Бу күннэргэ, Чурапчы улууһугар, Мугудай нэһилиэгин “Сайдыына” дьахталлар түмсүүлэрэ “Кыайыы харысхала” волонтерскай бырайыактара үлэтин саҕалаата.
Ол курдук кулууспут бары нэһилиэктэриттэн көхтөөх кэрэ аҥардар түмсэннэр, анал байыаннай эпэрээссийэҕэ сулууспалыы сылдьар уолаттарга анаан ичигэс таҥаһы-сабы тигэллэр. Мугудай нэһилиэгин дьахталларын сүбэтэ бэлэмнээн быспыт кэтиинчэлэриттэн саҕалаан, плащовай көстүүмүгэр тиийэ толору кэмпилиэги, бу ый 20 чыыһылатыгар диэри, уопсайа холбоон 30 кэмпилиэк таҥас бэлэм буолара былааннанар.
Мугудай нэһилиэгиттэн «Сайдыына» түмсүү
“Манан сиэттэрэн күндү биир дойдулаахтарбытын, сатабыллаах иистэнньэҥнэри, бука барыгытын туора турбакка, илиигит сылааһын иҥэрэн уопсастыбаннай көҕүлээһиҥҥэ күүс-көмө буолун диэн ыҥырабыт.
Бары нэһилиэктэр дьахталларын Сэбиэтэ үлэ фронугар кыттыстылар. Көмөлөһүөн баҕалаахтар билсэргитигэр көрдөһөбүт.
Болугур нэһилиэгиттэн «Алаһа» түмсүү
Чурапчы нэһилиэгэр волонтерскай көмө «Утум» дьиэтигэр тэриллэн үлэтин саҕалаата. Кэрэ аҥардар иистэнэр массыыналаах кэлэннэр күүс-көмө буолалларыгар эрэнэбит,” – диэн Чурапчы улууһун дьахталларын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Анастасия Афанасьева эттэ.
Сэмэн Жендринскэй