Чурапчы улууһугар “Культурный код” чинчийэр-үөрэтэр экспедиция саҕаланна

Тойук, олоҥхо, мандар, симэх, иэйии, талаан, чороон, дорҕоон, оһуор, тыын, өркөн, театр, хомус, уһуйуу, хамсаныы, көстүү, тыл, талба, ойуу, турук, үҥкүү, сурук, ырыа – бу этиллибит тыллар бука барыта биһиги Чурапчыбыт улууһун култууратыгар быһаччы сыһыаннаах көстүүлэр. Экспедиция номнуо тэриллэн, култуура үлэһиттэрэ хайыы үйэ 10.00ч айаҥҥа туруммуттара.

“Культурный код” диэн туох эбитий? Туохха олоҕуран тэрилиннэ?

  • Биһиги улууспут култууратыгар бастатан туран олус интэриэһинэй көстүү баар. Ол эбэтэр хас биирдии нэһилиэк бэйэтэ тус-туһунан суоллаах-иистээх. Холобура, Мугудай нэһилиэгэр үҥкүүһүттэр уутуйан үөскүүллэр, Чакыр нэһилиэгэр олоҥхоһуттар, фольклору толорооччулар, Алаҕардар ырыаһыттарынан, Хоптоҕо нэһилиэгэр ойууһуттар үөскүүллэр диэн буолар. Бу көстүүлэр сүрүн идеяларын улууспут сайдан кэлэр устуоруйатыттан оччолорго үлэлээбит дьоммутуттан иитиэхтэнэн кэллэҕэ. Бу маны барытын сүрүннээбит киһинэн, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, биһиги улууспут култууратын аксакала Валерий Петрович Герасимов буолар. Бу идеяны ыламмыт, итинтэн сиэттэрэн “Айылгы” оройуоннааҕы НАДь-тэ, дириэктэр Розалия Игнатьева “Культурный код” диэн экспедиция бырайыагын саҕалаан эрэбит. Иккиһинэн, норуотунай статустаах норуот айымньытын дьиэтин исписэлиистэрэ нэһилиэктэргэ үлэлиир НАДь-рин үлэһиттэригэр көмө быһыытынан норуот уус-уран айымньытын хайысхаларыгар сүбэ-ама буоларга туһуланар. Ол курдук улууспут 17 нэһилиэгин барытын кэрийэммит, “Айылгы” НАДь-тин исписэлиистэрэ хас биирдии ханр хайысхаларынан о.э үҥкүү туруорааһыныгар, ырыаны оҥорон биэриигэ итини сэргэ фольклорнай нүөмэрдэри ыраастаан, сааһылаан биэрэргэ көмө оҥоруохтара, үйэтитиигэ анаан “Золотой фонд” диэҥҥэ передачалары устуохпут. Итини таһынан илиинэн оҥоһуктар быыстапкаларын “Ай” норуотунай устуудьуйа тиийэн көрөр. Бу кэмҥэ быыстапка тэриллэр сүрүн сыала-соруга диэн саҥа талааннары көрдөөһүн. “Айылгы” НАДь-тэ тэрийбит улахан бырайыага сүрүн чинчийэр-үөрэтэр үлэтин саҕалаата, — диэн “Айылгы НАДь-тин норуот уус-уран айымньытын отделын салайааччыта Елена Дьячковская билиһиннэрдэ.

Култуура исписэлиистэрэ бүгүн Соловьев уонна Болтоҥо нэһилиэгэр сылдьаллара былааннанар.

 

Сэмэн Жендринскэй