Тохсунньу 18 күнүгэр Чурапчы улууһун дьаһалтатын ааспыт 2023 сыллааҕы үлэтин отчуота, Төлөй-Мугудай-Одьулуун олохтоохторугар буолан ааста. Урукку сыллартан сүрүн уратыта улуус Аҕа баһылыга Степан Анатольевич Саргыдаев олохтоохтору кытары сирэй көрсөн, онно тутатына туруоруллубут боппуруостарга өйдөнөр гына, чуолкайдык хоруйдаата.
Төлөй Дириҥэр мунньаҕы нэһилиэк баһылыга Игорь Николаев салайан ыытта. 68 киһи кыттыыны ылла.Былырыын холобура ыйытыыга Дьокуускайга диэри такси сыанатыгар, оскуола оҕотун аһылыгар, киин балыыһа үлэтин режимигэр, гааһынан сылытыныыга, ГТО туттарыытыгар баал, тыа хаһаайыстыбатыгар кэлэр тиэхиньикэлэри чааһынайдарга тиксэрэргэ туруорсубут буоллахтарына, быйылгы дьыллаахха Төлөйдөрү ордук тыа хаһаайыстыбатын боппуруостара, суол оҥоһуута, экология, гаас ситимин тардыллыыта уонна таас ыспартыыбынай саала тутуллуута элбэхтик иһилиннэ. Мээндийэ сайылыгын уотун холбонуутугар көҥүл ылыы, 1,5 биэрэстэ усталаах сайылык суолун оҥоруу, бэдэрээлинэй тыраассаҕа дьиэ кыыллара чугас баалларын туоһулуур суол бэлиэтин, күрүө тутааһына, аатырбыт сылгыһыт Михаил Толстоухов аатын үйэтитиигэ дьоһуннаах этиилэр киирдилэр.
Мунньах кэнниттэн улуус баһылыга Степан Саргыдаев, бу соторутааҕыта социальнай хантыраак көмөтүнэн элбэх оҕолоох Александр, Александра Максимовтар саҥардыы үлэҕэ киллэрбит “МАKS” чааһынай бэкээринэ-маҕаһыннарыгар сырытта. Үлэһит дьиэ кэргэн үлэтин-хамнаһын, күҥҥэ төһө килиэби оҥорон таһааралларын, аппаратураларын, маҕаһыын бородууксуйатын көрдө иһиттэ. Степан Анатольевич, олохтоохтору кытары лааппы уочаратыгар туран бэйэ бородууксуйа сип-сибиэһэй килиэптэрин, лэппиэскэлэрин, булочкаларын атыылаһан барда.
Итини сэргэ, Төлөй оскуолатын дириэктэрэ Андрей Деллохов, тустуук уолаттар олорор интэринээттэрин көрдөрдө, күннээҕи үөрэнэр, эрчиллэр эрэсиимнэрин кэпсээтэ, утуйар, суунар-тараанар сирдэрин көрдөрдө.
Мугудайга, бүгүн 8.30 чааска Москуба куораттан саҥардыы көтөн кэлбит нэһилиэк баһылыга Николай Аммосов кэпсэтиини сүрүннээтэ. 106 киһи кыттыыны ылла.
Ааспыт сыллааҕы отчуот кэнниттэн боротокуолга нэһилиэнньэ тыын боппуруоһа, саҥа хочуолунай тутуллуута, көһө сылдьар аптека үлэтэ, стоматология, биэнсийэ үрдээһинэ, сир оҥоруутугар көмө көрүллүүтэ, газгольдер холбонуутугар субсидия төлөнүүтэ, сылгы баазатыгар уот лиинийэтин уларытыы, таҥара дьиэтин реставрациялааһын, сир оҥоһуутугар улахан тиэхэньикэ кэлиитин, олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыба ититиигэ холбооһуна, олорор дьиэлэр, уһуйаан тутуллуулара, мобилизацияттан бронь, олорор түөлбэ подстанциятын кииҥҥэ холбонуу, такси сыанатын хонтуруоллааһын о.д.а кыһалҕалаах ыйытыктар бэриллибит эбит буоллахтарына бу даҕаны сырыыга ититиигэ холбонуу, биэрэги бөҕөргөтүү, хаарбах дьиэттэн көһүү боппуруостара ордук сытыытык туруорулуннулар. Ону таһынан дьон-сэргэ эмиэ Төлөйдөр курдук бэдэрээлинэй тыраассаҕа суол бэлиэлэригэр, Арассыыйа почтата үлэтэ тохтообутун бэлиэтээтилэр. Саҥа НАДь-тин, уһуйааҥҥа благоустройство киириитин туруорустулар.
Одьулууҥҥа буолбут мунньаҕы нэһилиэк баһылыга Людмила Ефремова салайан ыытта. 112 киһи кыттыыны ылла.
Нэһилиэнньэ былырыын хаарбах дьиэттэн көһөрүүгэ, нэһилиэккэ банкомат туруоруллуутугар, свалканы бэрээдэктээһиҥҥэ, байыаннай мобилизацияҕа боппуруостары итиэннэ саҥа балыыһа туттарыытыгар санааларын үллэстибит буоллахтарына быйыл даҕаны ыйытыылара улаханнык уларыйбата, ордук күүскэ Чурапчы сыбаалкатын итиэннэ сир-уот бэрээдэктэниитигэр суолта уурдулар. Түмүккэ нэһилиэк баһылыга Людмила Ефремова, эһиил биллэр фольклорист Дмитрий Дьячковскай-Сэһэн Боло 120 сылыгар анаан, өрөспүүбүлүкэҕэ кини бүүһүн туруорууга, анал хамыыһыйа тэрийэн үбүлүөйү бэлиэтиир дьаһалы былаанныырга ону таһынан Одьулуун оскуолатын үбүлүөйүн көрсө, өрөмүөҥҥэ анаан матырыйаалынан хааччыйалларыгар көрдөстө.
Отчуоту истиигэ, дьүүллэһиигэ дьон санааларын чопчу тиэрдэр, боппуруостары сөпкө аттаран туруорар, кыһалҕаларын аһаҕастык этинэр буолбуттар. Түмүккэ олохтоохтор улуус салалтата ыытар үлэтин сөптөөҕүнэн сыаналаатылар уонна “Уолбутугар Степан Саргыдаевка эрэлбит улахан, кытаат! Баһылыкпыт эбиллибит, сайдыбыт! Дойдубут салайааччытын өйүөҕүҥ” диэн алгыс тылларын анаатылар.
Отчуот туруоруллубут үс нэһилиэгэр улуус дьаһалтата ааспыт сылга таһаарыылаахтык, бары хайысхаҕа ситиһиилээхтик үлэлээбитин бэлиэтээтилэр. Биир санаанан үлэни сөптөөҕүнэн сыаналаатылар.
Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ