Прокопий Сокольников аатынан Чурапчы киин балыыһатын кылаабынай бырааһынан Николай Сергеевич Сивцев ананан үлэлии кэлиэҕиттэн бэрт кылгас кэм ааста. Ол да үрдүнэн, солбуйааччытынаан, улахан травматолог быраас Александр Степанович Максимовы кытары дириҥ хорутуулаах үлэни ыыта сылдьалларын бэлиэтиибит.
Кистэл буолбатах, дьон-сэргэ ортотугар “биһиги быраастарбыт тугу даҕаны быһаарбаттар”, “туһааннаах исписэлиистэр наар үлэлэригэр суохтар”, “регистратураҕа киһи хаһан даҕаны телефонунан тиийбэт” о.д.а. мөҕүттэр хабааннаах саҥалар элбэхтик иһиллэллэр. Ол эрэн ыарахан ыарыы, дэҥ-оһол бэйэбитигэр тирээн кэллэҕинэ быыһыыр-абырыыр, өрүһүйэр дьоммутунан үрүҥ халааттаах аанньалларбыт буолаллар.
Бу кэлиҥҥи бириэмэҕэ Чурапчы улууһун киин балыыһатыгар, тыа сиригэр хаһан даҕаны, ханна даҕаны оҥоһуллубатах уустук эпэрээссийэлэри толорор буоллулар. Киһи манна биһириирэ диэн кылаабынай быраас бэйэтинэн киирэн уустук эпэрээссийэлэри оҥорор.
“Холобура иэччэх тостуутугар кыра разрез быыһынан, хаана суох да диэххэ сөп, тостубут уҥуох көстүбэт гына орун-оннугар (остеосинтез штифтом с блокированием) репозициялыыр (илии-атах тостооһуна аныгы технологиянан ааттанар тиэрминэ) кыах үөскээтэ. Ол эбэтэр иэччэҕэ тостубут ыарыһахпыт тутатына туран хааман барыахтарын сөп.
Итини таһынан лапароскопическай стойка диэни ылынныбыт. Быраастарбыт инникитин үөрэнэн бардахтарына “лазерынан” үөс тааһын быһыахтара, лапароскопическай эпэрээссийэни толоруохтара. Урукку курдук куоракка утаарбаккабыт миэстэтигэр сөптөөх көмөнү оҥорор буолуохпут. Итини таһынан таарыччы кэпсээтэххэ быйыл целевой миэстэлэргэ быраас идэтигэр 10 выпускник үрдүкү үөрэх кыһаларыгар туттарсан киирдилэр. Ол курдук, Москуба куоракка -1 оҕо, Томскайга – 1, Хабаровскайга – 1, Дьокуускайга ХИФУ-га эмтиир дьыалаҕа – 4, педиатрия -1, тиис бырааһыгар – 1. Аны алта сылынан ити оҕолорбут быраас идэтин баһылааннар төрөөбүт Чурапчыларын улууһугар үлэлии-хамсыы кэлиэхтэрэ. Мантан салгыы “Новая модель медицины-бережливая поликлиника” диэн үлэ ыытыллар. Ыарыһахтары сирдиир киин тэриллэн үлэлээн эрэр. Мантан инньэ дьон уочарата суох госуслуги нөҥүө суруттаралларыгар өйдөтүү үлэтэ барыаҕа”, — диэн Чурапчы улууһун кылаабынай бырааһа Николай Сергеевич кэпсиир.
Мантан салгыы Чурапчыбыт улууһугар саҥа быраастар үлэлии кэлбиттэрин туһунан сонун ыстатыйалары суруйан таһаартыахпыт. “Саҥа олох” хаһыаты кытары бииргэ буолуҥ, улуускут сонуннарын көтүтүмэҥ.
Сэмэн Жендринскэй