Улуус баһылыга Степан Саргыдаев сыл туох суолталааҕын быһаарда:
Кэлэн иһэр 2024 сылы Чурапчы улууһугар Ыал саргытын сылынан биллэрдим. Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сыла, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас сыла, биһиги улууска Ыал саргытын сыллара биллэриллэннэр бэйэ бэйэтин үс бүк ситэрсэн биэрэр ис хоһоонноох дьиэ кэргэҥҥэ, оҕо аймахха, ыалга улахан болҕомтону уурар сыл үүммүтүнэн эһигини улуус салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан истиҥник эҕэрдэлиибин!
Саамай истиҥ иэйиилэр, сырдык уонна умнуллубат ахтылҕан санаалар дьиэ кэргэни, айыллыбыт алаһа дьиэни кытта ыкса ситимнээхтэр. Ыал – ханнык баҕарар судаарыстыба тирэнэр тирэҕэ, норуот барҕарыытын туллар тутааҕа, сайдар тулааһына. Дьиэ кэргэн оҕо барахсан хараҕа аһылларыгар, элбэҕи билэ-өйдүү улаатарыгар, саргылаах суолу тутуһарыгар, онуоха үтүө холобур буолан, сиэрдээххэ, кырдьыкка уһуйан, ыарахаттартан чаҕыйбат дьоллоох киһи буола үүнэн тахсарыгар тирэх буолар.
Бүгүн биһиги улууспут Саха сирин биир тэтимнээхтик сайдар улууһунан буолар. Онуоха сүрүн тирэхпит дьиэ кэргэн, ыал буолар. Биһиги Чурапчыбыт улууһугар элбэх оҕолоох ыаллар сыллата эбиллэн иһиилэрэ үөрдэр. Элбэх оҕолонуу – ыал саргытын, ыал толору дьолун, оҕону атахха туруорууга инникигэ эрэлэ сүҥкэнин кэрэһилиир. Олоххун, удьуоргун салгыыр ыччаты иитэн таһаарыы хас биирдии ыалга улуу дьол буолар. Улууспутугар уһун сылларга дьоллоохтук бииргэ олорбут ыалларбыт, тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолору иитэр күн айыы санаалаах дьиэ кэргэттэрбит, идэлэрин толору баһылаан үлэһит династиятын олохтообут, талба талааннарынан Чурапчыны Чурапчы дуо дэппит ыалларбыт элбэхтэринэн киэн туттабыт. Дойду үрдүнэн дьиэ кэргэҥҥэ улахан болҕомто ууруллар сылыгар хас биирдии ыал олоҕо уйгулаах, оҕо саас дьоллоох буолуутугар кыһамньы хаһааҥҥытаҕар да күүһүрүөҕэ. Ыалларбыт сарсыҥҥылара сырдык, кэрэ буоларын туһугар туох кыалларын барытын оҥоруохпут диэн эрэнэбин!
Улуус хас биирдии ыалыгар саргылаах олоҕу, туйгун туругу, или-эйэни, уйгулаах олоҕу уонна ситиһиилэри баҕарабын!
Елена Макаринская, Сэмэн Жендринскэй хаартыската