“Хаһан баҕарар дьон олоҕун таһымын мэдиссиинэ сайдыыта быһаарар” диэн учуонайдар бэргэн этиилээхтэр. Ол эбэтэр, дьон доруобуйа харыстабылын аныгы эмтиир өҥөлөрүнэн төһө туһанар кыахтаахтара олох сайдыытын туоһута буолар. Төһө даҕаны өрөспүүбүлүкэ кииниттэн чугас сыттарбыт, Чурапчы улууһугар доруобуйа харыстабылын ситэрэр саҥа баараҕай уонна аныгы тутуулаах эбийиэгэ үлэҕэ киирэрэ кыра кэм хаалла, инникитин саҥа тэрилинэн хааччыллан, улуус олохтоохторо мэдиссиинэ билиҥҥи өҥөлөрүнэн туһаныахпыт диэн эрэлбит улахан.
Оройуоннааҕы балыыһа салалтатын элбэх тэрийэр үлэтин түмүгэр Чурапчы саҥардыллыбыт балыыһатыгар эмтэнэргэ бары усулуобуйа барыта тэриллэрэ күүтүллэр, итини таһынан улууспут киинигэр мэдиссиинэ исписэлиистэрин бэлэмнээн таһаарар филиал иккис сылын үлэлиир. Ааспыт сылга СӨ Бырабыыталыстыбата Чурапчы балыыһатын ситэрэргэ улахан болҕомтотун уурбута. Өр сылларга тутуута тохтоон турбут эбийиэги «Доруобуйа харыстабыла» бэдэрээлинэй национальнай бырайыак эрэгийиэннээҕи «2021-2025 сылларга Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөх звенотун саҥардыы» бырагырааматыгар киллэрэргэ быһаарбыта. Дьэ, онтон ыла балыыһа тутуутун силигин ситэрии үлэтэ саҕаламмыта. Балыыһа комплексын бастакы уочарата үлэҕэ киириитигэр улуус, оройуоннааҕы балыыһа салалталарын туруорсуулара, СӨ Ил Түмэн дьокутааттарын, Чурапчы дьонун этиниилэрэ болҕомтоҕо ылылынна диэххэ сөп.
СӨ Бырабыыталыстыбатын итиэннэ улуус баһылыгын сыллааҕы отчуоттуур мунньаҕар сылдьан иһиттэххэ хас биирдии нэһилиэккэ медик ахсаана тиийбэтин туһунан этиилэр киирэллэрэ. Николай Сергеевич Сивцев кылаабынай бырааһынан ананан кэлиэҕиттэн каадыр боппуруоһугар улахан болҕомто уурулунна. Итинэн сиэттэрэн нэһилиэктэргэ, улууспут киинигэр туох идэлээх саҥа быраастар, сиэстэрэлэр кэлбиттэрин билиһиннэрэбит:
Изабелла Ивановна Константинова – гинеколог быраас
Инна Иннокентьевна Сосина – эпидемиолог быраас
Игорь Игоревич Харлампиев – Чурапчытааҕы поликлиника сэбиэдиссэйэ
Мария Гаврильевна Жиркова – педиатр быраас
Диана Трофимовна Захарова — оҕо балыыһатын сиэстэрэтэ
Сардана Семеновна Стручкова – Хатылы нэһилиэгин терапевт бырааһа
Петр Егорович Барашков – Арыылаах нэһилиэгин терапевт бырааһа
Евгения Саввична Павлова – Хатылы нэһилиэгин биэлсэрэ
Зоя Егоровна Борисова – Хадаардааҕы ФАП сиэстэрэтэ
Сардаана Петровна Афанасьева – Чакырдааҕы ФАП акушерката
Роксалана Владимировна Андреева – Төлөйдөөҕү ФАП сиэстэрэтэ
Татьяна Николаевна Константинова – Мугудай нэһилиэгин терапевт бырааһа
Дьэ онон, Чурапчы дьоно-сэргэтэ нэһилиэнньэ доруобуйатын тупсарыыга ыытыллар үлэҕэ, балыыһа тутуутун салгыырга кэмигэр быһаарыы ылыллыбытыгар, мэдиссиинэ саҥа өҥөлөрүнэн туһанар кыахтаммыттарыгар, ыраас, сырдык, аныгы дьиэҕэ эмтэнэр буолбуттарыгар өссө да улаханнык махтаныахпыт турдаҕа.
Сэмэн Жендринскэй