Алтынньы 11-12 күннэригэр Үөһээ Бүлүүгэ И.Н. Барахов 125 сылыгар аналлаах икки күннээх конференцияҕа баран Автономиябыт, Республикабытатаҕар турар күүрээннээх сылларыгар бөдөҥ салайааччылары: Платон Ойуунускайы, Максим Аммосовы, Степан Аржакову, Исидор Бараховы, Степан Васильевы кытта тэҥҥэ, бииргэ үлэлэспит, биһиги улууспутуттан төрүттээх Иван Николаевич Винокуров (1893-1935) олоҕун, айар үлэтин өрөспүүбүлүкэбитигэр сырдатар сыаллаах кыттыыны ылан кэллибит.
Салайааччынан Любовь Михайловна Григорьева, Демьянова Маша – Арыылаах орто оскуолатын 10-с кылааһын үөрэнээччитэ, кини салайааччыта Валентина Степановна Анемподистова уонна Варвара Дмитриевна Попова буолан сырыттыбыт.
Айаммытын улууспут дьаһалтатыттан, баһылыкпыт Степан Анатольевич Саргыдаев, улуустааҕы дьокутааттар Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Яков Павлович Оконешников, улуус дьаһалтатын исписэлииһэ Алена Андреевна Пермякова, Чурапчытааҕы киин балыыһа кылаабынай бырааһа Николай Сергеевич Сивцев тэрийдилэр. Суоппарбыт Егор Игнатьев уһун суолга сылаас сымнаҕас айаны хааччыйда. Айанныахпытыттан кэлиэхпитигэр диэри Үөһээ Бүлүү кыраайы үөрэтээччилэрин түмсүүтүн салайааччыта Бурхалей Степанович Макаров, дьаһалтаттан Сардаана Васильевна Тартакынова тэрээһин былаһын тухары арыаллаатылар.
Исидор Барахов төрөөбүт дойдутугар Харбалаах нэһилиэгэр баһылык, бэйэбит күтүөппүт Николай Данилович Платонов итии чэйинэн көрүстэ. Манна Исидор Барахов аатынан Судаарыстыбаннай түмэлгэ сырыттыбыт. Директор Светлана Даниловна Копыленко, Исидор Никифорович үлэлээбит кэмин сырдатар сэргэх кэпсээнин иһиттибит. Бу мусуойга анаан үс этээстээх таас дьиэ тутулла турар эбит. Улууспут аатыттан Любовь Михайловна бэйэтэ үлэлэспит «Иван Николаевич Винокуров. Документы» кинигэтин электроннай барыйаанын бэлэхтээтэ.
Ити кэнниттэн ыраахтан-чугастан кэлбит ыалдьыттардыын Үөһээ Бүлүү чулуу уолун маҥан мрамортан оҥоһуллубут мэҥэ пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдубут. Бу үөрүүлээх түгэҥҥэ Харбалаах дьоно-сэргэтэ, оҕо-аймах, улуус салалтата, Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй университет, Хотугу норуоттар гуманитарнай проблемаларын чинчийэр үнүстүүт дэлэгээссийэтэ, барыта холбоон 17 киһи, Бүлүү улууһуттан, Сыдыбыл нэһилиэгиттэн ыалдьыттар кытыннылар. Тэрээһин дьоро чааһыгар СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэстэбиитэлэ, улуус дьаһалтатын баһылыган э.т. Семен Анатольевич Михалев, ХИФУ устуоруйаҕа факультетын декана, и.н.к. Наталья Анатольевна Стручкова эҕэрдэ тыллары эттилэр. Манна улууспут дьаһалтатын аатыттан сэмэй бэлэхтэри, эҕэрдэ суруктары туттардыбыт.
Мантан салгыы Үөһээ Бүлүүгэ тиийэн култуура киинигэр дьаһалы үөрүүлээхтик арыйыы кэнниттэн «Историческое наследие Исидора Барахова в политике, экономике, культуре» панельнай дискуссия буолла. Учуонайдартан доцент, историческай наука кандидата, Егор Петрович Антонов, Хотугулуу– илинни тыл уонна культура институтун директора, филологическай наука кандидата Гаврил Григорьевич Торотоев, ФЭИ кафедратын сэбиэдиссэйэ, экономическай наука кандидата Анна Викторовна Михайлова, история кафедратын сэбиэдиссэйэ, доцент и.н.к Ольга Афанасьевна Парфенова, кафедра сэбиэдиссэйэ и.н.к. Ю.Н. Ермолаева тыл эттилэр.
Күн иккис аҥарыгар «Исидор Барахов и его сподвижники» кэмпириэнсийэҕэ дакылааттары истии буолла. Чурапчы улууһуттан Л.М. Григорьева «Незаслуженно забытые соратники И.Н.Барахова И.Н.Винокуров, А.Ф. Попов», В.Д. Попова «Вклад И.Н.Винокурова в деле становления молодой Якутской республики», Маша Демьянова «И.Н.Винокуров аатын үйэтитии», барыта холбоон 20 дакылааты иһиттилэр. Ааҕыллыбыт дакылаттары истии түмүгүнэн, экспертэр быһаарыыларынан кинигэ тахсыаҕа диэн иһитиннэрдилэр, өйдөбүнньүк сувенир туттардылар.
Икки сиринэн тарҕаһан, Кэнтиккэ Чап уустарын, Намҥа норуодунай бэйиэт Бүөтүр Тобуруокап түмэллэригэр сырыттыбыт. Кэнтиккэ баран иһэн Эдьиий Дора маһыгар сүгүрүйэн аастыбыт.
Киэһэтин кафеҕа байылыат остуол маанылаах ыалдьыттара буоллубут. Учууталбыт, историческай наука доктора Никита Диевич Архиповтан кинигэ бэлэх, дьаһалтаттан «Үөһээ Бүлүү төрүт аһа» ТХПК бородууксуйатынан кэһии туттубут.
Иккис күҥҥэ «Тыа сирэ: сүрүн кыһалҕалар, сайдар хайысхалар» диэн тиэмэҕэ төгүрүк остуол буолла. Кэпсэтиини социологическай наука кандидата Юрий Иннокентьевич Жегусов, историческай наукадоктора Н.Д. Архипов уонна улуус баһылыгын экономикаҕа уонна финансаҕа сүбэһитэ Наталья Филипповна Гурьева астылар. Манна улууска ыытыллыбыт социологическай ыйытыыга хоруйдар түмүктэринэн, сайдыыга сыһыаннаах, киэҥ хабааннаах аһаҕас кэпсэтии буолла. Биһигиттэн бу кэпсэтиигэ В.Д. Попова кыттыыны ылла.
Түмүктүүр тэрээһиҥҥэ Исидор Барахов аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи 1 нүөмэрдээх орто оскуолаҕа ыччаттарга уонна оскуола оҕолоругар “И.Н. Барахов олоҕо уонна үлэтэ” диэн интеллектуальнай оонньууну ыыттылар. Күрэх иннинэ ХИФУ доцена, и.н.к. Айтал Игоревич Яковлев, Үөһээ Бүлүүтээҕи «Лидеры» уопсастыбаннай хамсааһын исписэлииһэ Прасковья Анатольевна Тимофеева ыччаттарга туһаайан олус интэриэһинэй сэһэргэһиини таһаардылар. Оонньууну Исидор Барахов аатынан Судаарыстыбаннай түмэл үлэһитэ Евдокия Павловна Семенова олус сатабыллаахтык салайан ыытта.
Уонтан тахса хамаандалаах күрэххэ Любовь Михайловна, Валентина Степановна уонна Машабыт хамаандалара ох курдук ортоку буоллулар. Бу оонньууга Тамалакаан орто оскуолатын сэттис кылааһын үөрэнээччитэ Эрэл Саввинов бэйэтин билиитинэн барыбытын сөхтөрдө. «Бастыҥ оонньооччу» анал бириискэ уонна «Куорамыкы» диэн улуус кыраайы үөрэтээччилэрин таһаарбыт сурунаалларын бастакы нүөмэригэр тигистэ. Кыайыылаах хамаандалар харчынан бириэмийэнэн наҕараадаланнылар.
Бараховка аналлаах тэрээһиннэр былаан быһыытынан өссө 2024 сыл олунньутугар диэри салҕаналлар эбит.
Ити курдук, Үөһээ Бүлүүлэр чулуу уолларын үбүлүөйдээх сылын бэлиэтиир тэрээһиннэригэр Иван Винокуровпыт аатын ааттатан, кинигэтин электроннай барыйаанын бэлэхтээн санаабытын ситэн кэллибит. Элбэх саҥаны көрөн-истэн, Иван Винокуровпытын үйэтитиигэ былааннаахтык үлэлииргэ баҕалаах дойдубутун буллубут.
Бу айаҥҥа күүс-көмө буолбут улууспут дьаһалтатыгар Степан Анатольевичка, Яков Павловичка, Алена Андреевнаҕа, тырааныспарынан көмөлөспүт Николай Сергеевичка, суоппарбытыгар Егор Игнатьевка махталбытын тиэрдэбит. Үйэтитиигэ аналлаах өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар дьаһаллар кэлэр да өттүгэр өйөбүлү ылыахтара диэн улаханнык эрэнэбит.
Варвара Попова,
СР үөрэҕириитин туйгуна,
РФ суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ.
Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй