Улуу буурҕа ытыйан, сири-халлааны тэҥниир кэмигэр, туундараҕа тыыннаах олох туоһута буолан, Саха литэрэтиирэтин дьолугар, Чурапчытын алгыһын ылынан төрөөбүт норуотугар сүҥкэн туһалаах киһи буолаары, уол оҕо төрөөбүтэ. Кулун тутар 1 күнүгэр СӨ норуодунай суруйааччыта, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, литэрэтиирэ кириитигэ, тылбаасчыт, бэйиэт, публицист, Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай, Амма Аччыгыйын аатынан Ил Дархан, Семен Новгородов аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин бириэмийэлэрин лауреаттара Семен Андреевич Попов-Сэмэн Тумат лоп курдук 80 сааһын туолбут “Көлүөнэ дьулурҕа үлэһитэ” үбүлүөйүнэй тэрээһин буолла.
Бу күннэргэ Саха сирин биир бөдөҥ, биллэр-көстөр суруйааччыларын үрдүк аатыгар Болтоҥо, Болугур, Чурапчы нэһилиэктэрин оскуолаларыгар бэрт элбэх тэрээһиннэр буолан аастылар. Улуустааҕы киин бибилэтиэкэ тэрийиитинэн “Сэмэн Тумат айар аартыгынан” кинигэ быыстапката турда, “Үөрүү” оҕо дьоҕурун сайыннарар киин “Уран тыл уустарын мэтириэттэрэ” үөрэнээччилэр уруһуйдарын быыстапкатын көрдүлэр. Т
эрээһин саҕаланыан иннитигэр суруйааччы 80 сааһын көрсө “Төрөөбүт төрүт тылым” улуустааҕы оскуола үөрэнээччилэрин икки ардыларыгар ыытыллыбыт уус-уран ааҕыы уонна тыйаатырдар туруорууларын көрүү күрэҕэр саха тылын, литэрэтиирэтин учууталларын методическай холбоһуга итиэннэ АГИКИ үһүс кууруһун устудьуоннара Арина Макарова, Ульяна Мухоплева туруорууларыгар Сэмэн Тумат “Албыннатыы” кэпсээниттэн быһа тардыыны, Семен Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын “Утум” тыйаатыр бөлөҕө көрдөрдүлэр.
Бүгүҥҥү үөрүүлээх тэрээһини улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Мария Кронникова иилээн-саҕалаан ыытта.
Үбүлүөйдээх Ытык киһибитин эҕэрдэлиир дьоро чааска Чурапчы улууһун Аҕа баһылыга Степан Саргыдаев, Дьокуускай куораттан Саха норуодунай суруйааччыта, РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Николай Лугинов, Саха норуодунай суруйааччыта, бэйиэт, прозаик, СӨ үтүөлээх артыыһа Елена Слепцова-Куорсуннаах, бэйиэт, публицист, Саха сирин суруйааччыларын Сойууһун бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ, “Чолбон” сурунаал бас эрэдээктэрэ Гаврил Андросов, СӨ үтүөлээх суруналыыһа, “Чолбон” сурунаал бас эрэдээктэрин солбуйааччыта Данил Макеев, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Хоптоҕо нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Павел Федоров-Сомоҕо кыттыыны ыллылар.
Тэрээһин бастакы түһүмэҕэр, Чурапчытааҕы киин бибилэтиэкэ сэбиэдиссэйэ Вера Платонова, Сэмэн Тумат “Номох уонна дьылҕа” диэн кинигэтин сиһилии ырытан билиһиннэрдэ.
Семен Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын 5 “а” кылааһын үөрэнээччилэрин уонна “Чурапчы” литэрэтииринэй түмсүү чилиэннэрин толоруугар суруйааччы хоһоонноруттан литэрэтииринэй дьүһүйүүлэри иһиттибит.
Норуодунай суруйааччы олоҕун уонна айар үлэтин туһунан дьоһуннаах дакылаады, Саха норуодунай суруйааччыта Елена Слепцова-Куорсуннаах оҥордо.
Семен Андреевиһы үбүлүөйдээх 80 сааһынан Чурапчы улууһун Чурапчы, Болтоҥо, Хоптоҕо, Одьулуун, Арыылаах, Мугудай нэһилиэктэрин баһылыктара, Бүтүн улуус үөрэҕин управлениетыттан оскуола дириэктэрэ, уһуйаан сэбиэдиссэйдэрэ, өр сылларга үлэлээбит “Саҥа олох” эрэдээксийэтин кэлэктиибэ, РФ суруналыыстарын Сойуустарын чилиэттэрэ, улуустааҕы култуура управлениетын, НАДь-рин үлэһиттэрэ, чугас аймах-билэ дьонноро истиҥ эҕэрдэлэрин тириэртилэр, ытык киһилэригэр кытаанах доруобуйаны, уһун үйэни баҕардылар.
Бу күннэргэ улууска Семен Попов-Тумакка аналлаах уруһуйга уонна хоһоон ааҕыытыгар улахан куонкурустар ыытылыннылар, ол түмүгүн таһаарыы үөрүүлээх чааһа буолла, кыайыылаах үөрэнээччилэр норуодунай суруйааччы аатыттан махтал суруктары, сэмэй бэлэхтэри туттулар.
Түмүккэ Сэмэн Тумат: “Мин көлүөнэм улахан охсуулары, алдьархайдаах репрессиялары ааспыт көлүөнэ утумун туппут буоламмыт, биһиги ити өттүгэр хайысхабытын уларыппакка үлэлээн-хамсаан кэллибит. Холобур, Николай Лугинову, Наталья Харлампьеваны, Харысхалы, Ойукуну, саамай кырдьаҕаспыт Тумарчаны, Николай Калитины, Андрей Кривошапкины, уо.д.а. ыллахха, ити курдук хайысхалаахтык үлэлээтилэр. Онон биһиги көлүөнэ аҕа көлүөнэ иннигэр исэпитин төлөөтүбүт уонна өссө да үлэлиэхпит буоллаҕа.
Инники көлүөнэ үчүгэйин утумнаан, кинилэри кытта эҥээрдэһэн сылдьан, тылларын-өстөрү истэн хаалыы олоххо улахан туһалаах. Улахан убайдарбытын кытта тэҥҥэ сылдьыспыт буоламмыт, туохтан үөрэллэрин-хомойоллорун көрөн-истэн, биһиги онтон тирэҕирэн, Киһи буолбут дьоммут.
Ол үчүгэй утум баар буолан, эн онно хайаан да кыттаҕын, кэҥэтиһэҕин, дириҥэтиһэҥин. Үчүгэй утум суох буоллаҕына, дьэ, иэдээн.
Сүрдээх үчүгэй хамаандаҕа түбэһэммин, үлэлии-хамсыы сылдьабын. Урут төрөөбүт буолан, сороҕор син туһалыыбын быһыылаах. Суруйааччылар көлүөнэнэн түмүстэхтэринэ, үчүгэйи оҥороллор ээ. Наталья Ивановна салалтатынан, бэстибээллэри ыытан, антологиялары таһаартаран, эдэрдэри хамсатан, үлэ бөҕөтө ыытылынна. 20 сыл устата Суруйааччылар сойуустарыгар бырабылыанньа чилиэнэбин. Бырабылыанньа сорудаҕын биири да хаалларбакка, толорон иһэбин. Ол саныахха эмиэ үчүгэй. Мин сойууһум саха тыллаах ытыктыыр түмсүүтэ, аан бастаан саха норуотугар элбэх суруйааччыны биэрбит сойуус буоллаҕа дии.
Улахан утум, тирэх баарын, ону көлүөнэ оҥорор. Утумнуура суох буоллаҕына, көлүөнэ көлүөнэ буолбат. Утумнуур эрэ көлүөнэ дьайыылаах, тахсыылаах үлэлээх буолар. Биһиги утумнаахпыт, улуу убайдарбыт дьыалаларын салгыыбыт. Саамай сүрүнэ, биһиги кинилэр кырдьыктарыгар эрэнэр этибит. Онон убайдарбыт кырдьыктарын булунан өлөөхтөөтүлэр.
Наһаа көҥдөй көлүөнэ буолбатахпыт, сыаллаах-соруктаах үлэлии-хамсыы сылдьабыт”, — диэн эттэ.
Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ