӨ агропромышленнай комплексын бочуоттаах үлэһитэ” ааты Василий Местников, Евдокия Смирникова, “Чурапчы улууһун бочуоттаах бэтэрээнэ” ааты Семен Сергеев ыллылар, о.д.а. наҕараадаланнылар.

Наҕарааданы туппут Василий Местников: “2003 сыллаахтан хаһаайыстыба тэринэн үлэлиибин. 2016 сыллаахха Дьиэ кэргэн гранын ылан, хотон туттубутум. Билигин дьиэ кэргэмминээн 70 төбө сүөһүнү, 100-чэкэ сылгыны көрөбүт. Тыа хаһаайыстыбатын күнүгэр наҕарааданы тутан үөрдүм. Бэйэбит төрүт дьарыкпыт, аспыт-үөлбүт кэҥии, элбии турдун”, — диэн санаатын эттэ.

Чемпион-ыанньыксыт Агафья Кузьмина аатынан бириэмийэни Николай Лыткин, РФ үтүөлээх фермерэ Василий Смирников аатынан бириэмийэни Гаврил Попов, меценат Петр Архипов аатынан бириэмийэни Виктор Петров туттулар.

Сарсыарда ыытыллыбыт быыстапка-дьаарбаҥка көрүү куонкуруһугар 3-с миэстэни Кытаанах, 2-с миэстэни Болугур уонна 1-кы миэстэни Одьулуун нэһилиэктэрэ ыллылар.

Елена Макаринская

Сэмэн Жендринскэй хаартыскаҕа түһэриилэрэ

Читайте дальше