Бэҕэһээ о.э. ыам ыйын 23 күнүгэр, улуус дьокутааттарын Сэбиэтин 51 нүөмэрдээх дьаһалларыгар олоҕуран үлэ уонна култуура бэтэрээнигэр, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитигэр, Саха сирин суруйааччыларын уонна РФ суруналыыстарын Сойууһун чилиэнигэр Павел Петрович Федоровка-Сомоҕоҕо уонна РФ үтүөлээх артыыһыгар, СӨ норуодунай, үтүөлээх артыыһыгар, Мугудай нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕор Дмитрий Егорович Артемьевка – “Чурапчы улууһун Бочуоттаах олохтооҕун” аатын иҥэрэр туһунан “Чурапчы улууһа” МО баһылыга Степан Саргыдаев, улуус (оройуон) дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Яков Оконешников илии баттааһыннаах быһаарыылара таҕыста.
ЫСПЫРААПКА
Павел Петрович Федоров—Cомоҕо – прозаик, публицист. СӨ култууратын туйгуна. 2004 сыллаахтан Арассыыйа суруйааччыларын сойууһун, Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, үлэ бэтэрээнэ.
1950 сыллаахха ыам ыйын 23 күнүгэр Амма оройуонун Покровка нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Орто оскуоланы 1969 сыллаахха Мэҥэ–Хацалас оройуонугар Майаҕа бутэрбитэ. Хабаровскайдааҕы педагогическай үнүстүүккэ үөрэнэ сылдьан, Мэҥэ-Хаҥалас оройуонугар Тыыллыма орто оскуолатыгар уруһуй, черчение, труд учууталынан үлэлээбитэ. 1975 сыллаахха Чурапчы оройуонугар култуура эйгэтигэр үлэлии сылдьан Илин Сибиирдээҕи култуура үнүстүүтүн режиссердар отделениеларын кэтэхтэн үөрэнэн 1988 сыллаахха бүтэрбитэ. Үөрэҕин түмүктүөҕүттэн Чурапчы улууһун Дириҥнээҕи оҕо мусукаалынай оскуолатыгар тыйаатыр кылааһын учууталынан үлэлээбитэ. Дирицнээҕи норуодунай тыйаатыр биир тарбахха баттанар тэрийээччитэ, режиссера Дмитрий Эверстов–Диринскэйдиин “Дириҥ уоттара” литэрэтииринэй түмсүүнү салайсыбыта. Павел Петрович айар үлэнэн 1991 сыллаахтан дьарыктанар. Кыра тэттик кэпсээннэрэ “Чолбон” сурунаалга, өрөспүүбүлүкэ уонна оройуон хаһыаттарыгар бэчэттэммиттэрэ. 1992 сыллаахха “Тууйуллуу. Атаҕастаныы. Ыарыы” кэпсээннэрэ “Чолбон” суруналга тахсыбыта. 1993 сыллаахха бэчээттэммит “Алгыстаах айаҥҥа” хомуурунньугар “Бэлэми биһирээччилэр” диэн кэпсээнэ киирбитэ. “Ол ыҥырыр тырымнас уоттар” диэн документальнай уус–уран айымньыттан быһа тардыы “Саҥа олох” хаһыакка 1999 сыллаахха кулун тутар 6 күнүгэр бэчээттэммитэ. “Төрөөбүт төрүт тылбытын сүтэрбэт туһугар тугу оҥоруохха сөбүй?” диэн ыстатыйатыгар билиҥҥи ыччаты: “Атын омуктары кытта тэҥҥэ, биир кэрдиискэ туруоран, мин сайдылаах сахабын дэнэр кыаҕы үөскэтиэҕиҥ. Онон бу бобуулаах, бу сатаммат, ити кыаллыбат диэн өйдөбүлү хаалларыаҕыҥ”, — диэбиттээҕэ. Ол курдук, “Ый ытыыр” кэпсээнин суруйан “Ийэтин туойар киһи – кэрэ” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи айар куонкуруска (1995) кыттан миэстэлэспитэ. Анемподист Софронов-Алампа төрөөбүтэ 110 сылынан сибээстээн өрөспүүбүлүкэҕэ драматическай айымньыларга ыытыллыбын куонкуруска “Олоҕу олоруҥ” диэн пьесанан кыттан, биһирэбил бириискэ тиксибитэ. 1997 сыллахха “Сыл бастыҥ учуутала” диэн ааты ылбыта. Павел Петрович Федоров–Сомоҕо тыа сиригэр олохтоох суруйааччы быьыытынан айымньылаахтык, тахсыылаахтык, ситиһиилээхтик үлэлии–хамсыы олорор.
Дмитрий Егорович Артемьев – үрдүк сцена маастара, СӨ норуодунай, РФ уонна СӨ үтүөлээх артыыһа, СӨ үҥкүү найиональнай тыйаатырын албан аата уонна киэн туттуута, С.П. Дягилев аатынан норуоттар икки ардыларынааҕы пуонда дипломана, өрөспүүбүлүкэтээҕи “Туймаада ыһыаҕын” оһуохайдьыттарын куонкуруһун “Эллэй эһэбит эрэлэ” номинация кыайыылааҕа, СӨ үтүөлээх оһуохайдьыта, Мугудай нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, РФ тыйаатыр диэйэтэллэрин Сойууһун, тыйаатыр уус-уран Сэбиэтин чилиэнэ.
Кини 1963 сыллаахха ахсынньы 3 күнүгэр Чурапчы оройуонун Одьулуун нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1985 сыллаахха Хабаровскайдааҕы култуура үнүстүүтүн бүтэрбитэ. 1985-87 сылларга Иркутскай уобаласка Сэбиэскэй аармыйа кэккэтигэр сулууспалаабыта. Профессиональнай айар үлэтин 1987 сыллаахха балет артыыһын быһыытынан саҕалаабыта онтон 2015 сылтан — фольклор жанрын элбэх көрүҥүн артыыһын быһыытынан биллэр. Дмитрий Егорович айар-тутар олоҕо – бу артыыс быһыытынан улааппыт, иитиллибит биир кэлэктиибин биир улахан кэрчик кэмэ. Кинини төрөөбүт Сахатын сиригэр эрэ билэр буолбатахтар, аан дойдуга үҥкүүгэ сүдү оруолларын иһин Дмитрий Артемьевы – сахалар Махмуд Эсамбаевтара диэн дэлэҕэ ааттыахтара дуо?! Биир дойдулаахпыт оһуохай үҥкүүтүн, эбэҥки “Сээдьэтин” бастыҥ этээччитин, олоҥхоһут, алгысчыт быһыытынан киэҥник биллэр, сураҕырар.
Дмитрий Артемьев сольнай репертуардарыгар “Легенда о добром охотнике и шестирогом олене”, “Память”, “Приветственный дуэт”, испанскай “Тореро”, перуанскай “Павлин”, индийскэй “Преклонение”, калмыцкай “Чичердык”, японскай “Самурай” уо.д.а. Испэктээктэрин уобарастара Үрүҥ сылгы уонна Суорумньу (“Уруу”), Сээнэгэй эдэр ойуун (“Бохсуруйуу”), Гумберт (“Лолита”), Халлаан киһитэ (“Дао”), улахан куорат Ваганта (“Анатомия революции”), о.д.а. Кини айар үлэтин туһунан “Шире круг”, “Народное творчество” Киин тэлэбиидэнньэ биэриилэригэр сырдаппыттара ону тэҥэ бэйэбитигэр “Лик”, “Сарыал”, “Аал Луук Мас”, “Саҥа күн” — “Саха” НКИХ-гар киэҥник кэпсээн турардаахтар.
Дмитрий Егорович уус-уран киинэлэргэ эмиэ хатыламмат уобарастары айбыт киһинэн биллэр, ол курдук “Уот иччитэ” (“Хозяин огня”, 1998), “Серединный мир” (1999), манна кини Чысхаан уобараһынан (Властелин Холода) “Хотугу форумҥа” Санкт-Петербург куоракка кыттыбыта (2003). 2020 сыл алтынньытыгар режиссёр Павла Костомаров Алтайга устубут “Бансу” диэн уус-уран киинэтигэр уһуллубута. Дмитрий Егорович манна Ойуун уонна Аҕабыыт бастыҥ уобарастарын арыйан көрдөрбүтэ.
Чаҕылхай артыыс олоҕун успуорду кытары эмиэ сибээстиир, сылы аайы ыытыллар Бүтүн Арассыйаатаҕыы “Нация кроһун” бастайааннай кыттыылааҕа, ааһа баран 2022 сыллаахха Томторго ыытыллыбыт “Тымныы полюһа” эстремаллар сүүрүүлэригэр куһаҕана суох көрдөрүүлэммитэ. Дмитрий Егорович өссө биир интэриэһинэй дьарыгынан чорооннору хомуйуу буолар. 18-с үйэттэн саҕалаан бу аныгы кэмҥэ диэри кини коллекциятыгар 60-тан тахса ураты оҥоһуулаах чорооннор бааллара биллэр.
Сэмэн Жендринскэй