Бүгүн, балаҕан ыйын 5, улуу тириэньэр Дмитрий Коркин 95 сылын туолар үбүлүөйдээх күнүгэр, Чурапчы нэһилиэгин “Спортивнай” түөлбэтигэр бэлиэ түгэн буолан ааста.
Дмитрий Петрович үбүлүөйдээх сылын көрсө, СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко баһылыктаах анал хамыыһыйа, сүрүн болҕомтолорун бэдэрээлинэй таһымнаах үрдүкү итиэннэ өрөспүүбүлүкэтээҕи интэринээт-оскуола үөрэх кыһаларын айанныыр суолларыгар уурбуттара.
Күн-бүгүн “Саҥа дэриэбинэ” томторугар 400-тэн тахса киһи олорор, кинилэри сэргэ өрөспүүбүлүкэбит араас муннуктарыттан 300-тэн тахса устудьуон ыччаттар кэлэннэр үөрэнэ, сүүрэ-көтө сылдьаллар.
Чурапчы нэһилиэгин дьаһалтатын быһаарыныылаах үлэтин түмүгэр, “Мегинские автомагистрали” ХЭТ, дириэктэр Артуш Ашотович Шагенян көҕүлээһиннэринэн, 450 миэтэрэ усталаах, тупсаҕай оҥоһуулаах тротуардаах аспаал суол тэлгэннэ.
Үөрүүлээх чааска, Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргыдаев: “Дмитрий Петрович өрөгөйдөөх 100 сылын көрсөргө бүгүҥҥүттэн СТАРТ биллэрэбит, инники үлэбит былаана өссө улахан, киэҥ. Оҕолор эһиги кытаатаҥҥыт үчүгэйдик үөрэниҥ. Бүгүн манна эһигини көрсө Дмитрий Коркин бастакы көлүөнэ иитиллээччилэрэ, олимпийскай чөмпүйүөн Павел Пинигин кэлэн тураллар. Кинилэр суолларын батыһан улахан ситиһиилэргэ тиийиэххит диэн эрэнэбит! ”
Өссө 15 сыл анараа өттүгэр, “дьахталлар түүпүлэнэн эрэ аспаал суол устун хаамыахтара” диэн этии этиллибит буоллаҕына, бүгүҥҥүттэн саҕалаан бөһүөлэк иһэ кыралаан аспаал суолунан бүрүллэн эрэриттэн үөрэбит.
Сэмэн Жендринскэй