Чурапчы улууһугар инньэ 1970-с сыллартан саҕалаан араас харамайдар уҥуохтара көстүтэлээн барбыттара, бу икки сыллааҕыта чугас Хатылы нэһилиэгиттэн Сэмэн Дорогунов бэрт улахан сэлии муоһун булбута онтон былырыын күһүн, балаҕан ыйыгар Арыылаах-Кытаанах икки ардыгар эмиэ сэлии, бизон кырамталарын буланнар учуонайдар онно тустаах үлэлэри ыытан турардаахтар.
Бу саас, улуус баһылыгын бастакы солбуйааччыта Егор Сивцев кабинетыгар Саха сиригэр киэҥник биллэр учуонайдар, СӨ НА мамонтовай фауна отделын чинчийээччи-инженерэ Иннокентий Павлов уонна б.н.к, кылаабынай научнай сотрудник Альберт Протопопов кэлэннэр өтөрүнэн истибэтэх сонуннарбытын сырдатан турардаахтар.
Онтон бэҕэһээ, атырдьах ыйын 16 күнүгэр, биэс киһилээх экспедиция Хонду үрэҕин сүнньүнэн күүстээх үлэни ыыта сылдьалларын истэммит, бойобуой дьайыы бэтэрээнэ Иннокентий Варламов суоппардаах, УАЗ “ХАНТЕР” массыынанан балай эмэ уһуннук айаннааммыт, туһааннаах сирбитигэр тиийэ сырыттыбыт.
Учуонайдар, уһун кэмҥэ үлэлиир дьон сиэринэн табыгастаах сири буланнар, балааккаларын туруорунан олохтоохтук оҥостубуттар. Дьэ уонна биир-биир кэпсэтиибитин саҕалаатыбыт.
СӨ НА мамонтовай фауна отделын чинчийээччи-инженерэ Иннокентий Семенович Павлов: “Чурапчы улууһугар атырдьах ыйын 8 күнүттэн үлэлии сылдьабыт уонна бу 22-кэ түмүктүөхтээхпит. Булууларбыт үчүгэйдэр, манна хайысхата сүрдээх элбэх. Сүрүн быһаарыылар бу булумньуларбытыттан тахсыахтаахтар. Эрдэтээҥҥи сабаҕалааһынынан мааманнар иннилэринээҕи кэм диэн этэ, ол онтубутун бигэргэтэн биэрэр билиҥҥи булумньуларбытыгар саҕахтар бааллар. Булбут уҥуохтарбытыгар носорог, бөрө кэлин атаҕа, бизон, антилопа, бэдэр, сэлии атаҕын уҥуоҕа, кыыл таба о.д.а бааллар. Итилэри сэргэ кутуйах бииһин уустарын уҥуохтара олус элбэхтэр, итинник көстүү онно-манна син бааллар, ол гынан баран көстүбүт ахсаана (объема) Чурапчыга элбэх, бу маннык көстүү холобура Арассыыйаҕа иккис точка буолар. Тоҕо манна тохтоотуҥ диир эбит буоллаххына, ханнык баҕарар чинчийиигэ бу кутуйах бииһин ууһа эрэ бириэмэни быһаарар, ол эбэтэр кинилэр климат уларыйыытыгар мутацияны бараллар, итинэн көрөннөр бу бириэмэ, ол кэм диэн этэр кыахтаахтар. Биһиги отделбыт Дьааҥыга, Абыйга, Орто Халымаҕа үксүн хоту улуустарга сылдьабыт. Бу иннинэ бэйэм Булуҥ улууһугар уонна Новосибирскай арыыларыгар үлэлээн кэллим. Онтон Чурапчы улууһугар кэлэн үлэлээн эрэбит. Олохтоохторго анаан эттэхпинэ, биһиги үрэх сүнньүнэн үлэлиибит, сири-уоту алдьаппаппыт. Инники чинчийиибитигэр мамонтовай фауна иннинээҕи кэм баарын-суоҕун, баар эбит буоллаҕына бу кыыллар хантан кэлбиттэрин быһаарыы буолар. Ити кыыллар бары Чурапчы улууһун территориятыгар олохсуйа сылдьыбыттара биллэр. Түгэнинэн туһанан, бу сырыыбытыгар күүс-көмө буолбут Чурапчы улууһун дьаһалтатын салалтатыгар, чуолаан улуус баһылыгар Степан Саргыдаевка академия аатыттан дириҥ махталбытын тириэрдэбит”.
Александр Лавров, Арассыыйа наукатын академиятын А.А. Борисяк аатынан палеонтологическай үнүстүүт үрдүкү научнай үлэһитэ, Москуба куорат: “Это новое местонахождение мамонтовой фауны и у нас здесь есть некоторые элементы которые указывают на то, что есть животные которые древнее чем поздний плейстоцен (это 70-100 тыс лет), а тут есть по древнее. Что у нас здесь нового? У нас есть россомаха, у нас есть рысь, у нас есть бобр. Вот например бобра и рыси здесь в средней Якутии никогда не находили, мы первые нашли. Вот имеются здесь еще такие обломки, о которых мы пока боимся говорить, но похоже здесь мы еще нашли антилопу, которая жила в теплом климате до ледниковой эпохи”.
Александр Кандыба, Арассыыйа наукатын академиятын Хотугу отделениетын археология уонна этнография үнүстүүтүн таас үйэтинээҕи археология отделын үрдүкү үлэһитэ, Новосибирскай куорат: “На данной территории были найдены первые кадокостные остатки, были обнаружены фрагменты костей которые были сформированы человеком в орудие. Это был первый подъемный материал, поэтому здесь по приглашению академии наук РС(Я) наш институт участвует в археологических разведках для поиска конкретного местообитания человека. Поскольку здесь много палеонтологического материала, которое относится к эпохе плейстоцена т.е. к времени обитания древнего человека, то здесь наверняка есть место где он конкретно жил. Такими дополнительными доказательствами к этому является найденный подъемный материал как каменное орудие, сделанное древним человеком, костяной очеп и часть костей который им был фрагментированным. То есть для какой-то цели они обрабатывались, резались, строгались. На данный момент мы про возраст не можем ничего сказать, потому что мы не делали никаких конкретных датировок, вот именно этих самих предметов. Но в будущем планируем расширить поиски и возможно мы найдем уже место конкретного обитания этого человека. А пока только идут разведывательные работы.
Вот это фрагмент бивня, который древний человек использовал для получения бивневых очепов, вот тут видно следы давления, а здесь получается он отколол, т.е бивень использовался как сырье, так же как и камень для изготовления орудий: наконечники, стрелы и т.д.
А вот этот фрагмент, он скорее всего человеком был отрублен. Но он еще кости использовал для создания таких же орудий. Вот это называется костяной очеп, в данном случае видно что удар был нанесен здесь и вот эти волны удара распространились, как-будто ударили сюда и вот он и откололся, принцип такой. Такие вот вещи получаются.
А вот смотрите, характерный удар, видно же что прямо рубанули. Кости и есть кости, но вот этот вот предмет как раз таки каменный артефакт. Вот он – это конкретное орудие, правильно орудие называется концевой скребок на пластине т.е. пластина эта вытянутое каменное изделие, которое скалывалось от камня и здесь вот оформлен край, который дополнительно вторично обработан. Вот этот кончик называется рабочим т.е. это дополнительный ретушь орудии скребка. Такие вещи очень характерные для эпохи которая называется верхний палеолит, по другому Дюктайская культура. В Чурапче это первая находка. Сразу предупреждаю, это все поднято, это не раскопано, это все нашли на поверхности . В данный момент идет сбор материалов, мы пока ищем где этот культурный слой, чтобы на будущее проводить конкретные археологические раскопки. Сейчас мы можем со 100%-ной уверенностью сказать, что здесь был древний человек, по крайней мере 300 тыс.лет тому назад”.
Биллэн туран, учуонайдар кистииллэрэ хара баһаам, сабаҕалааһыннара үгүс. Суруналыыстары кытары улаханнык сибээстэспэппит дэһэллэр, ол эрэн биһиги улууспут хаһыатыгар сөптөөх иһитиннэриини оҥордулар. СӨ наукатын академията, бу булбут уҥуохтарын Москуба куоракка чинчийиигэ ыытарын таһынан, үөрэтиллэн бүттэхтэринэ төттөрү Чурапчы улууһугар былааннааҕын туһунан иһитиннэрдилэр. Чинчийээччи-инженер Иннокентий Семенович эппитинэн, маннааҕы Чурапчы мусуойугар туспа палеонтологическай муннук оҥороору былаанныыллар эбит, туспа бэлэх быһыытынан. Онон бу палеонтологическай үлэлэр Саха сиригэр эрэ буолбакка, бэйэбит улууспутугар эмиэ туһата үгүс буолуоҕа.
Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ