Чурапчы улууһугар 971 ыал уһаайбанан хааччылынна

Бу сылтан Саха сиригэр элбэх оҕолоох ыаллар сир учаастагын оннугар 200 тыһ солк ылыахтарын сөп буолбута. Харчыны ипотекаларын төлөөһүҥҥэ, кыбартыыра ылыыга эбэтэр дьиэ туттууга туттуохтарын сөп.

Саха сирин бырабыыталыстыбата манна сөптөөх сокуон барылын оҥорон, 2022 сыл бүтүүтэ Ил Түмэн мунньаҕар норуот дьокутааттара сокуону ылыммыттара. Онон бу сылтан сир учаастагын босхо ылартан аккаастанар ыаллар уочараты кэтэспэккэ,  компенсация ылан саҕалаатылар.

Чурапчы улууһугар бүгүҥҥү күҥҥэ сир учаастагын ылыытыгар 1444 элбэх оҕолоох ыал сайабылыанньа  биэрбититтэн, 971 ыал уһаайбанан хааччылынна, 473 дьиэ кэргэн уочаракка турар. Уһаайба оннугар компенсациянан 200 тыһ. солкуобайы 45 дьиэ кэргэн ылла.

Компенсацияны “МФЦ” ГАУ нөҥүө сайабылыанньаны суруйан, тустаах докумуоннары туттаран ылыахха сөп. Эбэтэр  “Е-Якутия” портал нөҥүө электроннайдык. Онно электроннай сайабылыанньа толоруллар, ирдэнэр докумуоннар сыһыарыллаллар.

Айан Платонов, “Ростелеком” тэрилтэ монтёра

Биһиги дьиэ кэргэн босхо уһаайба сирин ылыы уочаратыгар 2020 сыллаахха турбуппут. Быйыл компенсация ылар кыах баар буолбутунан туһанан, сайабылыанньаны суруйан 200 тыһ.солкуобайы ипотекабыт сууматын кыччатыыга ыыттыбыт. Маннык, сир учаастагын ылыан баҕарбат дьоҥҥо харчынан төлөбүр баар буолбута олус үчүгэй эбит.

Татьяна Слюгрова, урбаанньыт

Биһиги уочараппыт ыраах баҕайы буолан, бэйэбит хаһаайына суох сири булан, хамыыһыйаны ааһан 2020 сыллаахха уһаайбабытын докумуоннаппыппыт. Билигин уһаайбабытыгар дьиэбит көндөйө тахсан турар. Гаас ситимэ кэллэҕинэ киириэхпит диэн былаанныыбыт. Билигин сыана барытыгар үрдүү турдаҕына, эдэр, элбэх оҕолоох ыалларга маннык көмө баара наһаа үчүгэй.

Давид Макаров, урбаанньыт

Элбэх оҕолоох ыал буолуохпутуттан хас да сыл уочаракка туран, быйыл босхо уһаайба сирин ыллыбыт. Быйыл сир оннугар элбэх ыал компенсация ылан, биһиги дьиэ кэргэн өссө да кэтэһиэхпитин, хата, арыый эрдэлээн ыллыбыт диэн үөрэбит.

Хаартыскаҕа Слюгровтар тутулла турар дьиэлэрэ

Людмила Горохова