Чурапчы улууһун бэтэринээрдэрэ Африка чумаатын бохсорго үөрэнэн кэллилэр

Балаҕан ыйын 14 күнүгэр, СӨ Бэтэринээрийэҕэ департаменын көҕүлээһининэн, Арктическай судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ипподромугар Африка чумаатын бохсорго үөрэттилэр.

 

Сүөһү, кыыл сыстыганнаах ыарыыта турбатын, сыстыбатын уонна тарҕамматын туһугар Бэтэринээринэй сулууспа департаменын үлэһиттэрэ сыллата сыстыганнаах (инфекционнай) ыарыы 71 көрүҥүн, сыстыгана суох ыарыы 67 көрүҥүн утары быһыылары оҥороллор, эмтиир-сэтэрэр үлэ тиһигин утумнаахтык ыыталлар.

 

Сурах быһыытынан, Дьокуускайга чааһынай хаһаайыстыбаҕа бу чумааттан үс сибиинньэ өлбүт. Бэтэринээринэй сулууспа исписэлиистэрэ миэстэтигэр тиийэн өссө биэс сибиинньэ ыалдьыбытын булбуттар.  Бу сурахха олоҕуран, өскөтүн Африка чумаата өрө турар түгэнигэр  эпизоотическай көрдүгэни бохсорго аналлаах үлэни тэрийиигэ үөрэтии ситиһиилээхтик ыытыллыбыт.

Ыытыллыбыт тэрээһиҥҥэ уопсайа бэтэринээринэй сулууспа 80 үлэһитэ кыттыыны ылла. Ону сэргэ уон тиэхиньикэ уонна биир дезинфекциялыыр тэрил туһанылынна.

“Чурапчы улууһуттан 6 исписэлиис, суоппардаах, биир тиэхэньикэлээх кытынныбыт. Үөрэххэ анаан биһиги хаачахтыыр тэрээһин (харантыыҥҥа) уһуллуутугар докумуоннары бэлэмнээбиппит.

Тустаах экспертэр уопсай үөрэҕи үчүгэйинэн сыаналаатылар, туох итэҕэстэр-быһаҕастар баалларын ыйдылар, туһалаах сүбэлэри биэрдилэр. Маннык улахан тэрээһиҥ хамсык кэнниттэн бастакытын ыытылынна. Исписэлиистэр бука бары астынан тарҕастылар. Өскөтүн ыарыы өрө турар түгэнигэр хайдах-туох буолуохтааҕын илэ харахтарынан көрдүлэр. Биһиги тэрилтэбит үлэһиттэрэ эрдэтээҥҥи үөрэххэ кыттыбатах эдэр дьон буолаллар. Атын улуустар исписэлиистэрин кытары санаа атастаһан, билиилэрин балай эмэ хаҥатынан кэллилэр. Инникитин аныгы үөрэҕи киэҥ эйгэҕэ таһаарардыы былааннаннылар. Манна бэтэринэриийэ эрэ сулууспата буолбакка атын бэдэрээлинэй, өрөспүүбүлүкэ уоргаттара кытыннылар, холобура МЧС-тар, баһаарынайдар, олохтоох бэйэни салайыныы үлэһиттэрэ, хаһаайыстыбалара, полиция, ГИБДД сотрудниктара, Россельхознадзордар о.д.а”, — диэн Чурапчы улууһун бэтэринээринэй сулууспатын салайааччыта Лена Николаевна Архипова кэпсээтэ.

Тустаах исписэлиистэр эпизоотическай көрдүгэн тарҕаныан сөбүн туһунан эттилэр,  тоҕо диэтэххэ, ыаллыы сытар Амур уобалаһыгар икки көрдүгэн баара биллибит. Уопсайа Арассыыйа үрдүнэн Африка чумаатын 35 түгэнэ бэлиэтэммитэ ахтылынна. Буолбут тэрээһиҥҥэ бэтэринээрдэр  суһал, сөптөөх үлэни тэрийэр кыахтаахтарын толору көрдөрдүлэр. Эһиилги сылга маннык үөрэҕи оройуоннар икки ардыларыгар ыытары былааннаатылар. Ол курдук 2024 сылга киин, өрүс уҥуор уонна Бүлүү бөлөх улуустарыгар тэрийии туһунан этилиннэ.

Санатан эттэххэ, Африка чумаата түргэнник тарҕанар вируснай ыарыы буолар. Олус түргэнник тарҕанар уонна сибиинньэлэри маассабайдык эһэр айылгылаах куһаҕан дьаҥ диэн бэлиэтииллэр. Африка чумаатын утары быһыы билиҥҥи туругунан хомойуох иһин суох. Бу ыарыы киһиэхэ куттала суох дииллэр, ол эрээри сибиинньэ иитиитинэн дьарыктанар хаһаайыстыбаларга улахан хоромньуну оҥорор кутталлаах диэн сэрэтэллэр.

 Сэмэн Жендринскэй