Чурапчы улууһун дэлэгээссийэтэ Анал байыаннай дьайыы сиригэр үлэлээтэ

Чурапчы улууһун дэлэгээссийэтэ анал байыаннай дьайыы ыытылла турар сиригэр тиийэн, биир дойдулаахтарбытын кытта көрүстүлэр. Ол курдук, улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Егор Сивцев, улуус баһылыгын солбуйааччы Алексей Лобанов уонна Чурапчытааҕы ДЮСШ дириэктэрэ Александр Неустроев икки нэдиэлэ устата үлэлээн кэллилэр.

Бу туһунан Алексей Лобанов сиһилии  билиһиннэрдэ:

— Анал байыаннай дьайыы ыытылла турар Запорожье уобалаһыгар, Донецкай, Луганскай норуодунай өрөспүүбүлүкэлэригэр  сырыттыбыт. Онно күн-дьыл туруга сайыҥҥылыы сылаас, күнүһүн +30 кыраадыска тиийэр эбит. Уолаттарбыт бронежилеттарын, каскаларын, толору кэмпилиэктэрин устубакка кэтэллэр. Балаһыанньа уустук, өстөөх чугуйар санаата суох. Онон кыргыһыы, биллэрин курдук, бааһырыыта, өлүүтэ-сүтүүтэ суох буолбат. Уолаттарбыт эр санааны ылынан, дойдубутун көмүскээһиҥҥэ инники күөҥҥэ сылдьаллар. Кинилэр санаалара-оноолоро күүстээх, бөҕөх, кыайыыга эрэллээхтэр.

Байыастарбытыгар дьиэ кэргэттэрэ, төрөппүттэрэ аадырыстаан ыыппыт малларын тиксэрдибит. Маны сэргэ ыраах сылдьар киһиэхэ дойдутун аһа туохтааҕар да күндү буолар. Ол иһин улууспут дьоно көхтөөхтүк кыттыһан, көмөлөһөн, түөрт дьааһык ыһаарыламмыт собону илдьэн туттардыбыт. Балыктары тоҥнуу тымныыны тутар дьааһыктарга укпуппут, айаммыт устун ирбэккэ, сибиэһэйдии тиийдилэр. «Чурапчы» ТХПК, буоларын курдук, бу да сырыыга көмөлөһөртөн туора турбата – отон сиробун, Чурапчы халбаһытын нобуордаан ыытан, эмиэ ураты кэһиитин оҥордо. Ону таһынан улуус гуманитарнай көмөтүн туттардыбыт. Ол курдук, квадрокоптердары, дроннары, дронтан көмүскэнэр тэриллэри, тепловизордары, прицеллэри уо.д.а. биэрдибит. Билиҥҥи, сэрии сэбэ сайдан турар кэмигэр разведка, атаака тиэхиньикэ көмөтүнэн оҥоһуллар. Онон байыастарбыт саҥаттан саҥа тиэхиньикэҕэ наадыйаллар. Маны тэҥэ уолаттарбыт саха быһаҕын,  туттарга эрэ буолбакка, харысхал  быһыытынан илдьэ сылдьаллар. Онон алҕаан туран, саха быһахтарын туттардыбыт. Уолаттар баһыылкалары тутан олус үөрдүлэр, астыннылар, өссө да илдьэрбитигэр көрдөстүлэр.

Госпиталга сылдьан, бааһыран сытар саллааттары кытта көрүстүбүт, санааларын көтөҕөн, туох кыһалҕаларын иһиттибит, ону быһаарыыга үлэлэстибит. Ону тэҥэ дойдуларын аһын тиксэрдибит. Госпиталга Чурапчыттан медик идэлээх кэрэ аҥаардар үлэлии  сылдьаллар эбит. Кинилэргэ эмиэ кэһиибитин туттаран үөртүбүт.

Байыастарга араас кыһалҕалар үөскүүллэр, ону түргэнник миэстэтигэр быһаарыыга ситимнээх үлэлэр ыытыллаллар. Онуоха сорох биир дойдулаахтарбыт силовой структураларга командировканан үлэлии сылдьаллар. Кинилэр туһааннаах боппуруостарбытыгар ыйан-кэрдэн биэрбиттэригэр махтанабыт. Тирэх пууҥҥа үлэлиир биир дойдулаахтарбытыгар, волонтердарга тирэх  пуун салайааччытыгар Олег Саранцевка, Георгий Куркутовка, Георгий Борисовка, Гаврил Птицыҥҥа уонна Светланаҕа, Дениска, Альбертка, Анатолийга махталбытын тиэрдэбит. Волонтердар күн аайы сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри арыаллыы сырыттылар.

Бэлиэтээн эттэххэ, көмөнү оҥорууга, командировканан үлэлээн кэлиигэ Чурапчы улууһа өрөспүүбүлүкэҕэ бастыҥнар ахсааннарыгар киирэр диэн Анал байыаннай дьайыы боппуруостарын курируйдуур СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Андрей Федотов эппитэ. Онон кыайыыны уһанса сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар күүс-көмө буола сылдьар тэрилтэлэргэ, түмсүүлэргэ, биирдиилээн дьоҥҥо махталбытын тиэрдэбит.

Марфа Петрова.