Чурапчы коллекционердара Тааттаҕа ыытыллыбыт быыстапкаҕа кытыннылар

Сэтинньи 5 күнүгэр Таатта улууһун Ытык-Күөлүгэр Илин Эҥэр коллекционердарын түмсүүтүн «Коллекция дьикти, дьоһун дьарыга-доҕордоһуу, сомоҕолоһуу, бигэ-бөҕө буолуу» норуоттар сомоҕолоһууларын күнүгэр аналлаах быыстапкаҕа кыттан кэллибит. «Маарыкчаан» түмсүү коллекционердарын И.Н.Попов түмэн, Чурапчыттан тохсуо буолан, «Сайдыс» норуот айымньытын дьиэтигэр тиийдибит.

Сарсыардаттан салайаачылар И.И.Табунанов, М.Е.Бондерова үөрэ-көтө көрсөн, быыстапкаҕа коллекцияларбытын тэниччи тэлгэтэн, көрүү-истии саҕаланна. Аан бастаан, Баайаҕаттан төрүттээх Уус-Алдан «Умсулҕан» түмсүү кулуубуттан С.Н.Луковцевы үбүлүөйдээх сааһынан эҕэрдэлээһин буолла. Кини көтөр ааллар тустарынан 40 сыл устата 5000-тан тахса значогу, 1500 маарканы уонна аккырыыкканы, 400 кинигэни, 200 халандаары  мунньубут Саха сиригэр, Арассыыйаҕа биллэр коллекционер. Ону таһынан кини – композитор идэлээх. Онон бу күн баянынан доҕуһуоллаан, биэлсэр идэлээх “Суһал көмө” кыра массыыналарын мунньар Иван Тордуяновтыын хас даҕаны ырыаны ыллаан сэргэхситтилэр. Мэҥэ Хаҥалас тумуллар түмсүүлэрин салайааччыта А.И.Корякина бэйэтин коллекциятын ис хоһоонун арыйар бириистэрдээх викторинатын сэҥээрдим.

Кэлбит түмсүүлэр хардарыта эҕэрдэлэһэн, коллекцияларын атастастылар, атыыластылар, бэйэ- бэйэлэригэр бэлэхтэстилэр, остуол тула олорон, минньигэстик чэйдээн, дуоһуйа кэпсэтэн, ыллаан тарҕастыбыт. Тус бэйэм эмиэ саҥаны билэн-көрөн, наһаа баай мунньуулаах дьону кытта алтыһан кэлбиппиттэн астынным.

Варвара Душкина.