Чурапчы улууһун салалтата бойобуой дьайыы бэтэрээннэрин кытары көрсүһүүнү тэрийдэ

Бэҕэһээ о.э. олунньу 22 күнүгэр, Чурапчы улууһун дьаһалтатын мунньахтыыр саалатыгар, Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэринэн бойобуой дьайыы бэтэрээннэрин кытары көрсүһүү, төгүрүк остуол тэрилиннэ.

Сылын аайы ыытыллар, үтүө үгэскэ кубулуйбут дьаһалга быйыл элбэх уол кэлэн кыттыыны ылла. Үөрүүлээх чааска улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Яков Оконешников, Чурапчы улууһун баһылыгын солбуйааччы Алексей Лобанов, Чурапчы нэһилиэгин баһылыга Владимир Сивцев, улуустааҕы “Аҕа дойдуну көмүскээччилэр” судаарыстыбаннай пуонда социальнай координатора Сергей Атласов кыттыыны ыллылар, бэтэрээннэри эҕэрдэлээн наҕараадалары туттардылар.

Манна сүрүннээн бастакы, иккис Чеченскэй хампаанньа, Хотугу Кавказка сулууспалаабыт уонна билигин буола турар анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара кэлэннэр кэпсэтиигэ кыттыстылар. Улуустааҕы бойобуой дьайыы бэтэрээннэрин Сэбиэтин аатыттан, ситэри уһаайба сирдэрин ылбакка сылдьар уолаттар кыһалҕаларын быһаарарга, улуус иһигэр льгота, оҥоһуллуохтаах сквер боппуруоһун көрөллөрүгэр этии киирдэ.

Улуус баһылыгын солбуйааччы Алексей Гаврильевич, киирбит этиилэр, боппуруостар барыта суруллубуттарын, төһө кыалларынан барытын быһаара сатыахпыт диэн эттэ. У

луус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Яков Павлович, улуус иһинээҕи боппуруостар кыалалларын эттэ итиэннэ уолаттарга үйэтитии чэрчитинэн кинигэ сурулаан тахсыытыгар өйөбүл баар буолуоҕун мэктиэлээтэ.

Нэһилиэк баһылыга Владимир Дмитриевич, уһаайба сирдэрин өссө төгүл чопчулуурга, итиэннэ нэһилиэккэ социальнай льготалар чаастарыгар уларытыылар киириэхтэрин сөбүн туһунан эттэ. А

нал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын ааттарыттан, уоппускаҕа кэлэ сылдьар байыас “К”, өстөөхтөр дроннарын, “баба ягаларын” охторорго анаал тепловизордаах оптика ылынарга көмө баара буоллар диэн баҕа санаатын этиннэ.

Бойобуой дьайыы бэтэрээнэ Гаврил Владимиров, сквергэ итиэннэ параадтыырга аналлаах “БТР”-ы байыаннай чаастан ылыыга улуус өттүттэн өйөбүүллэригэр этии киллэрдэ итиэннэ атыылаһар түгэннэригэр, бэйэтин тэрилтэтин өттүттэн транспартировка чааһын уйунуон сөбүн туһунан биллэрдэ.

Итинник хабааннаах кэпсэтии кэнниттэн, бэтэрээн уолаттар бука бары түмсүүлээх буоларга ыҥырдылар. Бойобуой дьайыы бэтэрээнэ диэн статус биир өйдөбүллээҕинэн сибээстээн Афганистан, Чечня, СВО диэн арахсыспакка биир сомоҕо буолуоҕун диэн санааларын этиннилэр. Армия – биир, Дойдубут — соҕотох эрэ!

 

Сэмэн Жендринскэй – улуус бойобуой дьайыы бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы. Ааптар хаартыкаҕа түһэриитэ