Чурапчы оскуолатыгар солун тэрээһин ыытылынна

Сэтинньи 28 күнүгэр И.М.Павлов аатынан Чурапчы орто оскуолатыгар «Байанай күрэҕэ»  буолан ааста. Бэрт солун, сэргэх тэрээһин «Удьуор» эр дьон уонна оскуола аҕаларын түмсүүтүн көҕүлээһиннэринэн ыытылынна. Күрэх байанай ыйыгар анаммыт дэкээдэ түмүктүүр тэрээһининэн буолла. Хас биирдии саха эр киһитэ булчут, бастыҥ ытааччы, булт сиэрин-туомун билэр, ол билиитин оҕолоругар кэпсиир, билиһиннэрэр буолуохтаах.
Күрэххэ 6 дьиэ-кэргэн хамаандата, ол эбэтэр аҕа оҕотунаан кыттыыны ыллылар.
Күрэх 5 түһүмэҕинэн ыытылынна: 1 түһүмэх – ох саанан ытыы, 2 түһүмэх – салгын саатынан ытыы, 3 түһүмэх – автомат сааны ыһыы-хомуйуу, 4 түһүмэх – ыйытыкка хоруй, 5 түһүмэх – хамаанданан биатлон.

Хас биирдии түһүмэхтэргэ олус тыҥааһыннаах киирсиилэр буоллулар. Күрэх түмүгүнэн бастыҥ ытааччылар, сыыдам сырыылаахтар, тобуллаҕас өйдөөхтөр быһаарылыннылар. Уопсай түмүккэ кыра сүһүөхтэргэ: 1 миэстэҕэ — Поисеевтар, 2 миэстэҕэ – Кардашевскайдар таҕыстылар. Улахан сүһүөхтэргэ: 1 миэстэ — Ивановтар, 2 миэстэ – Дьячковскайдар, 3 миэстэ – Макаровтар буоллулар. «Удьуор» эр дьон түмсүүтүн анал бирииһэ соҕотох кыыс кыттааччыга, бастыҥ сытыы харахтаах ытааччыга Лилиана Ивановаҕа  туттарылынна. Кыттааччыларбыт тэрээһини сэҥээрэн, илии тутуурдаах, өттүк харалаах үөрэн-көтөн тарҕастылар.

Маннык күрэхтэр дьиэ кэргэни түмэллэр, саха сиэрин – туомун тарҕаталлар.

И.М.Павлов аатынан орто оскуола пресс-киинэ