Чурапчы улууһун дьаһалтатын 2023 сыллааҕы үлэтин отчуота Болтоҥо нэһилиэгэр буолла.
Дьаһалга Степан Саргыдаев ааспыт сылга улууска бары хайысхаларга ыытыллыбыт үлэни сырдатта.
Сүрүн дакылаат кэнниттэн олохтоохтор бары хайысхаларга интэриэһиргиир, кыһалҕалаах боппуруостарын биэрэн, сөптөөх хоруйдарын иһиттилэр. Ол курдук, уопсайа 21 боппуруос эппиэттэннэ уонна 3 этии киирдэ. Үгүс боппуруос суругунан бэрилиннэ уонна социальнай хайысхаҕа буолла. Инбэлииттэр олорор дьиэлэрин тупсарыыга туһуламмыт субсидия, биэнсийэлээх дьоҥҥо дьиэ өрөмүөнүгэр туох көмө көрүллэрин, соцхантыраагы туһэрсии, такси проеһын хонтуруоллааһын туһунан ыйыттылар.
Ону таһынан бу нэһилиэккэ быраас, биэлсэр суоҕун туһунан боппуруос биир бастакынан турда.
Кылаабынай быраас Николай Сивцев:
— Нэһилиэк дьонун-сэргэтин медицинскай көмөтө суох хаалларбаппыт. Быраас булуохпутугар диэри Хатылыттан сылдьан Сардана Стручкова үлэлиэҕэ. Кини нэдиэлэҕэ хаста да кэлэн көрүөҕэ.
Салгыы олохтоохтор уот лиинийэтин өрөмүөннээһин, саҥа спортзал тутуутун, почта үлэтигэр уларыйыылары уо.д.а. туоһуластылар.
Нэһилиэккэ ититии ситимин тардыы туһунан ыйытыыга, улуус баһылыга: «Гаас Тааттаҕа барар буоллаҕына киириэҕэ», — диэн хоруйдаата.
Үөрэх эйгэтигэр киирдэххэ, быйыл оҕолору оскуолаҕа таһыыга кыһалҕалар үөскээн, үөрэнээччи ахсаана аҕыйаабытын бэлиэтээтилэр. Онон маны быһаарарга улуус баһылыгыттан анал дьаһал ылынарыгар көрдөстүлэр.
Маны таһынан оскуола дириэктэрэ Владислав Скрябин мастарыскыай тутуутун туруоруста:
«Оскуолабытыгар хаһаайыстыбаннай олох-дьаһах усулуобуйатыгар кэккэ уустуктары көрсөбүт. Ол курдук, оскуола иһинэн оҕо уһанарыгар табыгаһа суох, сэрэхтээх буолуу ирдэбилигэр толору эппиэттээбэт кыра иэннээх мастарыскыайдаахпыт. Онуоха кураанах хаалбыт түөрт кыбартыыралаах дьиэни гараас уонна мастарыскыай оҥорор баҕа санаалаахпыт. Бу табылыннаҕына, ититии ситимин, сырдатыы лиинийэтын тардыы боппуруостарыгар күүс-көмө буоларгытыгар эрэнэбин. Оҕону үлэнэн иитиигэ мастарыскыай үлэтэ тоҕоостоох”, — диэтэ.
Музей үлэһитэ Захар Егоров улууска үйэтитии хайысхатыгар үгүс үлэ барбытын бэлиэтээтэ. Ол эрээри, сэбиэт диэйэтэлэ Николай Субуруускай аата, кини оҥорбут үтүөлэрэ умнууга баран эрэрин эттэ. Онон сөптөөх үлэ ыытылларыгар тус санаатын үллэһиннэ.
Олохтоохтор Олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагыраама чэрчитинэн оҥоһуллубут нэһилиэк суолун хаачыстыбатын хонтуруолга ылалларыгар баҕардылар. Маны таһынан алаастан ууну сүүрдэргэ ханаабаны тутар туһунан улуус дьаһалтата болҕомтоҕо ыларыгар көрдөстүлэр.
Кындалга тутуллубут дьиэ благоустройствота үлэлээбэтин этэн туран, эбийиэк итэҕэстэрин суох оҥорорго, ону сэргэ Кындал муостатын чөлүгэр түһэрэргэ туруорустулар.
Отчуокка уопсайа 53 киһи кытынна. Кинилэр ааспыт сыллааҕы үлэни сөптөөҕүнэн сыаналаатылар. Бу күн киирбит бары боппуруостар боротокуолга киирдилэр.
Марфа Петрова.