Чурапчы нэһилиэгэр үтүө үгэскэ кубулуйбут оскуола үөрэнээччилэрин муҥхалара саҕаланна. Эбэҕэ киһи бөҕө тоҕуоруста. Манна нэһилиэк Аҕа баһылыга Владимир Сивцев салалтатынан бөһүөлэк иһинээҕи түөрт оскуолаттан 100-кэ оҕо муһунна.
Нэһилиэк иһигэр сылын аайы ыытыллар дьаһалга 4 оскуолаттар 30-туу, үнүстүүттэн 30 киһи, ытыктанар үлэ бэтэрээннэрэ, элэҥнэтэр эр бэртэрэ, тыыллан-хабыллан эрэр уоланнар, кэнчээри уолаттар икки муҥханы түһэрэн, нырыылаан, анньыыһыттаан сүүрэн-көтөн эрэллэр.
“Бүгүҥҥү дьаһалга нэһилиэкпит оскуолаларыттан уонна үнүстүүт устудьуоннара муҥхалыы киирдилэр. Икки муҥха тахсыаҕа. Муҥха сүрүн тойонунан Владимир Дмитриевич бэйэтэ буолуоҕа, кинини кытары нырыыһыттарга, муҥхаҕа эппиэттээхтэр диэн сылдьыһыахтара. Күммүт туран биэрдэ, уолаттар үлэлээн-хамсаан эрэллэр. Бу биһиги кэнэҕэски ыччаттарбыт, инникитин бэйэбитин балыгынан күндүлүөхтээх дьоммут онон удьуор үөрэҕин ситимэ быстыбат”, — диэн нэһилиэк уопсастыбанньыга Иван Макаров кэпсиир.
Балыксыттар көрүөх бэтэрээ өттүгэр чардааттарын тэһэн муҥхаларын түһэрэ оҕустулар. Муус төһө даҕаны халыҥаабытын үрдүнэн, улахан илистиитэ суох бастакы муҥхаларын киллэрдилэр. Салайааччылара үктээбит икки кынатынан арахсан ойбоннорун курдурҕаччы тэспитинэн бардылар. Ону кытары үтүмэҕи тоһуйан ылааччы, быатын эрийэ баттаат, элэҥнэччи айаннаата.
Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ