Чурапчы улууһун бастакы литэрэтииринэй айар-суруйар түмсүүтэ тэриллиэҕиттэн күн бүгүҥҥээҥи диэри төһөлөөх элбэх айар куттаах дьон алтыһан, төрөөбүт тыл умсугутуулаах угуйар, айар күүһүгэр куустаран, хомоҕой тыллаах хоһооннору, айымньылары айан-тутан ааспыттара буолуой?
Күн-бүгүн биһиги биир дойдулаахтарбытын, Саха норуотугар күндү кылаат буолар бөдөҥ айымньыларын бэлэх гынан хаалларан, Саха литэрэтиирэтин сүдү айымньыларынан байыппыт айылҕаттан айдарыылаах суруйааччыларбытын билбэт киһи суоҕа буолуо. Дьуон Дьаҥылы суруйан хаалларбытыныы “Ойуун, артыыс, суруйааччы ууһаабыт сирэ Чурапчы” мантан силис тардан, үүнэн-сайдан тахсыбыттар аҕыйаҕа суохтар.
Билигин улууспут үрдүнэн 40-ча олохтоох айар-суруйар дьон баар. РФ Суруйааччыларын уонна Суруналыыстарын сойууһун чилиэннэрэ — Аркадий Дорофеев-Улдьаа Харалы, Павел Федоров-Сомоҕо, Аграфена Кузьмина, Ольга Янцен, РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ Мария Герасимова-Сэҥээрэ. СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Борис Горохов-Бээди Уола, Светлана Габышева-Егорова-Тулуйхаана, Варвара Семенова-Байбарылаах Балбаара, Гаврил Адамов-Сайдам буолаллар. Ону таһынан бүгүн биһиги түмсүүбүтүгэр литэрэтиирэ эйгэтигэр чиҥник үктэммит айа-тута, суруйа — бичийэ сылдьар суруналыыс, кэпсээнньит, хоһоонньут дьоннордоохпут
Киһи барахсан ийэтин үүтүн иҥэриниэҕиттэн Сир Ийэ, Айылҕа сүдү күүһүгэр, итэҕэлигэр сүгүрүйэр уонна ол кичэм, бүөм кистэлин, ыраас тапталын, ыра санаатын иэйэн, айар алыпка уйдаран хомоҕой хоһоонугар хоһуйар, ылбаҕай ырыатыгар ыпсарар. Айар тыл хомуһунун иҥэриммит айар куттаах дьоммут саҥа ааттара өссө да иһиллиэхтэрэ, саҥа айымньыларынан ааҕааччыны сэҥээрдиэхтэрэ. Айар аартыктара арыллан, сытыы бөрүөлэрэ сыппаабакка суруйа туруохтара.
Римма Корякина-ХОТУУНА — «Чурапчы» айар-суруйар литэрэтииринэй түмсүү салайааччыта , СӨ Суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ
САҤА ДЬЫЛ ТҮҮНҮГЭР
Маҥан хаар кыырпаҕын үҥкүүтэ
Намыыннык даҕаны эргийэр,
Саҥа дьыл алыптаах киэһэтэ
Кистэлэҥ дьиктигэ иһийэр,
Саҥа дьыл түүнүгэр
Саҥа дьол түстэнэр,
Дьикти түүн үөһүгэр
Сир үрдэ киэркэйэр,
Халлааҥҥа сүүһүнэн сулустар
Чаҕылхай мөһүүрэ курдуктар,
Ый уотун суһумун сыыйаннар
Мичиҥнии умайа оонньууллар,
Мин күндү киһибэр эйиэхэ
Бэлэхтиэм хаар намыын үҥкүүтүн,
Эргийиэх кынаттаах кэриэтэ,
Билиниэх дьол түүнэ үүмүүтүн.
Римма Корякина-ХОТУУНА
АПТААХ ТҮҮН.
Хас сыл аайы биирдэ эрэ
Дьоллоох сааспар эргиллэбин,
Харыйаттан тугу эрэ
Дьиктилээҕи кэтэһэбин.
Остуоруйа абын курдук
Оҕо сааһым онно күүтэр,
Күлүмүрдүү оонньуур кустук
Куппун тута киирэн кэлэр.
Аптаах түүнүм сиэтэн илдьэр
Туолбат ыра толоонугар,
Абылаҥнаах түгэн үүнэр
Түүн үөһүгэр, мин тулабар.
Саҥа сылга саҥа санаа
Уйаланнын ыал аайытын,
Сырдык, ыраас туолбат ыра
Умсугуттун барыбытын.
Дмитрий Федоров-Оһуохай Уола
КЭЛЛЭ САҤА ДЬЫЛ
Кырыа кыһын бэлиэтин,
Кырпай хаарбыт күлүмүн
Кылбачытар киэн иэнин
Күммүт күлүмнэтэ оонньуур.
Көрүүй,мичиҥниир уоттар,
Көҕүлүү-ыҥыра угуйаллар.
Күөх харыйа тула мустан,
Көрү- нары тардыаҕын.
Кэтэһиилээх тымныы оҕонньорбут
Кэрэчээн сиэн кыыһынаан
Кириэмил чаһыытын кураанынан,
Кэлбит саҥа дьылы уруйдуу,
Киирэн кэллилэр биһиэхэ.
Ким бары үҥкүүлүүр
Кэтэһэр аптаах түгэни.
Килбик кэрэ кыысчаан
Кэтэһэр сэмээр уоланын.
Кэскилин,тапталын туоһулуу
Күүтэр ,кэтэһэр долгуйа.
Көрүүй ,эрчимнээх үҥкүүгэ
Көччүйэ көтөллөр дайа,
Көмүс күндү дьоммут.
Кэллэ саҥа дьыл.
Кэллэ барыбытын үөрдэ.
Кэллэ эрэли саҕа.
Кэллэ дьолу бэлэхтии.
Кэллэ Сахам сиригэр.
Кэллэ уруйу тускулуу.
Евдокия Катакова-Чэлгийэ
САҤА ДЬЫЛ
Хаарчаана кыыстыын
Тымныы оҕонньор
Кырыалаах кыһын
Айаннаан иһэр.
Эгэлгэ кэһии,
Эйэ-дьол, үөрүү
Саҥа Дьыл түүнүн
Киэргэттин өрүү!
Саҥа Дьыл, Саргы Дьыл
Салаллан кэллэ!
Дьолунан-соргунан
Ааны арыйда!
Тырымнас уоттаах
Харыйа тыкта!
Бу үүнэр сылга
Ырабыт туоллун!
Лоҥкунас тыастаах
Уон икки чааһы
Дэлэгэй астаах
Көрсөбүт бары!
Саҥа Дьыл, Саргы Дьыл
Салаллан кэллэ!
Дьолунан-соргунан
Ааны арыйда!
Мария Винокурова-Мааны Маарыйа
САҤА ДЬЫЛ, ДОРООБО!
Саҥа дьыл түбүгэ ааммытын тоҥсуйда,
Ааһар сыл түмүгэ бар дьону долгутта…
Хаарчаана барахсан харыйа киэргэттэ,
Хаардары ыйаата, Чысхааны кэтэстэ.
Дьуолкабыт умайан тырымныы оонньоото,
Ахсынньы туманын кый ыраах кыйдаата,
Үрүҥ хаар үҥкүүтэ дойдуну үллүйдэ,
Дууһабын дьолунан, үөрүүнэн толордо.
Күн тахсар мичээрэ дойдубун сырдатта,
Күлүмнэс уоттардыын дьиримнии куустуста,
Алгыстаах бэлэҕин сулуска ыйаата.
Чөм бааччы кэскилгэ, кэрэҕэ сирдээтэ!
Кырылас утаҕы бакаалга куттуохпут,
Саҥа дьыл кэлиитин долгуйа көрсүөхпүт,
Ийэбит алгыһын сүрэххэ иҥэрэн
Арчылаах аартыкка ааммытын аһыахпыт!
Саҥа күн, дорообо-
Саҥа сыл, дорообо!
Саҥа кэм, дорообо-
Саҥа дьыл, дорообо!
Светлана Габышева-Егорова-Тулуйхаана
СОРГУНУ ТОСХОЙОР САҤА ДЬЫЛ
Саҥа Дьыл, Саҥа Дьол, Саҥа Сыл —
Хайдахтаах күүтүүлээх түгэний!
Күлүмнүү тырымныыр харыйа —
Кэрэтиэн, Саҥа Дьыл киэһэтэ!
Дьиктилээх иэйиигэ куустаран,
Хас биирдии сүрэҕи абылаан,
Дьол-соргу уйатын олохтоон,
Кэллэ дии, Саҥа Сыл сандааран!
Саҥа Сыл саҥаны саҕыахтын,
Саҥалыы олоҕу көрүөхтүн!
Саҥа Сыл соргуну тосхойдун,
Саргылаах олоҕу салайдын!
Оҕо саас чугдаара чоргуйдун,
Эдэр саас эрчими эбиэхтин!
Дьон-сэргэ күлүмнүү мичээрдин,
Дьолунан тырымныы сырдыахтын!
Наталья Сергеева-Аана Кыыһа
ОҔО СААҺЫМ ӨЙДӨБҮЛЭ
Оҕо сааһым саҥа дьылын
Санаан кэллим билигин,
Күлүмнэс харыйабыт симэҕин
Оҥорон ыйыырбыт бэйэбит.
Килиэйбит оннугар туттарбыт
Тиэстэни убатан бараммыт,
Маҥан хаар оннугар
Баатаны кэккэлэтэн кээһэрбит.
Чолбоммут сулуһа сандааран,
Ыраахтан ыҥырар буолара,
Былаах кырыйан тиһэрбит,
Куустара ыйыырбыт харыйаны.
Түннүккэ киэргэтэ сыһыаран
Кумааҕы хаарбытын биһэрбит,
Намылхай хардары ыйааммыт
Үөһэттэн түһэрэн үөрэрбит.
Бэйэбит оҥорор буоламмыт
Харыстыыр сэрэнэр этибит,
Лаампаҕа кырааска сотоммут,
Ыйыырбыт кылааспыт иһигэр.
Ааспыттар кэрэчээн сылларбыт
Тумаҥҥа түспүттэр, сүппүттэр.
Кэлбиттэр сайдыылаах кэмнэрбит
Чаҕылхай сулустуу умайан.
Елизавета Сивцева-Күндэйэ
ДЬҮҺҮЙҮҮ
Кыһыҥҥы ыйдаҥа түүн
Сырдатар ыллыкпын ыйардыы,
Туналы хаар ньууруттан
Көмүскэ холонноох дьүһүйүү,
Кэлэр күн, кэрдиитин кылгатан
Тибиибит силлиэрэ ытыйда,
Халыҥ хаар чигдиилии кытаатан
Мууһурбут кэриэтэ буоллаҕа,
Күүтүүлээх күммүтүн кэтэһэн
Харыйа симэннэ кэрэтик,
Дьэрэкээн оонньуурун иилинэн
Чээн дэтиэх буоллаҕын олустук,
Дьиримнии угуйар уоттарга
Оҕо дьон ылларыах айыылаах,
Мичиҥнии тырымныыр оһуорга
Үөрүүбүт кынаттыах быһыылаах,
Сэгэйбит мөссүөҥҥэ дьүөрэлии
Үллүктээх таҥаһын бэриннэ,
Сөҥүөрбүт чумпууну долгутуох
Үллэйбит мөһөөччүк көһүннэ,
Эҕэрдэ этиитэ дэлэйэ!
Биирдиилээн түҥэтэр бэлэҕэ!
Чуопчаарар саҥабыт элбэҕэ,
Үҥкүүлүүр көрүҥмүт кэрэтэ!
Иннокентий Алексеев
ДОЙДУГА, ДЬОҤҤО ТАПТАЛЫ
Ким өйдүүр доҕоттоор
Харыйалаах Саҥа дьылы,
Хайахсыкка буолбутун
Сырдык ыра сылааһа
Сүрэхтэри кууспутун.
Сыарҕа атынан айаннаан
Харыйа тиэйэн аҕалбытын,
Кыыс амма кытылыттан
Сэргэ Бэс биэрэгиттэн.
Ахсынньы аам тымныыга
Айан суолун туппутун,
Атас-доҕор уолунаан
Санаа кыымын сахпытын.
Сүөһү уотар уолаттар
Сүрэхтэрэ сылааһын,
Санаалара сырдыгын
Ыралара ырааһын.
Тыҥ хатыыта аттанан
Ыраах айаҥҥа турунан,
Саҥа дьылы санаан
Дойдуга харыйа бэлэмнээн.
Күөх харыйа киэргэммитэ
Күлүм уота күндээрбитэ,
Сырдык сыдьаай кууспута
Сүрэх сылааһа биллибитэ.
Үүтээҥҥэ олорон көрсүбүппүт
Ыраахтан тэҥҥэ үөрбүппүт,
Дьоллонон долгуйан ылбыппыт
Санаан бииргэ буолбуппут.
Саҥа дьылы көрсө
Эргиллэн мин көрдүм
Бу сырдык сыдьаайы
Дьоҥҥо тиэрдэр үөрүүнү.
Элбэх да сыл ааста
Оскуола, үлэ, үөрэх,
Улаатан иһэр оҕо саас
Төрөөбүт дойдуга таптал.
Саҥа дьыл, саҥа үөрүү
Саҕахтарын саҕаллар,
Ону кытта сырдык ыра
Ыраас илииһэ аһыллар.
Дойдуга, дьоҥҥо тапталы
Санатаммыт чиҥэтиэҕиҥ,
Дьоллоох оҕо сааспыт
Харыйатын эргитиэҕиҥ.
Константин Петров
САҤА ДЬЫЛЫМ ДЬОЛУНАН СЫДЬААЙАР
Саҥа дьылым сылын аайы бу кэлэн
ааһар,
Саргылаах олоҕу мэлдьитин кини
баҕарар,
Ситиһиим айар кутум ол аартыгын
арыйар,
Сулустарын уотунан дьэ куйаарбын
сырдатар.
Мин ол сырдык сардаҥаны көрөн
батыһаммын
Маҥан хаардаах муус чыпчаалга
дабайаммын
Мичээринэн олуһун дуоһуйа бэл
сыдьаайабын,
Мунчаарары даҕаны хомолтону
умнабын
Айаммар олох ырыаҕа уйдаран
дайабын,
Аргыс оҥостоммун дуһаабынан
туойабын,
Алгыс тыллаах Саҥа дьылбын
астынабын,
Алыптаах хомуһунун дьоллоно
ылынабын.
Степан Кожуров-Ыстапаан Таастаах
КЭРЭНИ АҔАЛЛЫН
Кэрэтиэн тулабар кыыдамныыр маҥан хаар,
Ахсынньы бүтэhик күннэрэ.
Күүтүүлээх Саҥа Дьыл алыптаах киэhэтэ,
Күлүмнүү, киэркэйэ угуйар.
Саҥа Дьыл кэлэрин оҕолуу күүтэбит,
Инники сылбытын эрэнэ саныыбыт.
Ааспыт сыл күннэрин махтанан ааhыахпыт,
Учугэй кэмнэрин өрүүтүн өйдүөхпүт.
Саҥа Дьыл бэлиэтин бэлэҕин туттардын,
Харыйа сытынан дьиэбитин толордун.
Үтүөнү баҕарыы тылларын сипсийдин,
Саҥа сыл биhиэхэ кэрэни аҕаллын.
Луиза Кобельянова-Үөттээх Кыыhа Сандаара
САҤА ДЬЫЛ АҔАЛЛЫН
Саҥа дьыл аҕаллын эһиэхэ,
Дьол-үөрүү сылааһын-сыламын,
Саҥа дьыл күнүн сардаҥата
Толбоннура сарыал сырдаатын.
Ахсынньы аан-даам тымныыта
Аргыйбатын аан аргыара,
Тохсунньулуур да тумарыга
Тумнарбатын тос томорооно.
Саҥа дьыл сандаарар күлүмүн,
Сүрэххэ үүнэр күн үтүөтүн,
Саҥа дьиэ садааран дьэргэйэн,
Сүрэхпин дьолунан толоруон.
Харахпар оҥорон көрөн да,
Итэҕэйиэҕим иһин эчи,
Түргэниин тутан сандаартылар,
Махталым оҕобор,тирэхпэр!
Кырдьар сааспар күндү бэлэххэр,
Киэн тутуннум оҕобунан,
Харахтарым ууланнылар,
Дьолбуттан уураатым,сыллаатым.-
Саҥа дьыл аҕаллын эһиэхэ,
Баҕа санаа өрүү бастыҥын,
Ыраҕыт хоту алгыстаннын,
Ситиһии эрэ сиэттистин!
Аттыгытыгар оҕолоргут,
Тапталынан үөрүү-дьол,
Эһиги дьиэҕитин толордун!
Ил-эйэ илэ олохтоннун!
Пелагея Игнатьева-Намыына
ДЬЫЛҔАҤ БЭЙЭҤ ИЛИИГЭР
(кэпсээн)
— Сотору саҥа дьыл. Мин саамай күүтэр бырааһынньыгым.
— Тоҕо саамай?
— Ас бөҕө астаныам уонна былыргы киинэлэри көрө көрө тэлэбииһэрим иннигэр таах сытыам. Хас да күнү быһа оннук сынньаныам.
— Уонна? Онон бүттэ дуо?
— Бүттэ.
— Онтон ыалдьыттар?
— Ээ, мин оннук чугас дьонум суох ээ. Доҕор-атас да аҕыйах. Бары ыал дьон.
— Онтон аймахтарыҥ?
— Аҕыйахтара бэрт.
— Оччоҕо соҕотох саҥа дьыллыыгын дуо?
— Мин куруук соҕотохпун ээ, саҥа дьылга кэлэн тоҕо уларыйыай?
— Оттон саатар аймахтаргар тиийиэххин?
— Ээ суох, ыҥырбат дьоҥҥо сыҥаланарбын сөбүлээбэппин.
— Дьикти эбит. Мин сыҥаланан баран хаалыам этэ. «Хаһан дьиэлиирэ буолла», — диэхтэригэр диэри хоноһолуубун уонна, һа-һа-һаа!
— Оо дьэ, сүрдээх да киһигин.
— Эн этэҕин. Кэргэммин эмиэ оннук курдук сыстаҥнаан ылбытым.
— Бай, хайдах ол? Кэпсээ эрэ?
— Уһун сайыны быһа дьиэтин аттыттан арахпатаҕым. Күн аайы туох-баар мааны таҥаспын уларыта сылдьан кэтэрим, олбуоругар кэлэн, кинини кэтээн турарым. Ханна барыай, бачча кыраһаапчыгы көрөн туран, һэ-һэ
— Онтон ол кыыһыҥ төрөппүттэрэ ону туох да диэбэтэхтэрэ дуо?
— Кинилэри эмиэ өйдөрүн сүүйдэҕим дии. Бэйэм бултаабыт куспунан, балыкпынан күндүлээбитим. Өттүк харалаах, илии тутуурдаах уол оҕо бэрдэ буоллаҕым!
— Тыый! Уол оҕото! Бэйэҕэр олус да эрэллээххин.
— Аҕам онуоха холобур эбит, куруук бултуура-алтыыра. Итирик да киһи буоллун, эһэ да утары көрүстүн — туохтан да куттаммат этэ.
— Тыатааҕы диэриий,
— Ити, эмиэ сэрэнниҥ. Билэбин ээ «Эһэ» диэн «Тыатааҕы» буоларын. Бэйэ икки ардыгар, сэмээр инник кэпсиэхпин сөп буоллаҕа.
— Эмиэ да оннук ээ…
— Наһаа да симик киһигин. Инник буолаҥҥын таптыыр кыыскын куоттарбыт буолуохтааххын?
— Оннук этэ. Аны кэлэн тугу уларытыамый? Икки оҕолоох, ыал ийэтэ буолан олордоҕо.
— Оо дьэ, барахсан! Бу сиргэ сэттэ миллиард киһи олорор. Ама биир кыыс көстүбэт үһү дуо?
— Билбэтим ээ, көстүө дуо?
— «Көстүө» диэхтээххин, оччоҕо туолуо. Уонна биир сиргэ бүгэн олорбокко, билсэн-көрсөн, кэлэн-баран иһиэххин наада. Эн буоллаҕына аһыы-аһыы сытыам диигин. Түксү! Тур! Таҥын! Мантан киэһэ эйиэхэ саҥа дьыллаһар кыыс булуохпут!
— Тыый! Тугу кэтэбин?
Сардаана Корякина – САРДААНА
Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй