Чакыртан төрүттээх Гавриил Адамов-Сайдам “Атаҕастабыллаах кырдьык” бөдөҥ романа бэчээттэннэ

Олунньу 27 күнүгэр, Дьокуускай куоракка Национальнай бибилэтиэкэ историческай саалатыгар суруйааччы Гавриил Иннокентьевич Адамов-Сайдам “АТАҔАСТАБЫЛЛААХ КЫРДЬЫК” романын билиһиннэрии үрдүк таһымҥа ааста.

Уонча сыллааҕыта суруллан бүппүт айымньы үп-харчы кыайан көстүбэккэ, өр кэмҥэ быылга көмүллэн бэчээттэммэккэ сыппыта. Биһиги дьолбутугар “Көмүөл” кинигэ кыһата, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр суруналыыс, суруйааччы Борис Павлов (чааһынай тэрилтэ) сөбүлэһэн 1000 ахсаанынан бэчээттээн таһааттарда.

Борис Иванович романы сөбүлээн бэчээттииргэ ылсыбыт, “бэрт сотору кинигэ тарҕанан бүтэрэ буолуо” диэн кэпсээтэ.

Өрөспүүбүлүкэбит үтүөлээх үлэһиттэрэ, геологтар, экологтар, учууталлар, суруйааччылар,  суруналыыстар айымньыны улаханнык хайҕаатылар, “кэмигэр тахсыбыт туһалаах суруйуу” диэн үрдүктүк сыаналаатылар.

Суруйааччы кинигэтигэр Садын оройуонун Туой Хайатыттан төрүттээх Сэмэн Мэнкээрэп, Чурапчы кыыһын Анисияны Чурапчы педучилищетыгар үөрэнэ сылдьан билсиһэн, таптаһан ыал буолбуттар. Учууталлаабыт олохторун нөҥүө Саха омукка XX-с  үйэҕэ буолбут икки улахан алдьархайдары: сэрии, сут-кураан сылларыгар Чурапчы холхуостарын Хоту көһөрүүнү уонна алмаас көстөн ону хостооһуну хааччыйар сыаллаах Бүлүүгэ ГЭС тутулларыгар, муора анныгар тимирбит Туой Хайа иэдээннэрин, олохтоохторго хайдах дьайбытын туһунан уустаан-ураннаан көрдөрөр. Айымньы былаһын тухары экология боппуруостара сытыытык туруоруллаллар, оччотооҕу салалта дьоҥҥо толоос сыһыанын, сыыһатын-халтытын сиһилии сэһэргииллэр. Манна суруйааччы Анисия Алексеевна тус дневнигин (күннүгүн), кистэлэҥ санааларын сатабыллаахтык суруйуулара, ньыма быһыытынан бэркэ туһаныллыбыт, табыллыбыт.

Тыл этээччилэр роман билиҥҥи кэмҥэ экология, айылҕаны харыстааһын сытыы боппуруостара элбэҕин, кэлэр сылларга ордук сытыырхайар кыахтаахтарын тоһоҕолоон бэлиэтээтилэр. Ол курдук үтүөлээх геолог Н.Д. Кириллин, эколог И.С.Бурцев, норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Г.М. Артемьев Илин эҥэр улуустарга алмааһы, атын да сиртэн хостонор баайдары хостооһун үөрэтиллэ сылдьалларын ахтан туран, бэлэмнэнии үлэтэ барыахтааҕын эттилэр, онно сыһыаран саҥа роман суолтата улаханын ыйдылар. Чопчу туһалаах (прикладной) айымньы суруллубутунан суруйааччыга дириҥник махтаннылар, литэрэтииринэй бириэмийэҕэ түһүөн сөптөөҕүн туһунан эттилэр, суруйааччы бэйэтэ эмиэ бэлиэтэнэрэ тоҕоостооҕун ыйдылар. Бу этиилэри өйөөн кинигэ сүрэхтэниитин кыттыылаахтара дохсун ытыс тыаһын бэлэхтээтилэр.

Кинигэ сүрэхтэниитигэр Туой Хайаттан төрүттээх, Монреаллааҕы Олимпиада үрүҥ көмүс призера, үтүөлээх тириэньэр А.Н. Иванов, биллиилээх суруйааччы, СӨ үтүөлээх юриһа М.Е. Иванов–Чуона Мэхээлэ уо.д.а. суруйааччыга махтаннылар, айымньыны хайҕаатылар, Мииринэйгэ ыҥырдылар, онно кинигэ сүрэхтэниитин өссө төгүл оҥороругар көрдөстүлэр.

Кинигэ сүрэхтэниитигэр эдэр айар үлэһиттэр кыттыбыттара, солун этиилэри эппиттэрэ кэрэхсэбиллээх. Итиннэ уус-уран киинэни оҥорор тоҕоостооҕун, айымньыны нууччалыы тылбаастыырга баҕаларын биллэрдилэр. Чахчыта даҕаны киһи улаханнык өйүүр, бэлиэҕэ ылар этиилэрэ! СӨ суруйааччыларын Сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы В.С. Доллооноп тыл эттэ, этиилэри бэлиэҕэ ылла.

Кырдьаҕас учуутал, суруйааччы дьиэ кэргэнин чугас киһитэ В.Г. Макарова истиҥ-иһирэх тылынан Гавриил Иннокентьевич кэргэнин Раиса Семеновнаны, оҕолорун аҕынна, суруйааччы оҕолорго, ыччаттарга анаабыт хоһоонноро, кэс тыла оскуолаҕа үөрэтиллибиттэрэ ырааппытын, туһалаахтарын туһунан бэрт сиһилии аҕынна.

Тыл эппит дьон роман табыллыбытын, саха литэрэтиирэтигэр ситиһии буоларын чорботон бэлиэтээтилэр. Суруйааччы тыла-өһө баайын, айылҕаны олус үчүгэйдик ойуулуурун, роман дьоруойдарын итэҕэтиилээхтик араас быһыыга-майгыга көрдөрөрүн ойуччу тутан этиннилэр.

Романы ырытан, олуһун диэн сөбүлээннэр Москубаттан, бэл Парижтан тиийэ сыанабыл ыыппыттар, кинигэни эбии сакаастаабыттар.

Кинигэ сүрэхтэниитигэр үгүс киһи тыл эттэ, айымньынан астыналларын, биир тыынынан аахпыттарын, олус сөбүлээбиттэрин биллэрдилэр.

Тус бэйэм Гавриил Иннокентевиһы оскуолаҕа үөрэнэр эрдэхпиттэн үчүгэйдик билэбин. Кини Чурапчы Дириҥэр, мин Мэҥэ Бүтэйдээҕэр үөрэммиппит. Үөрэммит оскуолаларбыт сибээстээх этилэр, хардарыта сылдьыһарбыт, үөрэххэ, успуорка элбэхтик күрэхтэһэрбит. Аармыйа кэнниттэн Гавриил Иннокентьевич СГУ-гар уст уоруйа салаатыгар үөрэнэ киирбитэ, онон биир кэмҥэ үөрэммиппит. Кини сүрдээх көхтөөх уопсастыбанньык этэ, үчүгэйдик ыллыыра, элбэх бэйэтэ айбыт ырыалардаах, композитор З.К. Степановы кытары бииргэ опера уонна балет тыйаатырыгар кэнсиэрт көрдөрбүттэрэ (өрөгөй ырыата да буолар ырыалардаах). Университеты бүтэрэн баран, кэргэнин дойдутугар Кэбээйигэ, дойдутугар Чурапчыга араас салайар үлэлэргэ бэрт таһаарыылаахтык үлэлээбитэ, кини тыа борустуой дьонугар өрүү чугас.

Саҥа тахсыбыт бу бөдөҥ айымньытыгар, эрдэ этиллибитин курдук, суруйааччы элбэх ааҕааччыны долгутар боппуруостары көрөр, көтөҕөр. Холобура, учуутал уонна кини үөрэнээччилэрин сыһыаннара, саха ыччата тутууга киирэн эрэрэ суруйааччы болҕомтотун тардаллар.

Түмүктээн эттэххэ, суруйааччы саҥа айымньыта ааҕааччыга сөбүлэппит, тутаах боппуруостары кэмигэр көтөхпүт. Саха литэрэтиирэтигэр биир биир бөдөҥ айымньы – уус-уран роман баар буолла. Талааннаах романист-суруйааччыны Гавриил Иннокентьевич Адамовы-Сайдамы ситиһиитинэн эҕэрдэлиибит, саҥа айымньылары күүтэбит!

 ЫСПЫРААПКА

 Гавриил Иннокентьевич Адамов:  Чурапчы оройуонун Чакыр нэһилиэгин Толоон сэлиэнньэтигэр 1946 сыллаахха олунньу 13 күнүгэр Мотрена Макаровна уонна Иннокентий Николаевич Адамовтар холкуостаах  дьиэ кэргэттэригэр күн сирин көрбүтэ.

Максим Аммосов аатынан Саха судаарыстыбаннай университетын историко-филологическай факультетын уонна Хабаровскайга Үрдүкү партийнай оскуоланы бүтэрбитэ. Кэбээйи орто оскуолатыгар устуоруйа уонна обществоведение учууталынан, кэлин идэлээх Сойуус, Сэбиэскэй, бартыы­йынай, хаһаайыстыбаннай үлэлэргэ сылдьыбыта. Билигин – Үөрэҕи сайыннарыы  уонна идэни үрдэтии үнүстүүтүн  үлэһитэ.

 Кинигэлэрэ: «Үтүө баҕа санаам миэнэ» (2009 с.),  «Олох, таптал… арыгы» (2010 с.), «Быыбар? Быыбар!»  (2012 с.), «Хаһан итэҕэйэллэр, бу?!» (2012 с.), “Оҕо – төрөппүт дьоло” (2014 с.)., “Доброе благословение мое” (2014 с.), “Дьыбардаах дьылҕа” (2015 с.), “Сиэри тэпсии – аньыыга тиэрдии” (2019 с.).

                                    Егор Шишигин — РФ, СӨ култууратын үтүөлээх

                           үлэһитэ, Духуобунас Академиятын Бочуоттаах

                                    Академига, СӨ Ытык Сүбэтин чилиэнэ.

 

Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй