Чурапчы нэһилиэгин “Айыллаан” култуура киинигэр Иван Кандинскай аата иҥэрилиннэ

Чурапчы нэһилиэгин дьокутааттарын 2023 сыл ахсынньы 6 күнүнээҕи уочараттаах V-с сиэссийэтин 59 нүөмэрдээх быһаарыытынан, улуус култууратын үлэһиттэрин Ытык Сүбэтин туруорсуута өйөнөн, тутуллубута 51 сыл буолан баран иккис тыынын 2017 сыллаахха ылынан, оччотооҕуга саҥалыы өрөмүөннэнэн, нэһилиэнньэҕэ анаан аанын тэлэччи аспыт “Айыллаан” култуура киинигэр Иван Кандинскай аата дьиҥнээхтии, докумуонунан бигэргэнэн бүгүн о.э. олунньу 28 күнүгэр иҥэрилиннэ.

Иван Иванович 1969-1973 с. Чурапчы норуодунай тыйаатырын тэрийбитэ, өр сылларга режиссерунан үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Кини көҕүлээһининэн Чурапчы норуодунай тыйаатырыгар 1970 сыллаахха РСФСР уонна Саха АССР норуодунай артыыһа Петр Решетников аата иҥэриллибитэ. 1973 сылтан култуура отделын сэбиэдиссэйинэн ананан, 15 сыл устата ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Ол сылларга Дириҥҥэ норуодунай тыйаатыры, оҕо музыкальнай оскуолатын астарбыта, элбэх култуура каадыра үрдүк үөрэхтэнэригэр, ылбыт идэлэринэн иҥэн-тоҥон айымньылаахтык үлэлииллэригэр күүс-көмө буолбута. Кини салайар сылларыгар идеологическай үлэ күүскэ ыытыллыбыта, хонтуруолламмыта, кулууп, бибилэтиэкэ тэрилтэлэрэ ыкса сибээстээхтик үлэлииллэрэ ситиһиллибитэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар социалистическай куоталаһыыларга култуура тэрилтэлэрэ бэйэлэрин бөлөхтөрүгэр өрүү миэстэлэһэллэрэ.

 

1983 сылтан Чурапчы оройуоҥугар  партийнай комиссия бэрэссэдээтэлинэн талыллан, үгүс үлэни көҕүлээбитэ, ыыппыта. Саха биллиилээх мелодиһа, ырыаһыта Христофор Максимов ырыаларын хомуурунньугун таһаартарбыта. Саха сирин суруйааччыларын, ускуустуба маастардарын ааттарын үйэтитиигэ элбэх үлэлэрдээх. 1987 сылтан Чурапчы оройуонун норуодунай хонтуруолун чилиэнинэн талыллан үлэлээбитэ.

1988-1991 сылларга “Мугудай” сопхуос партийнай кэмитиэтин сэкэритээринэн ананан үлэлээбитэ. 1991-1994 сылларга, олоҕун тиһэх күннэригэр диэри “Уран тарбахтаахтар” уопсастыбаларын айымньылаахтык салайбыта. Дьэ ити курдук идеологичеөскай үлэ оргуйар үөһүнэн сылдьыбыт “Бочуот знага” уордьан кавалера Иван Иван Кандинскай аата “Айыллаан” култуура киинигэр иҥэрилиннэ.

Култуура дьиэтэ Чурапчы нэһилиэгэр 1973 сыллаахха ахсынньы 29 күнүгэр үлэҕэ киирбитэ. 2017 сыл ахсынньы 29 күнүгэр “Айыллаан” култуура киинэ Арассыыйа баанын мөлүйүөннээх өйөбүлүн ылан, хаттаан сөргүтүллэн, өрөмүөннэнэн, үөрүүлээх арыллыыта буолбута.

Култуура дьиэтин маҥнайгы дириэктэрэ ССРС уонна СӨ култууратын туйгуна Афанасий Аммосовтан саҕалаан, араас сылларга “Айыллааҥҥа” үлэлээбит култуура үлэһиттэрэ, бэтэрээннэрэ кыттыылаах улахан үөрүүлээх, умнуллубат өйдөбүллээх дьоро күн Чурапчыларга тосхойдо.

Тэрээһин үөрүүлээх дьаһалыгар, Чурапчы нэһилиэгин Аҕа баһылыга Владимир Сивцев эҕэрдэ тылы эттэ, “Айыллаан” култуура киинин дириэктэригэр Снежана Титоваҕа эҕэрдэ суругу уонна үлэ-хамнас инникитин тэтимнээх буоларыгар анаан сэртэпикээти туттарда. Мантан киэһэ Иван Кандинскайга аналлаах «Дууһатын сылааһа — бар дьонугар»ахтыы-кэнсиэрт саҕаланна, манна кыттыыны ылыахтара: Мария уонна Валерий Герасимовтар, Надежда Заболоцкая, Аграфена Кузьмина, Феврония Филимонова, Дария Жиркова, “Иэйии” вокальнай народнай квартет, Чурапчы нэһилиэгин уус-уран самодеятельноһа.

ЫСПЫРААПКА

Иван Иванович Кандинскай 1937 сыллаахха ахсынньы 21 күнүгэр Мэҥэ-Хаҥалас оройуонун Доллу нэһилиэгэр холкуостаах дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Аҕата Иван Яковлевич холкуос ууһа, ийэтэ Александра Семеновна ыанньыксыт этилэр. Иккиэн 1951 сыллаахха өлбүттэр. Иван 1952 сыллаахха Төҥүлүгэ сэттис кылааһы бүтэрбитэ. 1956 сыллаахха Дьокуускайдааҕы музыкальнай-художественнай училищеҕа үөрэнэ киирбитэ. 1960 с. училищены бүтэрэн, Москватааҕы А.В. Луначарскай аатынан театральнай институкка үөрэнэн, 1965 сыллаахха сахалартан маҥнайгынан опера режиссерун идэтин ылан, Былатыан Ойуунускай аатынан Саха музыкальнай—драматическай тыйаатырыгар режиссерунан ананан кэлбитэ. Дипломнай үлэтин “Лоокуут уонна Ньургуһун” диэн Дмитрий Сивцев-Суорун Омоллоон уонна Владимир Новиков-Күннүк Уурастыырап суруйбут либреттоларынан лирическай опера-номоҕу, Былатыан Ойуунускай “Кыһыл ойуун” айымньытынан, Суорун Омоллоон чочуйан оҥоруутугар, үс оонньуулаах драманы ситиһиилээхтик туруорбута. Ону таһынан, Саха тыйаатырын 40 сыллаах үбүлүөйүгэр анаан “Ньургун Боотур” туруорууга режиссер быһыытынан кыттыыны ылбыта. 1965-1968 сылларга Станислав Монюшко “Галька” оператын уо.д.а. туруорбута. 1968-1969 сылларга Амма норуодунай тыйаатырын төрүттээбитэ уонна маҥнайгы режиссер быһыытынан үлэлээбитэ. Онно кини Степан Ефремов “Ини-бии” испэктээгин ситиһиилээхтик туруорбута.


Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ