Чурапчы Түөйэтигэр өйдөбүнньүк скверэ аһылынна

Биһиги түөлбэбитигэр Оҕуһурга биир дойдулаахпыт, Ленинград блокадатын, Хоту көһөрүллүү  кыттыылааҕа, педагогическай үлэ бэтэрээнэ А.Т. Старостина төрөөбүтэ 100 сылын көрсө «Өйдүүбүт, киэн туттабыт» Хоту көһөрүллүү уонна аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарыгар анаммыт сквер үөрүүлээх аһыллыыта Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбыннаһын күнүгэр өрө көтөҕөллүүлээхтик ааста.

Сквер бырайыагын  ааптара П.Г. Местникова көҕүлээһининэн, оскуола-саад үлэһиттэрэ биир санааланан, Е. И.  Макаров олохтоох дьаһалта өйөөн  оҥоһулунна. Сквер аһыллыытын үөрүүлээх тэрээһинигэр Хоту көһөрүллүү кыттыылаахтара, нэһилиэк ытык кырдьаҕастара А.М.Новгородова, Г.И. Монастырев, Б.П.Баишев уонна Сылаҥ нэһилиэгин бэтэрээннэрин түмсүүтүн салайааччыта К. В. Макарова күндү  ыҥырыылаах ыалдьыт буоллулар.  Саха сиэринэн нэһилиэк кырдьаҕаһа Б.П.Баишев алҕаата, арчылаата. Тэрээһиҥҥэ харах уулаах ахтыылар, үөрүүлээх эҕэрдэ тыллар, үтүө баҕа санаалар этилиннилэр. Бэтэрээннэр өйдөбүнньүк мас олортулар. Олохтоохтор, оскуола-сад үлэһиттэрэ ыалдьыттары остуол тардан күндүлээтилэр, музыкальнай эҕэрдэлэрин тиэртилэр. Сквер аһыллыытыгар Сылаҥнааҕы култуура дьиэтин үлэһиттэрэ күүс-көмө буоллулар. Тэрээһин бүтүүтэ бэтэрээннэргэ Оҕуһур олохтоохторо барыанньа арааһын бэлэх оҥорон үөртүлэр. Кэнэҕэһин оскуола-саад үлэһиттэрэ, салайааччы М.В. Новгородова сквер оҥоһуутун кэҥэтэр, көрөр-истэр, киэргэтэр былааннаахтар.

 

Прасковья Местникова, оскуола сад иитээччитэ

Хаартыска: Дьулус Попов