Чурапчы делегацията ыччакка аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи сэминээр-мунньахха кыттыыны ылар

Дьокуускайга Ыччат бэлиитикэтин эйгэтигэр, патриотическай иитиигэ уонна гражданскай уопсастыба үнүстүүтүн сайыннарыыга туһуламмыт сэминээр-мунньах саҕаланна. Бу СӨ Ыччат дьыалатын уонна социальнай коммуникация министиэристибэтин сылы түмүктүүр дьаһала буолар.

Сэминээр-мунньахха өрөспүүбүлүкэ араас оройуоннарыттан ыччаты кытта үлэлиир исписэлиистэр, актыбыыстар кытыннылар. Чурапчы улууһуттан ыччат  исписэлииһэ Александра Хомус салайааччылаах 8 киһилээх дэлэгээссийэ сырытта.


Дьаһал  үөрүүлээх аһыллыытыгар ыччат миниистирэ Петр Шамаев эҕэрдэ тылы эттэ. Миниистир үс күн устата үлэ таһаарыылаахтык, туһалаахтык ааһарыгар баҕарда.

«Биһиги бырайыактарбыт Арассыыйаҕа үрдүк хаачыстыбалаах, бастыҥ буолуохтаахтар. Ону ситиһэргэ кыһаллыахтаахпыт. Онуоха бырайыагы суруйууга Федеральнай экспердэри ыҥырдыбыт. Кинилэр бырайыак ымпыгын-чымпыгын кэпсиэхтэрэ, бэйэлэрин уопуттарыттан үллэстиэхтэрэ», — диэн Петр Шамаев бэлиэтээтэ.

«Развитие» консалтинг уонна эбии үөрэхтээһин автономнай кэммиэрчэскэйэ суох тэрилтэ дириэктэрэ С.Баженова грант куонкуруһугар сайаапканы хайдах сөпкө толорору үөрэтиэҕэ, экспердэр сыаналааһыҥҥа тугу тутуһалларын туһунан билиһиннэриэҕэ итиэннэ кыайыылаахтары кытта үлэлэһиини уонна НКО үлэтин сырдатыаҕа.

Маны таһынан СӨ Ыччат дьыалатын уонна социальнай коммуникация министиэристибэтин исписэлиистэрэ ТОС уонна гражданскай уопсастыба сайдыытыгар туһуламмыт Ил Дархан гранын ылыыга куонкурустар уонна ыччат эйгэтигэр көрүллэр субсидиялар тустарынан билиһиннэриэхтэрэ.

Марфа Петрова.