Манна Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргыдаевтыын Алена Сысолятина «Чурапчыга олоҕу үлэ дьоно сүрүннүүр» сэһэргэһиититтэн саҕалаан, айар куттаах биллэр-көстөр дьоммут сырдатылыннылар.
«Анал нүөмэргэ улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Афанасий Захаровтыын үлэлэстибит. Кэпсэтиитин өссө былырыын ыыппыппыт. Норуот суруйааччыта Сэмэн Тумат сүбэ-ама буолла. Чурапчылар бэлиэ суруйааччыларын айар үлэлэрин түмтүбүт. Быйылгы үбүлүөйдээх Күн Дьирибинэҕэ, Дмитрий Коркиҥҥа, Афанасий Собакиҥҥа аналлаах матырыйааллар киирдилэр. Улуус баһылыга Степан Саргыдаев улуус бүгүҥҥү үлэтин-хамнаһын туһунан интервьюта киирдэ.
Маннык бырайыактар “Чолбон” сурунаалы тыа сирин кытта ордук ситимнииллэр дии саныыбын. Бу иннинэ намнары уонна горнайдары кытта оҥорбуппут. Онтон Чурапчы улууһа “Чолбону” кытта урут-уруккуттан, Эрилик Эристиин саҕаттан биир ситимнээх. Ол курдук, Чурапчыттан төрүттээх Василий Яковлев, Далан бу сурунаалга үлэлээн-хамсаан ааспыттара. Кэлиҥҥи сылларга Сэмэн Тумат, Аграфена Кузьмина үлэлээбиттэрэ да элбэҕи этэр.
Чурапчы дьонугар-сэргэтигэр бу нүөмэри бэлэхтээбиппититтэн үөрэбит. Нүөмэри улуус дьаһалтата сакаастаан ылбыта, онон бэйэтин ааҕааччыларын булуоҕа диэн эрэнэбит”, — диэн “Чолбон” сурунаал эрэдээктэрэ Гаврил Андросов санаатын үллэстэр.
Прозаҕа: норуот суруйааччыта Василий Егоров-Тумарча «Одьулууннар» романын «Болугур Айыытын хостооһун» диэн түһүмэҕэр аата да этэрин курдук мистикэлээх түбэлтэ ойууланар.
— норуот суруйааччыта Сэмэн Тумат «Саҕастыыр барахсан сүрэхпэр» саҥа эсселэригэр хоту дойду тыйыс айылҕата уонна киһи, көс уонна олохтоох дьон, аныгы сайдыы уонна түҥ былыргы үгэстэр алтыһыыларын ус-ураннык
— В.К. Арсеньев аатынан Бүтүн Россиятааҕы «Уһук Илин» литература бириэмийэтин лауреата Анатолий Слепцов «Хара Тумус» диэн кэпсээнигэр чурапчылары муустаах муора кытылыгар көһөрүү трагедиятын уратытык дьүһүйэр;
— Сомоҕо Аҕа дойду Улуу сэриитин туһунан «Эргиллии», Аграфена Кузьмина аныгы уонна былыргы алтыһыыларын туһунан «Баахылла» кэпсээннэрэ;
Оҕо литературатыгар:
— Улдьаа Харалы «Оноҕостуур Бэргэн» остуоруйа-олоҥхотугар саха бухатыыра хоту дойдуга мүччүргэннээх сырыылара сэһэргэнэр;
— уус-уран тылбаас маастара Альбина Борисова айбыт «Иэппэт буолбут ынах туһунан остуоруйата»;
— Мааны Маарыйа «Үргүүк хара ат» төрөппүтү уонна оҕону ситимниир аныгы остуоруйата;
Поэзияҕа:
— Вячеслав Хон «Ый аптаах ыллыгын буларым…», Ольга Янцен «Саҥата суох таптал сылааһа…» саҥа уонна Сэргэх Сэмэй «Улуу сис уолабын!» талыллыбыт хоһооннорун бөлөҕө;
— саха литературатыгар үгэ жанрын төрүттээччи Күн Дьирибинэ төрөөбүтэ 120 сылынан кини түһүүлээх-тахсыылаах олоҕун уонна чаҕылхай айар үлэтин Сэмэн Тумат сиһилии билиһиннэрэр ыстатыйата;
— Олимп чыпчаалыгар сирдьит Дмитрий Коркин төрөөбүтэ 95 сылыгар иитиллээччилэрэ – аныгы кэм боотурдара Павел Пинигин, Александр Иванов, Василий Гоголев ахтыылара;
— худуоһунньук Афанасий Собакин төрөөбүтэ 95 сылыгар кыыһа, Саха сирин Худуоһунньуктарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Ольга Скорикова аҕатын өспөт сурааһыннарын туһунан анаарыыта;
— филология наукатын кандидата Саргылаана Ноева Далан «Тулаайах оҕо» уонна «Тыгын Дархан» романнарын уус-уранннык ырытыыта;
— Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргыдаевтыын Алена Сысолятина «Чурапчыга олоҕу үлэ дьоно сүрүннүүр» сэһэргэһиитэ.
Елена Макаринская