Алтынньы 14 күнүгэр Чурапчы нэһилиэгин ТОС-рын салайааччылара уонна актыбыыстара, “Куоҕалы” ТОС салайааччыта, өрөспүүбүлүкэтээҕи ТОС-тар ассоциациятын бырабылыанньатын чилиэнэ Федора Седалищева көҕүлээһининэн уонна салайыытынан, Горнай улууһун Бэрдьигэстээх нэһилиэгин түөлбэлэрин үлэлэрин уопутун билсиһэ, атастаһа, көрө–истэ баран кэллибит. Биллэрин курдук Горнай улууһа өрөспүүбүлүкэҕэ бырайыактыыр Грантовай үлэҕэ бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьар улуус буолар.
Бэрдьигэстээххэ киирэрбитигэр Лөкөй кыыл стела таһыгар Бэрдьигэстээх нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Ксения Васильева уонна сахалыы таҥастаах кыргыттар ыалдьыттары көрсүү сиэринэн уохтаах кымыһынан, арыылаах алаадьынан үөрэ–көтө көрүстүлэр. Салгыы Олоҥхо ыһыаҕа буолбут сиригэр тиийэн Аал–луук маһы көрдүбүт, кэрэ айылҕалаах ыһыахтыыр сиргэ сырыттыбыт. Биһигини мусуой үлэһитэ Василий Тимофеев арыаллыы сылдьан,нэһилиэк историятын, тутууларын сырдатта. Ол кэнниттэн Бэрдьигэстээх искибиэрдэрин, былаһааккаларын устун сырыттыбыт. Түөлбэ аайы искибиэр, оҕолор оонньуур, ыспартыыбынай былаһааккалара бааллар. Бу тутуулары дьон-сэргэ, дьиэ кэргэн кэлэн сынньанарыгар, успуордунан дьарыктанарыгар табыгастаах буоллун диэн сылын аайы саҥардар, тупсарар, кэҥэтэр үлэ күүскэтик барар, көхтөөхтүк ыытыллар эбит. Ол курдук Саха норуодунай суруйааччылара Семен уонна Софрон Даниловтар мини-пааркалара уопсайа 20 мөл. сууммаҕа тутуллубут. Ол таһыгар таһыгар социальнай харалта дьиэтэ турар. Манна кырдьаҕастар, бэтэрээннэр олороллор эбит. Кинилэр тахсан бу пааркаҕа сынньаналларын, дьарыктаналларын туһунан кэпсээтилэр. Олохтоохтор эмиэ сөбүлээн сылдьаллар эбит. Бу мини-паарканы “Сэргэлээх” түөлбэ көрөр–истэр диэн билиһиннэрдилэр. Хас даҕаны искибиэргэ, былаһааккаларга сылдьан, илэ харахпытынан көрөн, түөлбэ салайааччыларын сэргэх кэпсээннэрин истэн сөхтүбүт, махтайдыбыт. Экскурсия кэнниттэн норуот маастара Валерий Моисеев–Сиэн Харах уус –уран оҥоһуктарын быыстапкатыгар сырыттыбыт. Валерий Моисеевич биэнсийэҕэ тахсыар диэри суоппарынан үлэлээбит эбит. Бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан баран, хатыҥ мас удьурхайыттан, силиһиттэн, мутугуттан оҥоһуктары умсугуйан оҥорор. Элбэх биирдиилээн үлэлэрин таһынан, үс түһүмэхтээх улахан үлэлэрдээх. Ол курдук “Байанай” иччилэрин, “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхо 100 уобараһын, успуорт 18 көрүҥүн удьурхайтан оҥорбутун көрбүт эрэ сөҕөр, билсибит эрэ биһириир.
Ол кэнниттэн нэһилиэк баһылыга Алексей Григорьевич Аргуновы кытары көрсүһүүгэ сырыттыбыт, сылаас үүттээх чэй иһэ-иһэ ирэ–хоро сэһэргэстибит. Ийэ күнүнэн тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн бэлэхтээн үөрүүбүтүн үс бүк үрдэттэ. Чурапчылар ааттарыттан Федора Самсоновна, Чурапчы нэһилиэгин “Чурапчы үйэлэртэн – үйэлэргэ” кинигэтин бэлэх уунна.
Төгүрүк остуол, уопут атастаһыы “Эйгэ” кииҥҥэ буолла. Бэрдьигэстээххэ барыта 7516 киһи олорор ол онтон 12 (ТОС) түөлбэлээх, онтон 6 түөлбэ юридическай регистрациялаах. Ол иһин да буолуо Граннарга күүскэ үлэлииллэр эбит. Кинилэр үлэлэрин билсиһэ атын улуустартан элбэхтэ кэлэллэрин, бэйэлэрэ уопут атастаһа Москваҕа, Бурятияҕа баран кэлбиттэрин сырдаттылар. Бу сотору Санк Петербурга бараары сылдьалларын иһитиннэрдилэр. Нэһилиэк дьаһалтатыгар бырайыактыыр инновационнай үлэҕэ анал исписэлиис көрүллүбүт. Кини түөлбэлэри кытта күүскэ үлэлэһэр эбит. Былырыын олохтоох саҕалааһыннары өйүүр бырагыраамманан (ППМИ) түөрт бырайыак олоххо киирбит. Ол курдук “Чэбдик” түөлбэтигэр оҕо оонньуур былаһаакката тутуллубут, “Эйэ” искибиэригэр Таралҕан күөлүгэр уста сылдьар фонтан турбут, “Сардаҥа” түөлбэ “Доруобуйа марафона” Ил Дархан Гранын 1 мөлүйүөнү ылан ыспартыыбынай былаһааккатыгар сүүрэр суол оҥотторбут, өрөспүүбүлүкэтээҕи архитектура уонна градостроительство бырабылыанньата тэрийбит “Эйгэ” архитектурнай бириэмийэтин күрэһэр Бэрдьигэстээх нэһилиэгэ Гран при гранын ылан,10 мөл. солк.бириэмийэнэн наҕараадаламмыт. Ону таһынан “Бастыҥ дизайн” номинацияҕа тиксибиттэр эбит. Ити курдук араас хайысхалаах бырайыактарга кыттан, граннарга тиксэн, нэһилиэк сайдыытыгар элбэх үбү –харчыны киллэрбиттэрин истэн улаханнык сөхтүбүт. Биһиги өттүбүтүттэн ыытыллар үлэ хайысхаларын туһунан Федора Седалищева кэпсээтэ.
ТОС салайааччылара, актыбыыстара бу ыраах айаҥҥа барарбытын өйөөбүт нэһилиэкпит баһылыгар Владимир Сивцевка, биһиги бу сырыыбытыгар тырааныспарынан, автобуһунан хааччыйбыт үөрэх управлениетын начальнигар, улуус мунньаҕын “Куоҕалы “ ТОСт-ан дьокутаатыгар Юрий Посельскайга, биһигини илдьэ сылдьыбыт суоппарбытыгар Василий Макаровка махталбытын тиэрдэбит.
Наталья Захарова.
Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй