Биһиги эрэдээксийэбит Чурапчы нэһилиэгин уопуттаах оҕуруотчута Розалия Терентьевна Сухаринованы кытары аҕыйах сылтан бэттэх сибээһи тутан, дьоҥҥо-сэргэҕэ сылын аайы оҕуруоту олордуу сорох кистэлэҥнэрин сырдатарга дьулуһар.
Бу да сырыыга, өрүү буоларыныы “быйыл кэлэн оҕуруоттанаары дьэ өйдөммүт” диэбиккэ дылы ханнык оҕурсуулары билигин таһааран олордорго итиэннэ кыайтарбатах, сылын аайы умнуллар тляны утары охсуһуу ньымаларын, үүнээйибитин турар теплицабыт тула, Розалия Терентьевнаҕа ыйытыктары биэрэн, үлэ киһитин тапталлаах дьарыгыттан кылгас бириэмэҕэ сынньатан, аралдьытан ыллыбыт.
“Билигин “Стелла”, “Изумрудный поток”, “Зозуля”, “Нийох, “Апрельский”, “Шираз” суортары теплицаҕа таһааран олордуоххутун сөп. Онтон таһырдьа “Бабушкин секрет”, “Бабушкин внучок”, “Тундра” диэн суортары бааһынаҕа о.э. хортуопуй сиригэр куттаммаккаҕыт эрэ олордон үүннэрбитинэн барыҥ. Дьиэ иһигэр тля профилактикатыгар анаан “Фитоверм биостоп” диэнинэн ыстарыахха наада, оччотугар тля диэн тугун көрүө суоххут. Итини таһынан “Интавир” диэни эмиэ туһаныаххытын сөп. Тепллицаҕа анаан күһүн-саас, сылга биирдэ, үүнэйи суох кэмигэр шашканы туһанабын. Ону таһынан хаһаайыстыбаннай мыылалаах уунан ыстарыахха сөп, биир бэйэм оһуоба бу ньыманы туһанабын. Кымырдаҕас үөскээри гыммыт буоллаҕына “Гром-2” диэн эмп үчүгэй, кинини сэргэ “Актофит”, “Антиклещ”, “Карбофос” диэннэри эмиэ сөбүн көрөн туттуохха сөп. Арассаадаҕа уонна үүнээйигит улааппытын да кэнниттэн эриэппэ луугун хаҕа, табах күлэ олус туһалаахтар. Теплица сылааһа, төһө кыалларынан +21С кыраадыстан намыһах буолуо суохтаах. Итинтэн намыһах буолла даҕаны үүнээйигит салгыы үүнэрэ тохтоон хаалар, +30С кыраадыстан үөһэ буолла даҕаны форточканы арыйан салгылатыахха наада. Сылаас күҥҥэ ууну иккитэ да кутуохха сөп (сарсыарда уонна киэһээҥҥи кэмнэргэ). Бэйэм үүнээйилэрим 2,5 миэтэрэ үрдүктээх теплицаҕа үүнэ тураллар. Үөннэр-көйүүрдэр чаастарыгар эттэххэ, кыра, бытархай көтө сылдьар хара кыымаайылар утары “Мухаед” диэни туттааччым, итини таһынан буорга испиискэ сиэрэтин аанньааччым, мандарин, апельсин хахтарын ыламмын үүнээйи аттыгар уурар эмиэ туһалаах. Чэ ити курдук, өлгөм үүнүүлээх күөх сайыны баҕарабын”, — диэн күлэ-үөрэ, өрүү буоларын курдук ийэлии эйэҕэс мичээрдээх Розалия Сухаринова сүбэлээтэ.
Кэпсэттэ Сэмэн Жендринскэй