Чурапчы улууһун аҕам саастаах дьон, ыччаттар, оҕолор бүгүн о.э. ыам ыйын 21 күннэригэр Үлэҕэ уонна Оборуонаҕа бэлэм буолуу (ГТО) нормативтарын туттарыы бэстибээлигэр “Боотур Уус” стадиоҥҥа муһуннулар. Эт-хаан өттүнэн туруктарын бэрэбиэркэлэнэн көрүөхтэрэ.
Үлэҕэ уонна Оборуонаҕа бэлэм буолууну (ГТО) нормативтарын туттарыыны улууспут успуорка уонна физическэй култуураҕа управлениета 2015 сыл сэтинньи ыйыттан саҕалаабыта. 2022 сылтан улууска успуорт салаатыгар салайааччынан Дьулустан Васильевич Егоров ананан, бу хайысханы былааннаахтык уонна тэрээһиннээхтик ыыта сылдьар. Бастаан утаа оскуола үөрэнээччилэрэ уонна бүддьүөт тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ, ол иһигэр улуус дьаһалтатын отделларын салайааччылара бастакынан нормативтары туттардылар.
Бүгүҥҥү күн, бу хайысха сыалын-соругун кылгастык Дьулустан Егоров бу курдук эттэ: «Үлэҕэ уонна Оборуонаҕа бэлэм буолуу (ГТО) нормативтарын туттарыы улахан дьоҥҥо 18 сааһыттан тутуллар. Хас биэс сыл ахсын сааһынан араастаһан туттараллар. Манна нуормалара тус-туһунан буолар уонна саастара улаатан истэҕин аайы норматив чэпчээн иһэр. ГТО туттарыы киһиэхэ бэйэтигэр сааһыгар эт-хаан өттүнэн төһө сөп түбэһэрин, тус туругун көрдөрөр. Холобура, ханнык эрэ көрүҥҥэ кыайан туттарбат буоллаҕына, киһи туһааннаах былчыҥнарын үлэлэтэн, сайыннаран эбии эрчиллэн-дьарыктанан хос туттарар. ГТО нормативтарын туттаран, киһи бэйэтин сааһыгар чэгиэн туругун бэрэбиэркэнэр түһүмэҕэ буолар.
Бүгүҥҥү тэрээһиммитигэр улууспут бары нэһилиэктэриттэн кэллилэр. Быйылгы сыллаахха “Ыал саргыта” бырайыак чэрчитинэн, дьиэ кэргэн ГТО-та диэн бүгүҥҥүттэн саҕалаан үс түһүмэҕинэн ыытабыт.Уопсай түмүк сыл бүтүүтэ тахсыаҕа, манна балаһыанньаҕа суруллубутунан дьиэ кэргэн икки төрөппүт хайаан даҕаны кыһыл көмүскэ туттарбыт буолуохтаах уонна үс оҕо диэн этиллэр. Кыайыылаах дьиэ кэргэҥҥэ улуус дьаһалтатын аатыттан ыспартыыбынай муннук (былаһаакка) бэлэх туттарыахпыт. Инникитин даҕаны дьон-сэргэ кэлэн ГТО-ҕа көхтөөхтүк кыттыахтарын наада, бүгүн элбэх киһи муһунна. Мантан салгыы өссө сайыҥҥы, күһүҥҥү түһүмэхтэр диэн эмиэ бааллар».
Бэстибээл үөрүүлээх арыллыытыгар улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Мария Кронникова, улуус успуорка уонна физическэй култуураҕа управлениетын салайааччыта Дьулустан Егоров,
Чурапчытааҕы оҕо ыспартыыбынай оскуолатын инструктор-методиһа, ГТО нуорматын тутууга кылаабынай судьуйа Данил Ноев бэлэмнээн, тэрийэн ыыттылар. Манна миэстэттэн ырааҕы ыстаныыга, имигэс буолууга, ыспартыыбынай ыскамыайкаттан тайанан анньыныыга, перекладинаҕа тардыныыга, олорон эрэ көхсүнү көтөҕүүгэ итини сэргэ, гиирэни анньыыга, буулдьанан ытыыга, гранаатаны ыраахха быраҕыыга о.д.а көрүҥнэргэ ГТО нуормаларын кылгас кэм иһигэр 500-кэ оҕо-ыччат кэлэн көхтөөхтүк туттаран саҕалаатылар.
Чурапчы нэһилиэгэр олоххо көхтөөх, ону таһынан успуорка ситиһиилээх дьон аҕыйаҕа суохтар, олортон биирдэстэринэн Иван Павлов аатынан Чурапчы орто оскуолатын физкултуураҕа уонна ОБЖ-га учуутала, “Память” БПК салайааччыта, оҕунан ытыыга “Манчаары” Оонньууларын чөмпүйүөнэ Александр Оконешников буолар.
Александр Андреевич оскуола оҕолорун түмүүгэ сыралаахтык үлэлэһэн, бүгүн үөрэнээччилэрэ көхтөөхтүк кытта кэлбиттэр: “Быйыл 10 кылаастан саҕалаан успуорка бэйэлэрин көрүҥнэринэн утумнаахтык дьарыктанар үөрэнээччилэрбит кэллилэр. Кинилэри сэргэ 5-6-7-8 кылаастар бааллар. Барыта холбоон 20 оҕону аҕаллым. Аныгы оҕолор эт-хаан өттүнэн сайдыылара, көрдөрүүлэрэ орто соҕус диэххэ сөп. Анаан-минээн дьарыктанар успуортарын эрэ көрүҥэр дэгиттэр буолаллар. Оскуолабыт иһинэн эмиэ “Эрэл” бырагыраамма иитинэн ГТО нуорматын кыһын, саас, күһүн аайы туттараллар. Бу тутар нормативтара саастарыгар сөптөөх, ханнык баҕарар киһи баҕардаҕына тургутугу ааһыан сөп. Бүгүн кытта сылдьар нэһилиэгим дьоно, имигэстэрин, кыаналларын көрдөрдүлэр”, — диэн сүргэтэ көтөҕүллэн туран кэпсээтэ.
“Боотур Уус” стадионугар көхтөөхтүк кэлбит аҕам саастаах, ыччаттар, оҕолор Чурапчы улууһун олохтоохторо бэйэлэрин саастарыгар сөп түбэһэр, Үлэҕэ уонна Оборуонаҕа бэлэм буолуу (ГТО) нормативтарын бу күн «Көмүскэ» туттаран, харахтара уоттанан үөрэн-көтөн тарҕаһыахтара.
Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ