Биһиги уйаара-кэйээрэ биллибэт киэҥ Сахабыт сирин хас биирдии улууһа, хас биирдии түөлбэтэ, төрүт үгэстэри үйэтитиигэ уонна тарҕатыыга өйдөрүн-санааларын, сүрэхтэрин сылааһын ууран айымньылаахтык үлэлиир олус көхтөөх, энтузиаст дьоннордоох.
Оннук дьон кэккэтигэр Чурапчы улууһугар, биир бастакынан, кэргэннии Мария Андреевна, Валерий Петрович Герасимовтары уонна Чурапчы култууратын өр сылларга салайсыбыт, билигин “Олоҥхо” киинин дириэктэрэ, урууллаан кэлбит кинилэр үөлээннээхтэрин Дмитрий Дмитриевич Попову ааттыыллара чахчы.
2023 сыллаахха муус устар 3-5 күннэригэр Тоҕус томтордоох Чурапчыга ыытыллыбыт Саха Өрөспүүбүлүкэтин Култууратын, ускуустубатын, литературатын күннэрин тэрийэн ыытыыга Дмитрий Дмитриевич да, Валерий Петрович да саамай көхтөөх кыттыыны ылбыттара. Оттон удьуор чабырҕахсыт Мария Андреевна дойдутугар Хайахсыкка эмиэ уопсастыбаннай үлэ үөһүгэр сылдьара иһиллибитэ. Кини хомуйан оҥоруутунан, ити сыл “Чурапчы фольклора” диэн дьоһуннаах кинигэ күн сирин көрбүтэ.
Биир сарсыарда Чурапчытааҕы “Утум” норуот айымньытын дьиэтигэр тиийэн, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, улуустааҕы Олоҥхо киинин салайааччыта Дмитрий Попову уонна СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Чурапчы улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Олоҥхо киинин уус-уран салаайааччыта Валерий Герасимовы көрсүбүттээҕим. Итиэннэ манна эдэр исписэлиис Оксана Монастырева үлэлиирэ. Билигин Олоҥхо киинэ чуолаан манна үлэлиир-хамсыыр.
Дмитрий Дмитриевич кэпсииринэн, 2014 сыллаахха, Чурапчы улууһун Култуураҕа управлениетын иһинэн фольклорга уонна култуурунай нэһилиэстибэни харыстыырга, үйэтитиигэ аналлаах, икки үлэһиттээх салаа аһыллыбыта. Ол дьонунан улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр кэргэннии Мария, Валерий Герасимовтар буолбуттара. Туох баар өрөспүүбүлүкэтээҕи, Бүтүн Арассыыйатааҕы да фестивалларга, күөн-күрэстэргэ, фольклор тэрээһиннэригэр, Олоҥхо ыһыахтарыгар Чурапчы улууһа олус табыллан, айымньылаахтык кыттан, кыайыылары ситиһэн кэлиитигэр кинилэр оруоллара, биллэн турар, улахан. Бэрт үгүс үлэ пааматынньыктары харыстааһыҥҥа ыытыллыбыта. Герасимовтар, олохторун анаабыт, таптыыр идэлэринэн өссө да үлэлии-хамсыы, айа-тута сылдьаллар. Дьон кинилэргэ махтаныан махтанар.
— Онтон 2022 сылга, биһиги улууспут баһылыга Степан Анатольевич Саргыдаевы кытта элбэхтик сүбэлэһэн, былааннаан баран, Фольклорга уонна култуурунай нэһилиэстибэни харыстааһыҥҥа салаабытын улаатыннаран, 3-с штаты көрөн, Олоҥхо киинэ диэн тэрилтэни олохтообуппут. Онон, саҥа хайысхалары туруоран, болҕомтону ордук өссө туохха уурары быһаарсан, билигин улууска Олоҥхо ситимин тэрийии бырайыага оҥоһулунна. Бу Валерий Петровичтаах эрдэ оҥорбут бырайыактара баар, ону биһиги кэҥэтэммит, кыра да буоллар, үптээх-харчылаах оҥорон, ситэрэн, Кыайыы күнүгэр диэри көмүскээбиппит. Биһиги, билигин Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ситимигэр киирэн сылдьар 11 улуустан, дьиҥэр, туох даҕаны итэҕэһэ суох үлэлии-хамсыы сылдьарбытын бу эйгэҕэ ситиһиилэрбит, кыайыыларбыт кэрэһилииллэр. Бастыҥнар кэккэлэригэр баарбыт. Онон, Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ситимигэр киирии биһиги сыалбытынан-сорукпутунан буолар, — диэбиттээҕэ Олоҥхо киинин салайааччыта Дмитрий Попов.
Бу сыллар тухары Олоҥхо дьиэтэ Чурапчы улууһугар чахчы даҕаны духуобунай уонна култуурунай олох эргийэр киининэн буолла. Улуустааҕы Олоҥхо Ассоциацията (салайааччы М.Ф.Кронникова) дьону түмэн бэркэ үлэлэтэр. Олоҥхо дьиэтэ өрөспүүбүлүкэ ситимигэр киирэн, СӨ Ил Дарханын Граныгар киирсэр кыахтаннылар.
Туох барыта утумнаах, дьүккүөрдээх үлэттэн тахсар. Туох барыта ситимнээх-сибээстээх, дириҥ силистээх. Чурапчы улууһа былыр-былыргаттан, айылҕаттан айдарыылаах элбэх олоҥхоһут ыллаан-туойан ааспыт түөлбэтинэн биллэр. Ол курдук, араас источниктартан ырытар-чинчийэр үлэлэр ыытылланнар, манна барыта 239 олоҥхоһут олорон ааспыта чуолкайдаммыта. Онон, Саха сиригэр Чурапчы улууһа элбэх олоҥхоһуттардааҕынан уруккаттан аатырарын, олоҥхолооһун биир саамай сайдыбыт улууһа буоларын ити сыыппаралар кэрэһэлииллэр. Холобур, Хайахсыттан Олоодо, И.Г.Теплоухов-Тимофеев, Сылаҥтан Сулумаата Уола эбэтэр Ырыачай, Хадаартан – Сыҥынык, Болтоҥоттон – Иэгии Хотоок, Чэппиэдэй, Амматтан (Мындаҕаайы) Хойтоһун, уо.д.а. Бөдөҥ олоҥхоһуттарга Соловьев нэһилиэгиттэн Софрон Кузьмин, Чакыртан Ырыа Ылдьаа, Хайахсыттан Хоноһо Уола, Хадаартан Тэкэллэ, Үрүүмкэлээх Өлөөнө – Ырыа Чырыыкай, Мугудайтан Балагыас—Ырыа Ымыычаан, Мундууска Уоһук, Сылаҥтан ини-бии Чорообо уонна Чөлөс, Кытаанахтан Маайа Баһылайа, Болтоҥоттон Куолай Уола Бүөтүр, Хатылыттан Белых Мэхээчэ, о.д.а. киирсэллэр. Инники көлүөнэ суруйааччылар, холобур, Эрилик Эристиин, Михаил Доҕордуурап, эмиэ үчүгэй олоҥхоһуттарынан биллэллэрэ. (В.Ермолаев.“Чурапчы олоҥхоһуттара”).
Сэһэн Боло уонна Өндөрүүскэ Саабын
Чурапчыттан Саха сирин үрдүнэн аатырбыт идэтийбит бөдөҥ фольклористар үүммүттэрэ. Ол курдук, сахалартан бастакы учуонай, сахалыы суругу-бичиги айбыт, саха норуотун үөрэхтээһиҥҥэ сүҥкэн кылааттаах Семен Андреевич Новгородов Болтоҥо нэһилиэгин уонна Таатта бөдөҥ олоҥхоһуттарын тылларыттан хас да героическай сюжеттары суруйталаабыта. Оттон Одьулуунтан төрүттээх Сэһэн Боло (төрөөбүт аата Дмитрий Иванович Дьячковскай) 20-чэ сыл устата соҕотох бэйэтэ бүтүн научнай кэлэктиип үлэтин оҥорбута. 800-тэн тахса фольклорнай айымньыны, ол иһигэр хотугу оройуоннартан хас даҕаны олоҥхону суруйбута. Болтоҥоттон төрүттээх Андрей Андреевич Саввин – Өндөрүүскэ Саабын элбэх фольклорнай айымньыны хомуйбута. Аҥардас, Бүлүү өрүс умнаһынааҕы оройуоннар олоҥхоһуттарыттан 10-ча олоҥхону сурукка киллэрбитэ. Бу туһунан ааптар Василий Ермолаев “Чурапчы олоҥхоһуттара” (“Бичик”, 1994) кинигэтигэр сиһилии суруйбута. Саха АССР СНК-н иһинэн Тыл уонна култуура үнүстүтүүтүн төрүттээбит Платон Алексеевич Ойуунускай сорук туруоран, Сэһэн Боло уонна А.А. Саввин-Өндөрүүскэ Саабын, ааспыт үйэ 30-с сылларыгар фольклорнай-диэлектологическай экспедицияны тэрийэн, Саха сирин барытын кэриэтэ кэрийбиттэрэ, хотунан-соҕуруунан, илининэн-арҕаанан сылдьан, сыралаһан, дьулуурдаахтык үлэлээбиттэрэ, өрөспүүбүлүкэ архыыбынай пуондатын байытыыга сүҥкэн кылааттарын киллэрбиттэрэ. Холобур, Өндөрүүскэ Саабын С.Н.Каратаев, С.С.Афанасьев, М.З.Мартынов курдук Бүлүү эҥэр аатырар-сураҕырар олоҥхоһуттарын көрсөн, олоҥхолорун сурукка-бичиккэ тус бэйэтэ киллэртээбитэ. Сэргэй Зверев-Кыыл Уолун талаана киэҥ эйгэҕэ тахсарыгар эмиэ кини улахан өҥөлөөх. Сэһэн Боло уонна Өндөрүүскэ Саабын фольклорга үтүмэн үлэлэрин түмүктэриттэн бэйэтин научнай чинчийиитигэр туһамматах саха учуонайа диэн суоҕа буолуо.
Үтүө үгэс салҕанар
2015 сыллаахха Чурапчыга ыытыллыбыт Олоҥхо Ыһыаҕын көрсө «Чурапчы олоҥхоһуттара» антология, “Айдарыылаахтар”, о.д.а., саха фольклорун байытыыга, сайыннарыыга аналлаах кинигэлэр бэчээккэ тахсан, киэҥ ааҕааччыга тиийбиттэрэ кэрэхсэбиллээх.
Ааспыт көлүөнэ ытык олоҥхоһуттарын үтүө үгэстэрин бүгүн Чурапчы олоҥхоһуттара сиэрдээхтик тутуһаллар, ыччаттарын уһуйаллар, олоҥхону сайыннарыыга утумнаахтык, айымньылаахтык үлэлииллэр. Ол курдук,
олоҥхоһут Николай Никитич Григорьев (Чакыр) Алдаҥҥа ыытыллыбыт Олоҥхо Ыһыаҕын Кылаан чыпчаал бирииһин хаһаайынынан буолан, массыына наҕараада туппута.
Анатолий Николаевич Христофоров (Мырыла) «Уруйдан, Улуу Олоҥхобут!» бэстибээлгэ икки төгүл Кылаан чыпчаал бирииһи ылбыта (2020 с., 2023 с.).
Былырыын 95 ытык сааһын бэлиэтээбит Чурапчыттан Николай Петрович Тарасов Ил Дархан стипендиатынан буолбута. Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр-көстөр биир бастыҥ толорооччубут, Кытаанахтан төрүттээх Сусанна Васильевна Лазарева 2023 сылга “Уруйдан, Улуу Олоҥхо!” бэстибээл I истиэпэннээх лауреатын үрдүк аатын ылбыта. Оттон ити дьыл эмиэ 95 сааһын туолар оһуохайдьыт, тойуксут, олоҥхоһут, сцена бэтэрээнэ Мария Николаевна Викторова (Хадаар) — оһуохайга Ил Дархан стипендиатынан буолбута. Кини чуолаан Чурапчылыы оһуохайы тарҕатааччы дьоһуннаах аатын ылбыта.
Оскуолаттан, уһуйаантан саҕалаан…
Учууталлар, иитээччилэр, уһуйааччылар олоҥхо эйгэтигэр оҕолору кыра эрдэхтэриттэн чугаһаталлар, сыһыараллар, олоҥхону толорууга үөрэтэллэр. Үчүгэй уһуйааччылаах, кыһамньылаах төрөппүттэрдээх буоланнар, эдэр көлүөнэлэртэн, аҕас-балыс Анастасия Алексеева, Сайаана Попова курдук ыччат-олоҥхоһуттарбыт ситиһиилэрин, фольклорга эдьиий-балыс Павловалар курдук оскуола үөрэнээччилэрин кыайыыларын-хотууларын, онтон да атын оҕолорбут ситиһиилэрин эбэн кэбиһэбит.
Ити курдук, Чурапчы улууһугар СӨ Култууратын, ускуустубатын уонна литературатын күннэригэр, үөрэх тэрилтэлэрэ оҕо саадыттан саҕалаан, олоҥхо иитэр-үөрэтэр өрүттэрин саха оҕотун иитиигэ сүрүн ньыма быһыытынан туһанарга киэҥ хайысхалаах, дириҥ ис хоһоонноох үлэни тиһиктээхтик ыыталлара болҕомтоҕо ылылынна. Оҕо кыра сааһыттан олоҥхону толоро, истэ үөрэннэҕинэ оскуолаҕа туйгуннук үөрэнэрин, оскуола араас таһымнаах олимпиадаларыгар, араас тэрээһиннэргэ кинилэр бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьалларын педагогтар тоһоҕолоон бэлиэтииллэр. Уһуйааччылар утумнаах, былааннаах үлэни ыытар буоланнар, өрөспүүбүлүкэтээҕи, улуустааҕы тэрээһиннэргэ ситиһиилээхтик кыттар уһуйааннар, оскуолалар ортолоругар Чурапчы нэһилиэгин “Туллукчаан” (Захарова И.Д.), «Чуораанчык» (Лебедева М. Н.) уһуйааннарын, Хатылы «Ньургуһун» уһуйаанын, Соловьев оскуолатын (Яковлева Л.Е., научнай үлэҕэ Попова М.Н.), А.П. Илларионов аатынан Хайахсыт оскуолатын, уһуйаанын, Чакыр Эрэлик Эристиин аатынан оскуолатын (Адамова.Т.И.), Сылаҥ орто оскуолатын (Лидия Сивцева), Улуустааҕы гимназияны, уо.д.а. ааттаталыыллар.
— Кэлин ыччаттарбыт ылсыһан эрэллэрэ үөрдэр. 2023 сыллаахха Өймөкөөҥҥө Олоҥхо ыһыаҕар ыччаттар икки бөлөҕүнэн тиийэн күрэхтэспиттэрэ. «Айылгы» улахан дьон бөлөҕө ити сыл сааһыгар «Уруйдан, улуу олоҥхобут!» өрөспүүбүлүкэтэээҕи түһүлгэҕэ «Кылаан бириис» буолан, сүргэлэрэ көтөҕүллэн, Өймөкөөҥҥө ситиһиилээхтик кыттан кэлбиттэрэ, — диэбитэ РСФСР култууратын үтүөлээх үлэһитэ Мария Герасимова-Сэҥээрэ. Онон, үгэс тутуһуллар, ситим быстыбат.
“Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур” олоҥхону туруоруохтара
Бу дьыл, муус устар 3-5 күннэригэр Чурапчыга ыытыллыбыт СӨ Култууратын, ускуустубатын, литературатын күннэригэр биллиилээх режиссер, РФ норуодунай артыыһа, СӨ Судаарыстыбаннай сүбэһитэ Андрей Борисов ыалдьыттаабыта. Кини, нэһилиэнньэни кытта көрсүһүүтүгэр, чурапчылар “Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур”, бу ураты тыыннаах олоҥхону туруоран, Дьокуускайга билигин тутулла турар Арктика киинигэр көрдөрүөхтэрин туһунан Олоҥхо киинин салайааччыта Дмитрий Поповтуун кэпсэппиттэрин, сүбэлэспиттэрин, онуоха Олоҥхо тыйаатыра көмөлөһөргө бэлэмин туһунан эппитэ.
— Быйыл 2024 сылга биир дойдулаахпыт, чулуу олоҥхоһуппут Иннокентий Гурьевич Теплоухов — Тимофеев төрөөбүтэ 155 сыллаах үбүлүөйэ буолар. Бу бэлиэ даатаны дьоһуннаахтык көрсөр туһугар биһиги, чурапчылар, кини “Куруубай Хааннаах Кулун Куллустуур” биир саамай бастыҥ, биэс омук тылынан тылбаастаммыт аатырбыт олоҥхотун туруоран бу сотору премьерата буолаары турар. Андрей Саввич этии киллэрбитэ, Олоҥхо тыйаатыра көмөлөһөрүгэр эрэнэбит. Бастакы кэпсэтиилэр буолбуттара. Бу бырайыагынан биһиги уус-уран самодеятельность таһымын үрдэттибит. Манна кыттыыны ылыахтара, бастатан туран, Иван Бушков режиссердаах Чурапчытааҕы П.М.Решетников аатынан Норуодунай тыйаатыр артыыстара, Чыаппаратааҕы эр дьон хора, Чурапчытааҕы “Ай” норуодунай устуудьуйа.., улууспут талааннаах дьоно. Уонна, биллэн турар, Олоҥхо тыйаатырын артыыстара. Худуоһунньук үлэтин, көстүүм, таҥас-сап, мал-сал туһунан толкуйданыллыбыта, — диэн Дмитрий Дмитриевич былааннарыттын билиһиннэрбитэ.
Олоҥхону сэҥээрэр эйгэбит тыыннаах!
Эрилик Эристиин “Кэриэс туолуута” сэһэнигэр дьоруойа Уулаах Уйбаан, чуолаан олоҥхоһут идэлээх буолан, икки төгүллээн ытыллартан быыһанан турара кэпсэнэр. Киэһээ аайы бандьыыттар ытыллар дьон испииһэктэрин ааҕаллар, онуоха, олоҥхону салгыы истээри, олоҥхоһуту испииһэктэн сотторон иһэллэр эбит… “Олоҥхо өлбөт үйэтэ итиннэ эмиэ көстөр ээ…”, — диэбитэ Дмитрий Дмитриевич.
Иккис улахан бырайыактарын – Олоҥхону истии эйгэтин өссө кэҥэтии, күүһүрдүү туһунан Дмитрий Попов уонна Валерий Герасимов эмиэ сырдаппыттара. Сахаҕа, “ол ырыалаах-олоҥхо буоллаҕа…” диэн өйдөбүл баарын билэбит, ол аата – уһуннук, өр барар бырассыас, диэн… Онон, кистэл буолбатах, ордук эдэр көлүөнэҕэ, олоҥхо истэргэ элбэх бириэмэ барар диэччи үгүс. Оттон Дмитрий Дмитриевич Дьааҥытааҕы биир кэллиэгэтэ этэринэн, “сахаҕа тэттик олоҥхолор эмиэ бааллар, олоҥхо араас”, ол курдук, “хамсалаах табах быстыҥа” таабырын-олоҥхолор, “тоҥ күөс быстыҥа” толоруллар олоҥхолор… эмиэ бааллар дииллэр эбит. “Уонна дьэ, отучча чулуу олоҥхоттон хомуллан тахсыбыт “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхобут буоллаҕа! Үстүү-түөртүү киэһээ истэллэрэ!”.
Кэлиҥҥи сылларга, Чурапчы улууһун биир эмиэ улахан энтузиаст киһитэ, ССРС култууратын туйгуна, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Надежда Заболоцкая өр кэмҥэ салайбыт Арчы дьиэтигэр Олоҥхо Дьоро киэһэтэ буоллар эрэ, ыраахтан-чугастан дьон-сэргэ үөрэ-көтө мустар…
Салгыы Валерий Петровичтаах, үс төгүллээн олоҥхону дьиэ кэргэнинэн истиини тэрийбиттэрин кэпсээбиттэрэ. Сөпкө этэллэр ээ – холобур, хайа эрэ ыал, оҕотун төрөөбүт күнүгэр ыалдьыттары ыҥыран, алаадьылаан, саламааттаан, эт буһаран, олоҥхоһуту биһирэмнээн-маанылаан, олоҥхону истиини тэрийиэн сөп буоллаҕа!
—Үөрүөхпүт иһин, дьон олоҥхону истэ кэлиитэ элбээн иһэр, — диэбитэ Валерий Герасимов.
Ол курдук, бастаан 30-ча киһи эбит буоллаҕына, иккис, үһүс түмсүүлэргэ 60-70-ҥа тиийэ киһи кэлэн, олоҥхону истибиттэр. Дьон бэйэ-бэйэлэриттэн истиһэн, сэҥээрэн, кэлэллэр эбит. Кинилэр ортолоругар эдэр ыччаттар, оскуола үөрэнээччилэрэ эмиэ бааллара. “Ол аата, биһиги олоҥхону сэҥээрэр эйгэбит тыыннаах эбит!” — диэн түмүк оҥоһулунна.
Татьяна МАРКОВА
Бэлэмнээтэ Сэмэн ЖЕНДРИНСКЭЙ
Хаартыскалар Дмитрий Попов, Мария Герасимова тиксэриилэрэ