Чурапчы гимназиятын үөрэнээччилэрин кэккэтэ хаҥаата

Ааспыт нэдиэлэҕэ биһиги гимназиябытыгар саҥа киирбит үөрэнээччилэри чиэстээтилэр. Чэппиэргэ оҕолор хас биирдиилэрэ «Юный Макаровец» гимназист чиэһин кодексын туттардылар. “Республика Гимназия” оҕо хамсааһынын оҕолорун уонна дириэктэр, дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы, учууталлар иннилэригэр гимназия историятын, гимнин, гимназист эбээһинэһин, быраабын о.д.а. туһунан ыйытыыларга хоруйдаан, билиилэрин тургуттулар. Онон кинилэргэ барыларыгар олус долгутуулаах түгэн буолан ааста. Бары олус үчүгэйдик үөрэтэн кэлэн, этэҥҥэ туттардылар.

Сарсыҥҥы күнүгэр саҥа үөрэнээччилэр гимназист үрдүк аатын сүгэр күүтүүлээх түгэннэрэ буолла. Манна оҕолор тэрээһин буолар сиригэр киирэллэригэр ыытааччылар хас биирдии оҕону көрөөччүлэргэ билиһиннэрдилэр. Кинилэр олус элбэх ситиһиилээхтэрин сөҕө иһиттибит. Ону таһынан бэһистэрбит олус талааннаахтар эбит диэн бука бары биир санааҕа кэллибит. Хоһоон ааҕан, үҥкүү туруоран, төрөппүттэрин, учууталларын олус сэргэхситтилэр.

Бу күн биһиги оҕолору кытта көрсөн сэһэргэстибит, гимназияҕа туох санааттан туттарсан киирбиттэрин, инники былааннарын туоһуластыбыт:

 

Милена Беляева 5Б:

– Мин гимназияҕа инникитин бастыҥ үрдүк үөрэх кыһатыгар туттарсар баҕаттан киирбитим. Манна үчүгэйдик үөрэтэллэр дии саныыбын. Оскуолабын сөбүлээтим, кылааһынньыктарбын кытары үөрэ-көтө кэпсэтэбин, элбэх саҥа доҕоттордоннум.

Сыалбын ситиһэр туһугар кыһаллан үөрэниэм, учууталлар тылларын истиэм уонна араас тэрээһиннэргэ, олимпиадаларга кыттыыны ылыам.

 

Айсен Максимов 5Б:

– Инникитин үлэһит, ситиһиилээх киһи буолаары гимназияҕа үөрэнэ кэллим. Олус сөбүлээтим, оҕолору кытта алтыстым, билсистим.

Мин үөрэхпэр кыһаллыам, бэрээдэги тутуһа сылдьыам уонна туохха барытыгар кыттыыны ыла сатыам.

 

Валера Федулов 5А:

– Мин холобур оҥостор дьонум – эдьиийдээх убайым гимназияҕа үөрэммиттэрэ. Кинилэр курдук буолаары гимназияҕа туттарсан киирдим.

Гимназияны уонна манна үөрэнэр оҕолору мин сөбүлүү санаатым. Учууталлар үөрэтэр предметтэрин биэс тарбахтарын курдук билэллэр. Оҕолор сыһыаннара үчүгэй.

 

Максим Пермяков 5А:

– Мин үөрэхтээх уонна ситиһиилээх киһи буолуохпун баҕарабын. Манна үөрэнэр олус үчүгэй, үөрэнээччилэр бары кэриэтэ эйэҕэстэр, кинилэри кытта кэпсэтэрбин сөбүлээтим.

Үөрэнэр, үөрэнэр өссө биирдэ үөрэнэр былааннаахпын.

 

Алёша Сивцев 8А:

– Инниким кэскиллээх буоларын туһугар гимназияҕа туттарсыбытым. Учууталлара, үөрэнээччилэрэ олус үлэһиттэрэ, ыраас-сырдык санаалаахтара, үөрэнэр, үлэлиир сирдэригэр бары бэрээдэги тутуһаллара, оскуолаларын таптыыллара сүргэбин көтөҕөр.

Араас тэрээһиннэргэ, кэмпириэнсийэлэргэ, күрэхтэргэ көхтөөхтүк кыттар баҕалаахпын.

 

Оля Толстоухова 8А:

– Бастакы уочарат гимназияҕа үөрэхтээх киһи буолаары, ону таһынан элбэх саҥа доҕоттордоноору кэлбитим.

Аан бастаан бииргэ үөрэнээччилэрим олус өйдөөх, көр-күлүү диэни билбэт, учууталлар кыыһырымтаҕай буолуохтара дии санаабытым. Оннук буолбатах эбит. Бары миэхэ тута олус үчүгэй сыһыаннарын көрдөрбүттэрэ. Гимназиям иккис дьиэм кэриэтэ буолуо диэн эрэнэбин.

 

Айдын Петров 8А:

– Гимназияттан ураты оскуолаҕа мин баҕарар билиибин сатаан ылыам суоҕа диэн санааммын манна үөрэнэ кэлбитим.

Гимназияҕа кэлэн баран мин бастакытынан ырааһын бэлиэтии көрбүтүм. Олус сырдык миэстэ эбит. Учууталлар бэйэлэрин билиилэрин биһиэхэ хайдах тиэрдэллэрин сөбүлүү санаатым. Ону таһынан оҕолор үчүгэй сыһыаннара саҥа миэстэҕэ адаптация ааһаргын олус чэпчэтэр. Гимназистар миигин олус элэккэйдик көрсүбүттэригэр махтанабын.

Сыалбын ситиһээри, билигин мин араас олимпиадаларга, тэрээһиннэргэ кыттар санаалаахпын. Бибилэтиэкэҕэ кинигэ арааһа баарыттан сөхтүм, билиигэ тардыһар баҕабын ханнарар элбэх кинигэ баар.

 

Саҥа доҕотторбутугар бэрээдэктээх буолууну, үөрэхтэригэр ситиһиини, чэгиэн-чэбдик доруобуйаны баҕарабыт. Куруутун көхтөөх, үөрэххэ бастыҥтан бастыҥ буолар баҕа санаалара туолуохтун.

 

Алима Николаева, Нарыйа Макарова, 9 “а” кылаас үөрэнээччилэрэ,

“Тумус кыһа” пресс-киин, С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназията