Чурапчы охчуттара өрөспүүбүлүкэтээҕи турнирга 10 мэтээли ыллылар

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтигэр төрүт оҕунан ытыыга өрөспүүбүлүкэтээҕи турнир буолла. Күрэх Саха сирин чөмпүйүөнэ, призера, тириэньэр-преподаватель Анатолий Васильевич Никифоров үбүлүөйдээх 65 сааһыгар ананна.

Уопсайа 11 улуустан, ону тэҥэ 4 оҕунан ытыы кулууптан  202 киһи кытынна. Чурапчы улууһуттан 13 охчут күрэхтэстэ.

Эдэр бэтэрээн эр дьоҥҥо Барыс Баишев «Куобаҕы», «Куһу», «Тииҥи» ытыыга бастакы миэстэни ылан, муҥутуур кыайыылаах аатын ылла.

Эр дьоҥҥо Владислав Корякин  үс көрүҥҥэ эмиэ тэҥнээҕин булбакка, муҥутуур кыайыылаах буолла. Бу бөлөххө  Александр Ефремов дьоһун ытыыны көрдөрөн, уопсай түмүгүнэн бочуоттаах иккис миэстэни ылла.

Ону таһынан Стив Поповка ох саанан ытыыга бастакы улахан күрэхтэһиитэ буолла. Кини «Тииҥи» ытыы көрүҥэр Нам охчутун кытта очукуолара тэҥнэһэн, үһүс миэстэ иһин киирсиигэ бэрт кыранан сыыһан кыайтарда. Онон уопсай түмүккэ 5 миэстэ буолла. Ыспарсымыан саҥа уопут  ылан,  маастарыстыбатын үрдэтэргэ өссө эбии дьарыктанарга сыал- сорук туруорунан кэллэ.

Чурапчы улууһун охчуттарын, Ох саа федерациятын үрдүк ситиһиилэринэн эҕэрдэлиибит.

Марфа Петрова.