Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар кырата суох көмөнү волонтердар оҥороллор. Саха сирин куораттарыгар, улуустарыгар, нэһилиэктэригэр олохтоохтор баҕа өттүлэринэн, волонтер быһыытынан көмөлөһөллөр.
Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр волонтердар көмөлөрүн туһунан Чурапчы улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Мария Кронникова кэпсиир:
— Биһиги улууспутугар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар балаһыанньа оҥоһуллан тиһиктээх үлэ барар. Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын төрөппүттэригэр уонна дьиэ кэргэттэригэр туох наадатынан, сайаапка быһыытынан, көмө оҥоһуллар. Нэһилиэктэрбитигэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьонноругар биир дойдулаахтара сайынын оттоон, күһүнүн мас мастаһан, муус ылан, киллэрэн, хотоҥҥо үлэлэһэн көмөлөһөллөр. Нэһилиэктэр түмсүүлэрэ, ыччат холбоһуктара, түөлбэлэр онтон даҕаны атын көмөнү оҥоро олороллор.
Соторутааҕыта улуус “Дьахталларын сэбиэтэ” уопсастыбаннай тэрилтэ уонна Мугудай нэһилиэгин “Сайдыына” дьахталларын сэбиэтэ “Талисман победы” волонтерскай бырайыагынан кыттан 991 635,00 солкуобайдаах Саха сирин баһылыгын гранын ылбыттара. Бу грант чэрчитинэн, оҕону уонна ыччаты патриотическай иитиигэ, көлүөнэлэр сибээстэһиилэригэр уонна байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын духуобунай уонна материальнай өйөбүлү, көмөнү оҥоруохтара.
Уопуттаах маастардарбыт-иистэнньэҥнэрбит бэйэлэрин билиилэрин-көрүүлэрин үүнэр көлүөнэҕэ уонна ыччакка иҥэриэхтэрэ, оскуола үөрэнээччилэрин уонна эдэр ийэлэри кытары байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар анаан 1000 сылаас таҥаһы тигэн ыытыахтара.
Саха сирэ
Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй