Баай устуоруйалаах, үйэлэргэ олоҕурбут үтүө үгэстэрдээх Семен Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын салалтатын, кэлэктиибин, тыһыынчанан ахсааннаах үөрэнээччилэрин ааттарыттан “Оҕо, төрөппүт, оскуола ситимэ – Семен Новгородов аатынан орто оскуола иитэр үлэтин тирэҕэ” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи сэминээр саҕаланан ыытылла турар.
Улууспут 152 саастаах кырдьаҕас үөрэҕин кыһатыттан билии-көрүү ылынан, куорсун анньынан, үгүс көлүөнэ ыччат олох киэҥ аартыгар үктэммитэ, киһи киэн тутта ааттыыр үтүөкэннээх дьоно айымньылаахтык үлэлээн-хамсаан ааспыттара. Биһиги киэн тутта ааттыыбыт историческай наука докторын Георгий Башарины, филологическай наука докторын Евдокия Коркинаны, экономическай наука докторын Егор Борисовы, Саха норуодунай суруйааччытын Василий Яковлев-Даланы, үс Олимпиеһы ииппит Сэбиэскэй Сойуус үтүөлээх тириэньэрэ Дмитрий Коркины, буойун-учууталы Степан Макаровы о.д.а.
Күн-бүгүн Дархан кыһатыгар 1195 үөрэнээччи, сүүстэн тахса педагог үлэлии, айа-тута сылдьаллар. Хас биирдии төгүрүччү сайдыылаах киһи буолан тахсарыгар анаан оскуола кэлэктиибэ араас хайысхалаах үлэни ыытар, бырайыактары, бырагырааммалары олоххо киллэрэгэ дьулуһар. Ол курдук, 2019 сыллаахха Николай Донской аатынан үөрэҕи сайыннарар уонна идэни үрдэтэр үнүстүүт баазовай оскуолата буолан үлэлэрин саҥалыы саҕалаабыттара. 2020 сылтан саҕалаан Максим Аммосов аатынан ХИФУ холбоһугар киирэн, 2021 сылтан өрөспүүбүлүкэтээҕи инновационнай былаһаакка статуһун ылынан “Сатабыл эйгэтэ” диэн бырайыагы күүскэ үлэлэтэн кэллилэр.
Үөрүүлээх чааска улахан састааптаах кэлэктиип, үөрэнээччилэр толорууларыгар Дойдубут өрөгөй ырыаларын иһиттибит, хормейстер СӨ үөрэҕириитин туйгуна Галина Игнатьева. Оскуола дириэктэрэ, РФ үөэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ Надежда Уарова, Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргыдаев, улуус үөрэҕин управлениетын начаалынньыга Юрий Посельскай, оскуола төрөппүттэрин кэмитиэтин аатыттан Анна Можарова эҕэрдэ тыллары эттилэр.
Бүгүҥҥү сэминээргэ барыта холбоон 80 педагог кыттыыны ыла сылдьар. Оло курдук, Тулагыттан, Амматтан, Амма улууһун Михайловкатыттан, Соморсунуттан, Мэҥэ Хаҥаластан, Уус Алдантан, Чурапчы улууһун оскуолаларыттан дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччылар, социальнай педагогтар, дириэктэр сүбэһиттэрэ, кылаас салайааччылара муһуннулар. Күн устата кинилэргэ анаан “Сүрэхпин оҕолорго аныыбын”, “Сыл бастыҥ учуутала” куонкурустар призердара кыттыылаах кылаас чаастара, араас хабааннаах быыстапкалар тэрилиннилэр, “Сатабыл эйгэтэ” итиэннэ иитэр бырайыактаах, төрөппүттэр түмсүүлэрин, оҕо доруобуйатыгар болҕомтону уурууга маастар-кылаастар ыытыллыахтара.
Онон учуутал-үөрэнээччи-төрөппүт ситимнээх үлэлэрэ үтүө түмүктэрдээх буолуулара күүтүллэр. Бүгүҥҥү сэминээр ол ону барытын бигэргэтэригэр, сэҥээриини ыларыгар эрэниэҕин. Педагогтар бүгүҥҥү күннэрэ, туһалаах, айымньылаах, таһаарыылаах буоллун!
Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ