Чурапчы олоҥхоһуттарын сыдьааннара өрөспүүбүлүкэтээҕи форумҥа кытыннылар

Дьокуускайга олоҥхоһуттар сыдьааннарын уонна үйэтитээччилэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи форума буолла. Бу суолталаах дьаһал олоҥхоһуттарга аналлаах Олоҥхо энциклопедиятын бастакы туомун бэлэмниир соруктаах ыытылынна.

Дьаһал үөрүүлээх аһыллыытыгар олоҥхоһуттар сыдьааннара Аксинья Степанова уонна Иван Винокуров олоҥхоттон быһа тардыыны толордулар. Салгыы Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков, СӨ Култуура миниистирэ Афанасий Ноев уонна  ХИФУ ректора Анатолий Николаев тыл эттилэр, саха бөдөҥ айымньытыгар интэриэс үрдээн иһэрин, олоҥхону үйэтитиигэ киэҥ далааһыннаах үлэлэр ыытыллалларын бэлиэтээтилэр.

2024 сылга «Олоҥхо энциклопедията» кинигэ бастакы туома бэчээттэнэн тахсыаҕа. Бу энциклопедияны бэлэмнээһин 2015 сылтан саҕаламмыт. Бырайыак Арассыыйа гранын ылан, 820 сирэйдээх таһаарыы буолара былааннанар. Кинигэ уопсайа биэс туомтан туруоҕа. Бастакы туом олоҥхоһуттарга ананыаҕа. Матырыйааллар научнай-популярнай, публицистическай литератураҕа, архыып, түмэл докумуоннарыгар, фольклорнай эспэдииссийэ матырыйаалларыгар, о.д.а. олоҕурар.

«Саха сиригэр олоҥхону үөрэтии, чинчийии эйгэтин төрүттэспит Василий Илларионов 50 сыл устата сыраласпыт үлэтин түмүгүнэн, Саха сирин олоҥхоһуттарыгар аналлаах энциклопедия тахсыаҕа. Маныаха түбүктээх үлэ, улахан торумнаһыы, хамсааһын бара турар. Чурапчы улууһугар ыйынньыкка киирбитинэн, 237 олоҥхоһут баар. Өссө да сурукка киирбэтэх дьоммут элбэхтэр. Кинилэр ыччаттарын булан, үйэтитии үлэтигэр маннык киэптээх форумнары, сэминээрдэри, көрсүһүүлэри улууска тэрийэр былааннаахпыт. Онон биэс туомнаах энциклопедияҕа чурапчылар балачча баай ис хоһоонноох матырыйааллары киллэрэллэригэр эрэнэбин», — диэтэ Чурапчы улууһун Олоҥхо киинин салайааччыта Дмитрий Попов.

Форум кыттыылаахтара улуустарынан 5 сиэксийэҕэ арахсан үлэлээтилэр. Бастакы сиэксийэҕэ чурапчылар, уус-алданнар, намнар түбэстилэр. Биһиги улууспутуттан элбэх олоҥхоһут сыдьаана кытынна. Кинилэр төрүттэрин тустарынан, эрдэ хомуллубут матырыйаалларга тохтообокко, саҥа чинчийбит информацияларын сырдаттылар:

  • Абрамова мария Фомична — Кыаспан Кыыһа
  • Кузьмин Софрон Давыдович — Олоҥхоһут Соппуруон Хойтоһун
  • Догордуров Михаил Федосеевич
  • Иустинов Гаврил Михайлович — Ньоҕуйаан Иустинов
  • Иустинов Григорий Гаврильевич
  • Ноговицын Семен Алексеевич — Сааскыйар Сэмэнэ
  • Петров Петр Михайлович — Куолай уола Бүөтүр
  • Попов Николай Филиппович I — Ньукулаас Боппуок
  • Потапов Василий Иванович — Майа Баһылайа
  • Теплоухов — Тимофеев Иннокентий Гурьевич
  • Терютина Пелагея Михайловна — Ырыа Ымыычаан

Сиэксийэ модератордарыгар, учуонайдарга саҥа хаартыскалары, чуолкайдаммыт архыып дааннайдарын тиэртилэр.

Тэрийээччилэр форумҥа кыттан тыл эппит дьоҥҥо «Олоҥхоһут сыдьаана» анал бэлиэни  уонна сэртипикээттэри туттардылар.

Форум түмүгүнэн кыттааччылар Дьокуускайдааҕы национальнай архыыптан уонна Гуманитарнай чинчийии институтуттан бэйэлэрин өбүгэлэрин суруйбут айымньыларын, кинилэр тустарынан ахтыылары салгыы хомуйар суолталааҕын бэлиэтээтилэр. Маны таһынан хаартыската суох олоҥхоһут мөссүөнүн, тас көрүҥүн дьонтон истэн билбиттэрин, чугас аймахтарын, бииргэ төрөөбүттэрин мөссүөнүгэр чугаһатан  уруһуйдатар сөптөөҕүн эттилэр. Онон форум кыттыылаахтарыгар дьаныардаах үлэ күүтүллэр.

Ити курдук, үйэҕэ биирдэ тахсар улахан кинигэни таһаарыыга олоҥхоһуттар сыдьааннара чуолкай, бэрэбиэркэлэммит дааннайдары хомуйан, улахан көмөнү оҥороллоругар эрэнэбит.

Марфа Петрова.