А.А.Саввин аатынан Чурапчытааҕы история уонна этнография түмэлин көҕүлээһининэн, оскуола музейдарын икки ардыларыгар улуустааҕы «Саввин тэлбит суолунан» күрэх ыытылынна.
Улуус 11 оскуолатыттан барыта 39 оҕо кытынна. Кинилэр икки түһүмэҕинэн күрэхтэстилэр. Бастакы, «Биһиги бастыҥ чинчийээччилэрбит» түһүмэххэ оскуола музейын актыыбыгар үлэлиир оҕолор бэйэлэрин музейдарын туһунан билиһиннэрдилэр. Ол курдук, музей историятын, музей бырайыактарын уонна ыытыллар тэрээһиннэри, үгэстэри сиһилии сырдаттылар. Онтон иккис түһүмэҕинэн «Сыл бастыҥ экскурсовода» күрэх буолла. Манна хамаандаттан биирдии оҕо аҕалбыт экспонаттарын, экскурсияны ыытыы бары быраабылаларын тутуһан туран, олус интэриэһинэйдик кэпсээтилэр.
Кыттааччылар үлэлэрин, билиилэрин-көрүүлэрин улуустааҕы үөрэх салалтатыттан оскуола музейдарын салайар Эрэл Аммосов, улуустааҕы култуура салалтатыттан “Ай” норуодунай устуудьуйа сүрүннүүр специалиһа Айылгы Пинигина уонна Чурапчытааҕы музей научнай сотруднига Юрий Толстоухов састааптаах дьүүллүүр сүбэ сыаналаата.
Күрэх уопсай түмүгүнэн бастакы миэстэни Г.Д.Протодьяконов аатынан Алаҕар орто оскуолатын хамаандата (сал. Валентина Максимова), иккис миэстэни И.М.Павлов аатынан Чурапчы орто оскуолатын хамаандата ( сал. Михаил Дьячковскай), үһүс миэстэни Г.П.Башарин аатынан Сылаҥ орто оскуолатын хамаандата (сал. Клара Макарова) ылары ситистилэр.
Оттон анал ааттар кыайыылаахтарынан буоллулар: “Бастыҥ чинчийээччи хамаанда” — С.К.Макаров аатынан Чурапчытааҕы гимназия, “Сыл бастыҥ экскурсовода” — Сылаҥ орто оскуолатын үөрэнээччитэ Вася Дьячковскай уонна «Сыл бастыҥ салайааччыта» — кыайыылаах хамаанда салайааччыта Валентина Максимова.
Василена Мохначевская, музей үлэһитэ:
— Күрэххэ олус чаҕылхайдык саҥарар, элбэҕи билэр оҕолору көрөн үөрдүбүт. Сылаҥтан Вася Дьячковскай, И.М.Павлов аатынан оскуолаттан Эрсан Макаров, Алаҕар орто оскуолатыттан Саша Говоров, Дириҥ орто оскуолатыттан Лина Иванова, Д.П.Коркин аатынан оскуолаттан Тима Кузьмин ыйытыктарга сөптөөх, сиһилии хоруйдары биэрдилэр. Бары кыттааччылар дойдуларын таптыыллара, историяҕа элбэҕи билиэхтэрин-көрүөхтэрин баҕараллара биллэ көстөр.
Түгэнинэн туһанан, И.М.Павлов аатынан орто оскуола музейын салайааччытыгар Михаил Дьячковскайга махталбытын тиэрдэбит. Кини Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарын үйэтитиигэ аналлаах экспедицияларга сылдьыбытын туһунан күрэх кыттааччыларыгар сиһилии сырдатта. Бу тэрээһиммитин И.М.Павлов аатынан оскуола үөрэнээччитэ Павел Дьячковскай оҥоһуктарын быыстапката киэргэттэ. Кини 13 тааҥка көрүҥүн пластилинтан оҥорбутун кэлбит дьон сэргии көрдө.
Андрей Андреевич Саввин эппитинии: «Ким бэйэтин дойдутун таптааччы, кини ааспыт историятын сурукка-бичиккэ киллэриэн баҕарааччы, бары бу дьыалаҕа кыттыыны ылаллара махталлаах суол!» — диэн туран, үйэтитии үлэтигэр кыралыын-улаханныын тус кылааппытын киллэрэ турарга ыҥырабын.
Марфа Петрова.