Чурапчы нэһилиэгэр үтүө үгэскэ кубулуйбут оскуола үөрэнээччилэрин муҥхалара бүгүн сэтинньи 6 күнүгэр саҕаланна. Эбэҕэ элбэх киһи тоҕуоруста, биригээдэҕэ 25-тии эр киһи ону тэҥэ сүүһүнэн ахсааннаах үөрэнээччилэр. Муҥханы нэһилиэк Аҕа баһылыга Владимир Сивцев иилээн-саҕалаан тэрийэр.
Нэһилиэк иһигэр сылын аайы ыытыллар дьаһалга 4 оскуолаттар 30-туу, үнүстүүттэн 30 киһи, ытыктанар үлэ бэтэрээннэрэ, элэҥнэтэр эр бэртэрэ, тыыллан-хабыллан эрэр уоланнар, кэнчээри уолаттар түөрт муҥханы түһэрэн, нырыылаан, анньыыһыттаан сүүрэн-көтөн эрэллэр.
“Бу эбэҕэ балыктаабытым 50-ча сыл буолла. Бүгүн ДЭС аннынан эбэ илин өттүнэн киирэн турабыт, былырыын уонна иллэрээ сыл эмиэ арҕаа өттүн тардыбыппыт. Балык элбэхтэ кэлэр түгэнэ бу эбэҕэ хаста даҕаны буолан турардаах, сынньата-сынньата тардар буоламммыт балысханнык кэлээччи, мин өйдүүрбүнэн биирдэ ол ДЭС аннынан 1400 куул кэлбитэ, иллэрээ сыл 1500 курдугу аахпыппыт. Быйыл хаарбыт суох буолан эбэлэр муустара эрдэ баҕайы халыҥаан хаалла, 40-ча см буолбут. Соторутааҥҥыга диэри сэтинньи 7 күнүгэр бу эбэни тардан баран дьэ ол онон муҥханы улуус үрдүнэн түмүктүүр буолар этибит. Билигин сорох-сорохтор сэтинньи 7 күнүгэр саҥардыы муҥхалыы бараары сылдьаллар. Күммүт-дьылбыт уларыйан иһэр. Түөрт муҥха тахсыаҕа, эбэбит бүгүн дьэ хайдах хараҕынан көрөр? Муҥха сүрүн тойонунан Владимир Дмитриевич бэйэтэ буолуоҕа, кинини кытары нырыыһыттарга, муҥхаҕа эппиэттээхтэр диэн сылдьыһыахтара. Күммүт туран биэрдэ, уолаттар үлэлээн-хамсаан эрэллэр. Бу биһиги кэнэҕэски ыччаттарбыт, инникитин бэйэбитин балыгынан күндүлүөхтээх дьоммут онон удьуор үөрэҕин ситимэ быстыбат”, — диэн улуус Бочуоттаах олохтооҕо, нэһилиэк бастыҥ уопсастыбанньыга Иван Григорьевич Макаров кэпсиир.
“Оскуолабытыттан бүгүн 18 буолан кэллибит, эрдэ наар нырыыһыттарынан, үүрээччи быһыытынан сылдьыбыт буоллахпытына быйыл анньыыны боруобалаан эрэбит. Иллэрээ сыл биирдии куул соболоох тиийэммит дьоммут олуһун үөрбүттэрэ, бүгүн даҕаны эбэбит бэрсэр ини”, — диэн үһүс сылын муҥхаҕа кэлбит, Иван Павлов аатынан Чурапчы орто осуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ Слава Догордуров санаатын үллэһиннэ.
Балыксыттар көрүөх бэтэрээ өттүгэр чагдааттарын тэһэн муҥхаларын түһэрэ оҕустулар. Муус төһө даҕаны халыҥаабытын үрдүнэн, улахан илистиитэ суох бастакы муҥхаларын киллэрдилэр. Салайааччылара үктээбит икки кынатынан арахсан ойбоннорун курдурҕаччы тэспитинэн бардылар. Ону кытары үтүмэҕи тоһуйан ылааччы, быатын эрийэ баттаат, элэҥнэччи айаннаата.
Сэмэн ЖЕНДРИНСКЭЙ. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ