Чурапчы олохтоохторо Дойду Бэрэсидьиэнин Туһаайыытын сэргээн кэтэһэллэр

Бүгүн, олунньу 29 күнүгэр, Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин олохтоох бириэмэнэн киэһэ 18:00 чааска быһа эфир нөҥүө Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Мунньаҕын иннигэр сыллааҕы Туһаайыытынан тахсыаҕа.

Владимир Путин бу иһитиннэриитигэр кэлэр 6 сылга дойдуну сайыннарыыга туһуламмыт сыалы-соругу, үлэни-хамнаһы билиһиннэриэҕэ. Дьон-сэргэ бу олохпутугар суолталаах иһитиннэриини сыл ахсын сэргээн кэтэһэр буолла.

Чурапчы улууһун Арыылаах нэһилиэгин олохтооҕо, түөрт оҕолоох дьиэ кэргэн ийэтэ Надежда Демьянова санаатын маннык үллэстэр:

«Кэнники сылларга элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ үгүс өрүттээх өйөбүл оҥоһуллар буолла. Ол курдук ийэ хапытааллара, олорор усулуобуйаны тупсарарга төлөбүрдэр, кыаммат ыалларга босуобуйалар, чэпчэтиилээх ипотекалар уо.д.а. дьиэ кэргэн туруктаах буоларыгар сүрүн тирэх буолаллар. Быйыл Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Дьиэ кэргэн сылын биллэрбитэ, онон бүгүҥҥү туһаайыытыгар бу эйгэҕэ улахан суолтаны ууруо дии саныыбыт. Биһиги, орто саастаах дьиэ кэргэн, 35-тэн үөһээ саастаах элбэх оҕолоох ыалларга чэпчэтиилээх ипотека олохтонорун эрэнэ кэтэһэбит».

Людмила Горохова.