Чурапчы улууһугар 20 күн устата уоту араарыахтара

Кулун тутар 1 күнүттэн саҕалаан Чурапчы улууһугар уот лииньийэтигэр өрөмүөн ыытылларынан сибээстээн, 20 күн устата (субуота, өрөбүл күнтэн ураты) сарсыарда 9 чаастан киэһэ 20 чааска диэри уоту араарыахтара. Бу туһунан Чурапчытааҕы биир кэлим диспетчерскэй сулууспа иһитиннэрэр.

Кулун тутар 1-20 күннэригэр улууска былаан быһыытынан уоту араарыахтара. Тоҕо диир эбит буоллахха, ити күннэргэ “Якутскэнерго” ПАУо Киин электрическэй ситимнэр исписэлиистэрэ Амма, Таатта, Томпо, Уус  Маайа уонна Чурапчы улуустарын уотунан хааччыйар “Майа-Чурапчы” КВЛ-110кВ лииньийэҕэ өрөмүөн үлэтин ыытыахтара.

Былаан быһыытынан “Майа-Чурапчы” хайысханан сүүстэн тахса уот ситимин тирэҕин уларытыахтара. Чурапчы киинигэр дизельнэй        станция бириэмэтин аттаран уоту уочаратынан холбуура күүтүллэр.

 

Сэмэн Жендринскэй