Этнограф Владимир Иохельсон 101 сыл аннараа өттүгэр чурапчылары хаартыскаҕа түһэрэн үйэтиппитэ. Хаартыска Америка дойдутугар музейга хараллан турар. Быйыл Чурапчы үбүлүөйдээх сылынан ол хаартысканы саҥаттан хатылаан түһэрбиттэрин, биидьийэҕэ устубуттарын сүрэхтээтилэр.
Чурапчы Аҕа баһылыга Владимир Дмитриевич Сивцев: «Бүгүҥҥү көлүөнэ дьон ытык иэспит курдук ылынан өйбүтүгэр өй, санаабытыгар санаа киирэн бу хаартысканы саҥа иккис тыынын киллэрэргэ, үйэтитэргэ улахан тэрээһини тэрийдибит. Бу идея “Саха” НКИХ Чурапчытаагы филиалын салайааччыта Анна Семенова этии быһыытынан киллэрэн, ону олохтоох дьаһалта баьылыгын солбуйаччы Варвара Васильевна Макарова кэҥэтэн, ситэрэн-хоторон, үлэ хаамыытын иилээн-саҕалаан, дьону түмүүгэ, таҥас-сап, атрибутика булуутугар-талыытыгар “Айыллаан” сынньалан киинин дириэктэрэ Снежана Титова салалтатынан, режиссёр Семен Ноговицын уонна кэлэктиип бары биир киһи курдук үлэлээн, үгүс сыраны ыытан бу улахан тэрээһин этэҥҥэ түмүктэннэ.
Бу эпизоду “Саха” НКИХ Чурапчытааҕы филиала оҥорон Чурапчы нэһилиэгин 375 сылыгар анаан документальнай киинэ гынан таһаарда. Хаартысканы тилиннэриигэ нэһилиэкпит тэрилтэлэрэ, олохтоохтор оҕотуттан аҕам саастаах дьоҥҥо уопсайа 200-кэ киһи тиийэн көхтөөх кыттыыны ылбыттара. Кыттыбыт дьон бары бу олус суолталаах, дириҥ устуоруйалаах хаартыскаҕа түһүүнү, биидьийэҕэ уһуллары киэҥник анааран өйдөөннөр, бэйэлэрэ былыргы малы-салы, таҥастарын булан, сөхсүтэн, сорохтор анаан тиктэн, сорохтор уларсан, быһатын эттэххэ олус тэрээһиннээхтик кэлэн хас биир дьоруой уобараһын, ол кэминээҕи киһи майгытын, эмоциятын үүт-үкчү биэрэргэ кыһаллан, холонон бэрт көхтөөхтүк кытыннылар. Хас биирдии кэлбит киһи ис сүрэҕиттэн, баҕа өттүнэн кыттыбыт буолан туруоруллубут улахан тэрээһин сыалын-соругун ситиһэригэр олук уурда.
Чурапчы нэһилиэгин дьаһалтатын, “Саха” НКИХ Чурапчытааҕы филиалын уонна “Айыллаан” култуурунай-сырдатар киин кэлэктииптэрин ааттарыттан бука бары кыттыыны ылбыт нэһилиэк хас биир олохтооҕор, тэрилтэлэрбит үлэһиттэригэр, салайааччыларыгар, профкомнарын бэрэссэдээтэллэригэр, фотограф Сэмэн Жендринскэйгэ, “Олонхо” тыйаатырыгар, итии аһынан хааччыйбыт “Чурапчы” ТХПК кэлэктиибигэр, погрузчик тырахтарыыһыгар о.д.а маннык сүдү историческай суолталаах дьаһалга кыттыыны ылбыккытын үрдүктүк сыаналаан туран дириҥ махталбын тиэрдэбин. Барыгытыгар доруобуйаны, үлэҕэ, үөрэххэ ситиһиилэри, этэҥҥэ буолууну баҕарабын».
Саҥардыллыбыт хаартыска ааптара, «Саҥа олох» эрэдээксийэ үрдүкү кэрэспэдьиэнэ Сэмэн Жендринскэй: “Бу сайын миэхэ нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы Варвара Макарова эрийэн, «хаартыскаҕа түһэриэҥ дуо?» диэн ыйыппыта. Бөтүгүттэ алааһыгар дьону мунньан, ол саҕанааҕы таҥастары булан бэлэмнэммиттэр этэ. Фотограф мин эрэ буолбатах этим, улуус биллэр фотографтара бары бааллара.
Урукку хаартыскаҕа Чурапчы күөлүн оннугар күһүөрү түспүттэрэ сабаҕаланар. Бэйэм көрүүбэр Иохельсон сыыр үрдүттэн түһэрбит, фотоаппараатын хаачыстыбата быдан күүстээх эбит, биһиэнэ онно холоотоххо ханан даҕаны тиийбэт.
Чурапчы нэһилиэгин үбүлүөйдээх 375 сылыгар анаммыт дьаһаллар чэрчилэринэн, урукку кэмнэргэ «үһү» диэн үһүйээн эрэ курдук иһиллэр Владимир Ильич Иохельсон,
Саха сиригэр сыылкаҕа сылдьан, Нуучча Императорскай географическай уопсастыба экспедицияларыгар В. Г. Богоразов, Э. К. Пекарскай, И. И. Майнов, Николай Виташевскай курдук политическай этнограф сыылынайдары кытта бииргэ сылдьан
юкагир омук тылын, норуот олоҕун–дьаһаҕын үөрэтиһэр. Экспедиция түмүгэр олус улахан Саха норуотун олоҕун туһунан үлэ хомуллар. Ол курдук, ааспыт үйэ саҥатыгар, өрөбүлүүссүйэ быдан иннинэ, 1902 сыллаахха, уруккунан Боотуруускай улуус, билиҥҥинэн чопчу Чурапчы ол кэминээҕи дьонун-сэргэтин, төрүт уус сахалар ыспыт ыһыахтарын үйэлэргэ үйэтитэн, элбэх сыллары уҥуордаан, аҕыйах ахсааннаах Саха норуотун сиэрин-туомун, духуобунай култууратын сэҥээрэн, үөрэтэн, санаа да тиийбэт ыраах дойдутугар илдьэн малбытын-салбытын, дьиэҕэ-уокка туттар тэриллэрбитин, уруккулуу таҥаспытын-саппытын, ону тэҥэ Чурапчылар тус бэйэлэрин мөссүөннэрин, хамсаабат күлүктэрин үйэлэргэ үйэтитэн, түһээн да баттаппатах ыраах сирдэригэр түмэлгэ (Американскай этнология музейыгар) илдьэн үйэтиппитэ, кырдьыга даҕаны Саха норуота инники кэскиллээҕин өтө көрөн уһулбута элбэҕи этэр, кэпсиир.
Саҥардыллыбыт хаартыска эмиэ Америкаҕа баран туруохтаах диэн кэпсэтиилэр бааллар. Хаартыска диэн устуоруйа, чахчы буолбуту дакаастыыр. Бу үлэ бэйэбит өбүгэлэрбитин, сиэрбитин-туоммутун умнубаппытын кэрэһилиир. Онон Чурапчы үбүлүөйдээх сылыгар дьоммутугар-сэргэбитигэр үйэлээх, дьоһун бэлэх буолар», — диэн кэпсиир.
Елена Макаринская
Хаартыска Сэмэн Жендрнскэй архыып матырыйаалыттан