Улууспутугар төһө да сэрэтии үлэтэ ыытыллыбытын үрдүнэн, төлөпүөн, интэриниэт нөҥүө түөкүннэргэ киирэн биэрии, албыннатыы тахса турар. Статистика көрдөрөрүнэн, билигин биэнсийэлээхтэр буолбакка, үксүгэр үлэлиир кыахтаах, хамнастаах, орто саастаах дьон киирэн биэрэллэрэ элбээтэ. Бу тугу этэрий?
Улууспутугар түөкүннээһиҥҥэ киирэн биэрии көрдөрүүтэ хайдаҕын билээри полиция подполковнига Дьулустан Тихоновы кытта кэпсэттим:
- Чурапчы улууһугар 9 ый түмүгүнэн 16 түбэлтэ таҕыста, ол иһиттэн 10-на түөкүннэргэ киирэн биэрии, 6-та каартаттан уоруу. Көрдөрүү былырыыҥҥыттан 1-нэн түстэ. 16 буруйтан 11-рэ кыайан арыллыбакка турар, 4-дэ арыллан, суукка барбыта. Бу 4 буруй бэйэ иһигэр буолбут түбэлтэлэр. Буруйдары арыйыыга көрдүүр-ирдиир үлэ барар. Буруйу арыйыы тоҕо бытааный диэтэххэ, үксэ атын эрэгийиэннэртэн тахсар, ол иһин ыарахан, элбэх үлэни эрэйэр.
Ааспыт нэдиэлэҕэ улахан сууманы уордарыы түбэлтэтэ таҕыста. Чурапчы нэһилиэгин олохтооҕо түөкүннэргэ албыннатан, 1 мөл кэриҥэ харчытын уордарда. Кини саайтка инвестиция бырагырааматыгар рекламаны көрөн, сайаапканы ыыппыт, онно киниэхэ “Газпром” инвестиционнай хампаанньатын менеджерэбин диэн эрийэн итэҕэлгэ киирбиттэр. Бастаан 290 тыһ, онтон 183 тыһ ыыппыт. Салгыы эбии суума наада, суумаҥ төһөнөн улахан да, соччонон барыһа элбэх буолар диэбиттэр. Онуоха кини 500 тыһыынчалаах кредитнэй каартаны оҥотторон, харчытын кинилэргэ көһөрбүт. Түөкүттэр харчыны ылаат сүтэн хаалбыттар, төлөпүөннэригэр сатаан эрийэн тиийбэтэх. Билигин бу дьыаланан бэрэбиэркэ бара турар.
Бу курдук түөкүттэргэ киирэн биэрии түбэлтэлэрэ тахса тураллар. Албыннаппыт дьонтон “манныкка киирэн биэримэҥ диэн эппэтэхтэрэ, сэрэппэтэхтэрэ дуо?” диэн ыйыттахха, “билэбит, истибиппит, сэрэтиллибиппит” дииллэр. Ити курдук төһө да билбиттэрин үрдүнэн албыннаппыттарын бэйэлэрэ да билбэккэ хаалаллар. Үксүгэр орто саастаах, хамнастаах тэрилтэ үлэһиттэрэ, оҕо көрөн олорор уонна элбэх оҕолоох ийэлэр киирэн биэрэллэр. Төрүөтэ эбии дохуоттанаары, чэпчэки харчыны эккирэтии диэн буолар буоллаҕа.
Онон өссө төгүл сэрэтэбин: итинник социальнай ситимнэргэ, саайтарга баар инвестиция рекламаларыгар итэҕэйимэҥ. Маны таһынан баантан, ЮЛА биллэриитинэн, сокуон үлэһитэ эрийэбин диэтэхтэринэ, салгыы кэпсэтимэҥ. Кинилэр бэйэлэрэ хаһан да эрийбэттэрин өйдөөҥ.
Этиллибитин курдук, билиҥҥи кэмҥэ түөкүттэр харчылаах, кыахтаах араҥаны булаллар. Итэҕэлгэ дэбигис киирэр уйулҕа үөрэхтээхтэрэ да буолуохтарын сөп. Бары сэрэтиллэбит, хас хардыыбыт аайы ити туһунан кэпсииллэр да киирэн биэрэ турабыт. Биир бэйэбэр күннэтэ кэриэтэ итинник эрийэллэр диэххэ сөп. Кэлин айфон функцията саарбах нүөмэрдэри блоктуур буолан, эрийэллэрэ аччаата.
Инвестиция чааһыгар киирдэххэ, ким судургутук элбэх харчыланыан баҕарыа суоҕай. Мин хас да сыллааҕыта итинник саайт нөҥүө эмиэ сайаапка бырахпыппар, “Тинькофф” бэрэстэбиитэлэбин диэн эрийбитэ. Бастаан “үтүө-мааны” тылынан “12 тыһ уган саҕалыахха, бастакы саҕалааччылар кыра сууматтан саҕалыыргыт ордук” диэн кэпсээн, тутатына харчыбын ыыттара сатаабытын саарбахтаан, “толкуйдуом, билигин счеппар харчым суох, кумааҕы харчыбын уктахпына” диэбиппэр, “сибилигин баран ук, туох мэһэйдиирий” диэн кэнникинэн күргүйдээн, кыыһыран-тымтан киирэн барбытыгар түөкүн эбит диэн чопчу билэн, салгыы кэпсэппэтэҕим. Ити курдук, киһи өйүн сүүйэр оҕуруктаах өйдөөх дьон үлэлииллэр эбит.
Онон түөкүннэргэ киирэн биэрии бэйэбититтэн тутулуктааҕын өйдүөх тустаахпыт. Бу дьиҥ холобурдары ааҕан, бэйэҕитигэр сөптөөх түмүктэри оҥостуоххут диэн эрэнэбит.
Елена Макаринская