Быйыл саас кулун тутар 3 күнүгэр Чурапчы улууһун кээпэрэтиибин пайщиктарын кытары уопсай улахан мунньах ыытыллыбыта. Онно “Чурапчы” ТХПК саҥа бэрэссэдээтэлинэн Алексей Егоров талыллан, дуоһунаһыгар кулун тутар 6 күнүгэр киирбитэ. Күн-бүгүн кэпэрэтиипкэ ханнык хайысхалаах үлэни-хамнаһы ыыта сылдьарын итиэннэ туох сонун сүүрээннэр киирбиттэрин туһунан сэһэргэстибит.
Алексей Гаврильевиһы өр сыллар усталарыгар нэһилиэк, улуус дьаһалтатыгар баһылык солбуйааччытын дуоһунаһыгар олус таһаарыылаахтык үлэлээбитэ, салайар үлэҕэ улахан уопуттаах итиэннэ кини өрүү ураты, кэскилээх суолу-ииһи тобулан, уопсай үлэни ыытарын бэлиэтии көрөбүт. Билигин “Чурапчы” ТХПК 151 үлэһиттээх. Онно сайыҥҥы бириэмэҕэ дуогабарынан үлэлээччилэр эбиллэллэр.
Үүт хампаанньата
Улуус үрдүнэн үүтү тутуу кэмэ сүрүннээн түмүктэннэ. Манна улууспут 17 нэһилиэгэр: Арыылаахха, Кытаанахха, Мырылаҕа, Мындаҕаайыга, Дириҥҥэ, Хадаарга, Хайахсыкка, Чакырга, Алаҕарга, Бахсыга уонна Түөйэ учаастагар үүт собуоттарын үлэлэттибит. Онтон атын нэһилиэктэргэ үүтү тутар пууннар үлэлээн, Чурапчы киининээҕи собуокка таспыттара. Чааһынай дьонтон үүтү тутуу хампаанньатын көрдөрүүтэ үс сылтан бэттэх биллэрдик түстэ. 7800 туонна үүтү тута олорбут эбит буоллахпытына, саҥа механизмнар киириилэрэ биһиги улууспутугар улахан охсуулаах буолла. Чааһынай дьон билигин 37 тыһ.солк. ыанньык төбө аайы ылары биһирээтилэр, инньэ гынан үүтү туттарыылара биллэн турар, күүскэ кыччаата. Ол да буоллар, нэһилиэктэргэ баар собуоттар арыыны астыы олороллор, ону таһынан Чурапчыга киин собуокка араас көрүҥ бородууксуйаны оҥорон, сэлиэнньэ иһинээҕи түөрт маҕаһыыҥҥа атыыга таһаарабыт уонна Дьокуускай куоракка 40 тэрилтэни кытары үлэлэһэбит, нэдиэлэҕэ иккитэ (оптуорунньук, бээтинсэ) бородууксуйабытыттан ыытабыт. Маны сэргэ куоракка, чугас сытар улуустарбытыгар – Уус Алдаҥҥа, Томпоҕо, Уус Майаҕа, Нерюнгри куоракка тиийэн, үтүө үгэскэ кубулуйбут дьаарбаҥкаларбытын тэрийэн ыытабыт.
“Чурапчы” кээпэрэтиипкэ үүтү туттарыы 9 ый түмүгүнэн 3718 туонна 93 киилэҕэ тэҥнэстэ. Сыл саҕаланыыта биһигини кытары 267 хаһаайыстыба үүтү туттарыыга дуогабар түһэрсибититтэн, быйыл, сайын устата, 253 хаһаайыстыба үүттэрин туттардылар. Онтон 14 хаһаайыстыба араас биричиинэнэн сылтаан, үүттэрин сатаан туттарбатылар. Манна үчүгэй көрдөрүүлээх нэһилиэктэртэн Соловьев бастакынан ааттанар. Бу нэһилиэк 529 туонна былааннаах эбит буоллаҕына, билигин 544 туонна үүтү нэһилиэнньэттэн тутан, былаанын 103% аһара толордо. Иккис Болугур нэһилиэгэ буолар, кинилэр аҥаардас балаҕан ыйыгар 63 туонна үүтү туттардылар, 513 туонна былааннаах буоллахтарына, 483 туоннаны туттаран, 94%ҥа тахсан олороллор. Кинилэри сэргэ Хайахсыт, Алаҕар, Кытаанах, Хатылы нэһилиэктэрин ааттаталыахха сөп. Онон улууспутугар уопсай сыллааҕы былааммытытн 78,8% толорон иһэбит.
Оҕуруот аһын харайыы үлэтэ
Быйыл ханна да буоллун, оҕуруот аһын үүнүүтэ олус үчүгэй. Ол иһин 300-тэн тахса хаһаайыстыбаттан 35 туонна хортуопуйу туттубут. Былырыын 17 туонна хортуопуйу туппуппут. Итини таһынан улууспут олохтоохторуттан отон хомуйдубут, былырыын 660 киилэ эбит буоллаҕына, быйыл 35 хаһаайыстыба 1 туонна 18 киилэ отону туттарда. Инньэ гынан кыһын дьоммут утах оҥостон иһэллэригэр анаан, сироп оҥорон таһаарар кыахтанныбыт.
Буойуна
Буойунаны үлэлэтэрбит чугаһаата. Билигин да халлааммыт олус ичигэс, сирбит ириэнэх, итинэн сибээстээн, үлэни сэтинньи ыйга былаанныыбыт. Ол эрээри үөрэх дьыла саҕаламмытынан уонна уһуйааннарбытын сибиэһэй этинэн хааччыйар туһуттан, атырдьах ыйын бүтүүтүттэн кыралаан сүөһү өлөрүүтүн (110 төбө) саҕалаабыппыт. Бааһынай хаһаайыстыбалартан эти тутуу саҕаламмыта, бэйэбит маҕаһыыннарбытыгар, Дьокуускай куоракка кэмиттэн-кэмигэр атыыга таһаара турабыт.
Өрөмүөн үлэтэ
Бу сайын буойунаҕа, оҕуруот аһын харайар сирбитигэр өрөмүөн үлэлэрин былааннаан ыыттыбыт. Манна Чурапчы нэһилиэгин дьаһалтатын быһаччы өйөбүлүнэн, бүддьүөттэн үп тыырдаран, улахан үлэ барда. Балары сэргэ сайын устата халбаһыны оҥорон таһаарар собуот өрөмүөннэнэ турар, ис өттө толору модернизацияланна, саҥа оборудованиелары ыллыбыт, косметическай үлэтин таһынан, дьоммут үлэлиир усулуобуйалара табыгастаах буолуутугар, аныгы ирдэбиллэргэ эппиэттиир гына оҥоһуллан, аҕыйах хонугунан үлэҕэ киирэрэ күүтүллэр. Дьоммут-сэргэбит халбаһы атыыга тахсарын өр кэтэстилэр, онон сотору кэминэн атыыга таһаарыахпыт диэн эрэннэрэбит. Бу саас “Республиканский центр пищевых технологий” диэн тэрилтэни кытары ыкса үлэлэһэн, Бурятия Улан-Удэ куоратыттан анаан-минээн технологы аҕалан үлэлэппиппит, манна кэлэн уонча хонук устата технологиябытын туруоран биэрбитэ. Эрдэ “Чурапчы” кээпэрэтиип сүрүннээн үс көрүҥ “Чайнай”, “Докторскай”, “Польскай” халбаһылары таһаарара. Онтон бу сайын халбаһы көрүҥүн элбэтэр сыалтан 12 көрүҥү (“Русский”, “Императорский”, “Сырный”, ветчина араас ассортита о.д.а) оҥорорго холоннубут. Бастакы хардыылары бэс ыйын бүтүүтэ, от ыйын саҕаланыытыгар улууспут олохтоохторугар таһааран атыылаабыппыт. Улаханнык сэҥээрбиттэрэ, ол иһин мантан кыһын традиционнай көрүҥнэрбитин таһынан, дьоммут ханнык көрүҥү хамаҕатык атыылаһалларыттан көрөн, саҥа бородууксуйаны оҥорор буолуохпут.
Пайщиктар интэриэстэригэр үлэ
Үүт суотугар Чакыр, Арыылаах, Соловьев нэһилиэктэригэр 72 туонна сэлээркэни таһаарбыппыт. От кэмигэр бу улахан абыраллаах дьыала буолар. Онон бу хайысхабытын инникитин даҕаны быспат сыаллаахпыт. Итини таһынан Алтай эрэгийиэниттэн, чуолаан, ыанар ынахтарга сөп түбэһэр гына оҥоһуллубут 18 компоненнаах эбии бурдугу 67 туонна үүт суотугар атыылаһан аҕалан тарҕаппыппыт. Саас, буоларын курдук, икки ыйдарыгар диэри саастаах 175 сибиинньэ оҕотун аҕалан хаһаайыстыбаларбытыгар түҥэппиппит.
Оҥорон таһаарыы бородууксуйа
Тоҕус ый түмүгүнэн, хаһаайыстыбалартан эти тутуу, бүгүҥҥү туругунан, 10 туонна 600 киилэни тутан олоробут. Сэтинньигэ биһиги быйылгы былааммыт 60 туоннаҕа (497 төбө) тэҥнэһэр, о.э 50 хаһаайыстыбаны кытары дуогабар баттастыбыт. Үүт бородууксуйатыгар 13 көрүҥ оҥоһуллар, эт аска – 7 көрүҥ.
Үүккэ, этиллибитин курдук, 3718 туоннаны соҕотуопкалаатыбыт. Ол иһигэр ынах арыыта — 123 туонна, сыырдаах үүт бородууксуйата – 180 туонна, сыата суох үүт бородууксуйата – 96 туонна, эт ас – 16 туонна 200 киилэ, халбаһы ас – 23 туонна 600 киилэ оҥоһуллан, нэһилиэнньэ уопсай араҥатыгар атыыланна. Мантан кыһын халбаһы оҥоруутун өссө күүһүрдүөхпүт. Мугудай нэһилиэгэр баар кэмбинээппит ыраас ууну 600 миэтэрэ дириҥтэн ылан, оҥорон таһаарыыга күүскэ үлэлиир. Билиҥҥи туругунан, 3420 туонна ууну бэлэмнээн, нэһилиэнньэҕэ, тэрилтэлэргэ атыылыыры ситистибит. Сылын аайы тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ өрөспүүбүлүкэбит оҥорон таһаарар тэрилтэлэригэр улахан дьаарбаҥкалары тэрийэр. Быйыл биһиги эмиэ үс күн устата көхтөөх кыттыыны ыллыбыт, урукку сыллардааҕар атын механизмынан барда. Маныаха оҥорон таһаарар бородууксуйаларбытыттан үс көрүҥ бастыҥ номинацияларга тигистэ. Ол курдук, бытыылкалаах ыраас уубут 1 истиэпэннээх дипломунан наҕараадаланна. Итини таһынан, эт бородууксуйатыгар, чуолаан, бифштекс көрүҥмүт 3-с истиэпэннээх дипломҥа тигистэ. Ону сэргэ кондитерскай сыахпыт килиэбэ эмиэ 1 истиэпэннээх диплому ылары ситистэ. Онон үлэһиттэрбитинэн киэн туттабыт.
Эбэн эттэххэ
Маҥнай кээпэрэтиип бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан онтон устунан салайааччынан ананан баран, тэрилтэбэр биир сүрүн сыалым-соругум диэн – үп хаһаайыстыбатын үлэтигэр стратегическай былаанын оҥоруу буолла.
Бу сайын СӨ Ил Дарханын Айсен Николаевы ыҥыран, бэйэбит баазабытын, олорор территориябытын, тиэхиньикэлэрбит туруктарын көрдөрбүппүт, кэпэрэтииппитигэр сыһыаннаах эти-үүтү оҥорон таһаарыыга тыын суолталаах боппуруостарбытын туруорбуппут. Манна Айсен Сергеевич: “Оҥорон таһаарар бородууксуйаҕа араас өрүттээх көмөлөрү оҥоруом” диэбитин улаханнык биһирээбиппит. Кинини сэргэ оччотооҕу СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко тахса сылдьыбыта, СӨ тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччынан үлэлээбит, билигин миниистиринэн анаммыт Артем Александровка тэрилтэбит үлэтин билиһиннэрэн, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр 5-7 сыл иһигэр хайдах сайдыахтаахпытын барытын дакылааттаан, бырагыраамалары оҥорон турабыт. Онно биһигини өйөөн, “Чурапчы” кээпэрэтиип стратегическай сайдыытыгар министиэристибэни кытары ыкса үлэлэһэ олоробут. Манна өйөбүл эрэ ыллахпытына, билиҥҥи курдук ырыынак конкуренцията муҥутаан турар кэмигэр, инникитин үлэлиир кыахтанарбытын бары өйдүөх тустаахпыт. Өрөспүүбүлүкэҕэ “Агентство по получении инвестиций” диэн улахан тэрилтэ баар, ону кытары ыкса үлэлэһэн, кэпэрэтииппит биэс сыллаах сайдыытын бырайыагын оҥордубут. Бу сылга СӨ Ил Дархана “Территория развития местного производства” диэн улахан дьаһалга илии баттаата, бу сокуоҥҥа сөп түбэһиннэрэн, биһиги кэпэрэтииппит резидент быһыытынан киирсэргэ, Чурапчы улууһун дьаһалтатын, СӨ экэниэмикэҕэ министиэристибэтин кытары үлэбитин саҕалаатыбыт.
Бу күннэргэ гааһы тардар бэдэрээччит тэрилтэ кэлэн турбалары тардыахтаахтар. Онон мантан кыһын гааһынан оттуллар былааннаахпыт. Халбаһы оҥорор сыахпытын өрөмүөннээһиҥҥэ улаханнык өйөөбүт улууспут дьаһалтатыгар, улууспут баһылыгар Степан Анатольевичка истиҥник махтанабыт. Кини тус бэйэтэ кэлэн көрөн-истэн, хайдах үлэлии олорорбутун билсибитэ.
Кэпэрэтиип үлэтин таһынан бэйэбит үтүө үгэстэрбитин, бэтэрээннэрбитин, түмсүүлэрбитин умнубаппыт. Бэтэрээннэрбит биһиэхэ наар сүбэ-ама буолалларыттан улаханнык астынабыт. Тэрилтэ үлэһиттэрэ сүрдээх эйэлээхтэр, манна үгүстэрэ кырата 10-лыы сыл үлэлээбит дьон буолаллар, бары үлэҕэ бэриниилээхтэр, барытыгар эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһаллар, бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөсүһэбит. Өссө төгүл бэлиэтээн эттэххэ, дьоммут-сэргэбит үүтү туттараллара буоллар, диэн баҕа санаалаахпыт, ынахпыт элбиэн наада. Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга кыах баар, сирбит-уоппут эппиэттиир.
Кэпсэттэ Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ