“Чурапчы-Таатта” икки ардынааҕы айан суолун сабар туһунан дьаһал таҕыста

Бүгүн о.э. балаҕан ыйын 12 күнүгэр Бэдэрээлинэй суол ааҕыаныстыбатын “Вилюй” УПРДОР 33-03-Ф нүөмэрдээх дьаһалыгар олоҕуран “Халыма” Р-504 тыраассаны сабар туһунан дьаһал таҕыста.

Онно этиллэринэн “Халыма” тыраассатын 178 биэрэстэтиттэн о.э. норуокка биллэринэн ГАИ пост таһыттан саҕалаан 255 биэрэстэҕэ дылы

о.э. Таатта улууһун Ытык Күөл сэлиэнньэтигэр диэри 3500 туоннаттан үөһэ уйуктаах массыыналарга айан суола, балаҕан ыйын 13 күнүгэр сарсыарда 9 чаастан саҕалаан балаҕан ыйын 14 күнүгэр сарсыарда 9 чааһыгар диэри айанныыллара булгуччулаахтык бобуллар.

Хонтуруолу өрөспүүбүлүкэ ГИБДД-тын иниспиэксийэтигэр тиэрдибиттэр, рейдэлэр тэриллэллэрэ былааннанар.

 

Сэмэн Жендринскэй