Чурапчы улууһун дьаһалтатын көҕүлээһининэн, уопсастыбаннай бэрээдэги харыстааһыҥҥа, буруйу оҥорууну утары охсуһууга хорсун быһыылары оҥорбут, баһаарга уонна да атын ыксаллаах быһыыга-майгыга түбэспит дьону быыһыыр туһуттан бэйэни харыстаммат буолууну көрдөрбүт, маны сэргэ байыаннай, гражданскай уонна служебнай эбээһинэстэри толорууга хорсун уонна сөптөөх быһаарыылаах дьайыылары оҥорбут үтүөлээх дьону биһириир уонна Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа Гаврил Дмитриевич Протодьяконов аатын үйэтитэр сыалтан түөскэ иилиллэр бэлиэ олохтонно.
Аҕа дойду Дьоруойдарын күнүгэр сөп түбэһиннэрэн улуус баһылыга Степан Саргыдаев уонна улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Яков Оконешников бастакы наҕараадалары эр санааларын уонна хорсун быһыыларын иһин Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар Петр Мироновка уонна Иннокентий Ноговицыҥҥа туттардылар.
Гаврил Дмитриевич Протодьяконов — Берлиҥҥэ тиийэ фашистары урусхалласпыт аатырбыт артиллерист, Сталинград кыргыһыытын дьоруойа. Кини Сэбиэскэй Сойуус дьоруойунан билиниллибэтэҕин да иһин, саха дьонугар дьиҥнээх норуот дьоруойа буолар. Сүдү киһибит үтүө аата үйэлэргэ умнуллубат!
Марфа Петрова.