Чурапчы нэһилиэгэр ырааһырдыы үлэтэ тэтимнээхтик ыытыллар

Бу күннэргэ өрөөспүүбүлүкэ үрдүнэн, чуолаан Чурапчы нэһилиэгэр, Аҕа баһылык Владимир Сивцев көҕүлээһининэн ырааһырдыы үлэтэ тэтимнээх бара турар.

«Чурапчы нэһилиэгэ» МТ баһылыгын сааскы ырааһырдыыга дьаһала өссө муус устар 2 күнүгэр тахсыбыта. Чурапчы нэһилиэгэр хаарбах туруктаах дьиэлэри көтүрүү, ыраастааһын үлэтэ үгүс. Ол курдук, Трактовай уулусса иккилии мэндиэмэннээх эргэ дьиэлэрин “Хатан” ХЭТ ылсан көтүрдэ. Салгыы Ярославскай, Артемьев, Ленин, Константинов, Коркин аатынан уулуссаларга турар  хаарбах туруктаах дьиэлэрин көтүрүү былааннанар.

Быйыл Чурапчыбыт нэһилиэгэр Чөл олох сыла биллэриллэн, ырааһырдыы уонна тупсарыныы үлэлэригэр ордук улахан болҕомто уурулунна. Бу нэдиэлэҕэ хаһаайыстыбаннай тэрилтэлэр улахан уйуктаах тиэхиньикэлэрэ ыраастааһын үлэтигэр олохтоохтук ылыстылар. Бэл диэтэр иккис кыбаартар киһи хараҕар быраҕыллар гына ыраастанна, олохтоохтор үөрүүлэрэ үгүс.

 

Кинилэр Ярославскай аатынан уулуссаҕа турбут хаарбах дьиэ көтүрүллүбүт эргэ матырыйаалын, Павел Пинигин аатынан уулусса суолун кытыы өттүн бөҕөргөтүүгэ туһаннылар.

“Тутуу матырыйаалын сааскы халаан уутун бохсор сыалтан, сүрүн чааһын суолу бөҕөргөтүүгэ туһанныбыт. Күүстээх үлэ субуотунньугар кыттыбыт дьону итии, тотоойу аһынан Прасковья Борисова аатынан “Улыбка” оҕону сайыннарыы киин-уһуйаан куукунатын кэлэктиибэ хааччыйда. Кинилэргэ нэһилиэк дьаһалтатын аатыттан истиҥ махталбытын тиэрдэбит”, — диэн нэһилиэк баһылыга Владимир Дмитриевич эттэ.

Сэмэн Жендринскэй