Былыр былыргыттан өбүгэлэрбит быыппастар быччыҥнаахтарынан, кус быһый кыанар күүстээх дьоннорунан киэн тутталлара, ол дьон ааттара-суоллара ырааҕынан дуораһыйара. Ол курдук, биһиэхэ, Чакыр нэһилиэгэр, кимиэхэ да иннин биэрбэтэх Саппадьа, Оросто, Бөҕө Мотоокко – Иван, Петр Саввиннар, Чыычаах – Демьян Демьянов, Ыстапааҥка  курдук күүстээх-уохтаах бөҕө дьон аатыраллара. Онтон кэлин бастыҥ охсооччу, бурдук быһааччы, сүүрүк, тустуук дьоммут — Г.Н. Адамов — Халла, Е.Е. Филиппова, П.Н. Тимофеев, В.П. Карпов, С.П. Макаров, А.Н. Матвеев уо.д.а. ааттара киэҥник иһиллэр. 

Биһиги нэһилиэкпит устуоруйатын чахчыларыттан билиһиннэрдэххэ, 1930-с сылларга артыаллар, кэлэктиибинэй хаһаайыстыбалар тэриллиэхтэриттэн сыыйа биэс сыллаах былааннары толорууга үлэ үгүс көрүҥэр анал былаан, нуорма быһыллан күүстээх үлэ күргүөмнээхтик ыытыллар буолбута. Бу кэмҥэ Гаганова, Стаханов бачыымынан үлэ удаарынньыктара, стахановецтара диэн чулууттан чулуу үлэһит дьоно охсуулаах үлэ күннэригэр таһыччы ситиһиилэммиттэрэ. Ол ордук Аҕа дойду сэриитин сылларыгар улахан кураан кэнниттэн өрө анньан тахсыбыт сир быйаныҥ сомсорго күүрээннээх күрэхтэһиилэр, хардарыта ыҥырсыылар баар буола сылдьыбыттара.

Чакырга сэрии иннинэ “Яковлев”, “Молотов”  диэн икки колхуос баара. “Яковлев” аатынан колхуостан Афанасий Михайлович Адамов 1944 сыллаахха аҕыс күн 60,7 гектар сири быстаран,  Өрөспүүбүлүкэҕэ  “Бастыҥ бурдук быһааччы” аатын ылбыта.

Эмиэ ити колхуос Екатерина Егоровна Филиппова 16 күн сиэрпэнэн  5,3 гектар сир бурдугун быһан,  өрөспүүбүлүкэҕэ  “Бастыҥ бурдук быһааччы” ааты ылбыта уонна  800 солкуобайдаах бастакы бириэмийэни  ылбыта. Бу хоһуун дьахтар  1942 сыл сайыныгар икки хотуурунан  40 гектар оту охсубута. Сиэрпэнэн бурдугу быһыыга  сэрии сылларын устатыгар күҥҥэ 0,5 гектартан түспэтэх, күннээҕи нуорматын  500-600 бырыһыан толортообут.

Ол ааспыт кэмнэрдээҕи күүстээх үлэ чопчу-чуолкай кэрэһитэ оройуоннааҕы “Социализм суола”, Билиҥҥи “Саҥа олох” хаһыат буолар. Бу хаһыакка бастыҥтан бастыҥнар, тиһигин быстакка, сыллата ыйынан көрдөрүүлэрэ тахсан тупсан  иһэр. Кинилэр  “Бочуот дуоскатыгар” киирэн, биирдиилээн да дьон бэлиэтээн суруйалларыттан маннык ааҕыахха сөп. Дьэ, бу кини баар, били, ырыаҕа ыллыммытын курдук “биэс киһи үлэтин үлэлээбит” хорсун-хоһуун дьахтар!

15.10.1943.  «Өссө сайыннарыам»  Е.Филиппова – Яковлев аатынан колхуос стахановеһа.

     Трудовой фроҥҥа дьахталлар сүрүн хамсатар күүһүнэн буолалларын чопчу өйдөөбүтүм.  Хомуур үлэтигэр социалистическай инициаторынан  буоларга быһаарыммытым. Онуоха бэйэм үлэбинэн үтүө куоталаһыыга кыттыбыттара. Үлэ оҥорумтуотун үрдэппиттэрэ.

     Сорох күннэргэ рекорднай нуорманы ылынан, илиинэн 0,65 гаа  сирин быһан, 308 түүтэхтээн баайан сорудахпын   950% толорбутум.  Бурдук быһыытыгар үксүгэр  5 киһи үлэтин толорбутум, 10 күн  3,29 гаа сирин быһан,  баайан уонна сосулуоннаан биэрдим. Күҥҥэ   1500  түүтэҕи баайабын.

      Оттон от хомууругар хас күн аайы  0,7 гаа сирин илии хотуурунан охсобун. Ону тэҥэ оҕуһунан хадьымал сири хорутууга    1,5 гааҕа тиийэ толоробун.

      Бу үлэлэргэ миэхэ ханнык да ураты  быһыы суох. Бириэмэни кыһыл көмүстүү туһанабын. Сарсыарда эрдэ үлэҕэ киирэбин, киэһэ хойут үлэттэн тахсабын. Онон илиини араарбакка кыһамньылаахтык үлэлээһин, бириэмэни таба туһаныы, ол кыайыыны биэрэр. Мин бу ситиһиилэрбин инники өттүгэр салгыы сайыннарыам.  

25.07.1944.  Бочуот дуоската  —  Е.Е. Филиппова 10 күн   4 гаа сыппыт бурдугу сиэрпэнэн быһан нуорматын   503%  толордо.  1600 түүтэҕи быста, былырыын  0,64 гааны быһан нуорматын    950%  толорбута.  Ирина  Адамова 5 күн  0,80 гааны нуорматын  160 — 250% толордо.

 26.07. 1946.   « Е. Филиппова муҥутуур бастаата».

От мунньуутугар  Екатерина Филиппова күн аайы 1,5 гаа мунньан оройуон үрдүнэн   1 м. буолла.

Дьэ, ити курдук, киһиттэн таһыччы үрдүк көрдөрүүнү ситиспит Екатерина Егоровна ситиһиититтэн киһи эрэ сөҕөр, хайдах иҥиирдээх-ситиилээх дьахтарый, туох ураты дьарыктаах, үлэҕэ дьулуурдаах киһиний, ханна аахпыккытый былаанын  950% толорбут киһи баарын, киһи эрэ бэркиһиэх көрдөрүүтэ?!

Бу Екатерина Егоровна кэлин кэргэнинээн Николай Семеновичтыын Чурапчыга олохсуйан, икки уол оҕолорун манна улаатыннарбыттара. Улахан уол Николай Николаевич Филиппов Ташкент куоракка Ташкеннааҕы сибээс үнүстүүтүгэр инженер идэтигэр үөрэнэн, АТС диэн оройуоннааҕы Төлөпүөн ыстаансыйатын тэрилтэтин тарбахха баттанар исписэлииһэ буолбута. Кыра уоллара Василий Николаевич Филиппов өрөспүүбүлүкэҕэ  биллэр далааһыннаах үлэлээх «Туймаада-Агроснаб” тэрилтэни тэринэн генеральнай дириэктэринэн үлэлээн үрдүк көрдөрүүлэри ситиспитэ,  “Аныгы үйэ бастыҥ салайааччыта” буола үүммүтэ, Саха өрөспүүбүлүкэтин тыа хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ буолбута. Онон Екатерина Егоровна утумнара элбээн, тэнийэн иһэллэр, айымньылаахтык үлэлиир ыччаттар үүнэллэр.

Иккис Өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллибит киһинэн Гаврил Николаевич Адамов – Халла буолбута.   Гаврил Николаевич 1945 Аҕа дойду Улуу сэриититтэн кэлбит сылыгар ыһыахха Чакырга, Хадаарга, Одьулууҥҥа, Чурапчыга атах-илии оонньуутугар кыттан, бэйэтин  тэҥнээхтэрин илиилээх-атахтаах оҥорбокко, уон аҕыста кыайан, биирдэ тэҥнэһэн, мүһэ, харчы бириэмийэлэнэн, бэйэтэ кэпсииринэн,  эмискэ “кус быһый” аатыра охсубута. Ол эрээри ону кини сэмэйдик   «истэргэ ол үчүгэй да, мин бэйэм кыахпын билинэбин – оннук наһаа буолбатах этим», — диир. Ол кини кыра сааһыттан кытаанах үлэҕэ эриллэн улааппытын, сэрии иннинэ Ааллаах Үүн таһаҕаһыгар хас да сыл уһун кыһыҥҥа буспутун-хаппытын, уоттаах сэрии алдьархайын этэҥҥэ туораабытын кэрэһэлиир, онно чочуллан киһи бэрдэ, үлэһит хоһууна буоллаҕа.

1946 сыл сайыныгар Гаврилга,  Яковлев аатынан колхуос  бэрэссэдээтэлэ В.В.Кузьмин – Малахта диэн бэрт сытыы-хотуу тыллаах-өстөөх салайааччы киһи кэлэн: «Аны икки хонугунан ааттаах-суоллаах буурдааһын күннэ оҥор. Атын колхуостар охсооччуларын ханан да тутуһуннарбат, адьас киэптиир гына тоҕута түһэн кэбис, бэйэҕин да көрдөр, колхуоскун да аатырт. Дьэ кытаат, чакырдар туох гынаары охсооччу уолламмыппытый?!» — диэн турбут.

     Онно сөбүлэһэн, сарсыарда эрдэттэн охсо сырыттаҕына, биэс чаас саҕана колхуос бэрэссэдээтэлэ, бэйэтин биригэдьиирэ кэлэн мээрэйдээбиттэрэ  2,85 гаа буолар. Ону ситэри үс гаа оҥороору гыммытын:  «Олус илистиэҥ, бу да сөп», — диэн үлэлиирин бобон кэбиспиттэр. Онно баҕатын ханнара охсубатаҕыттан иһигэр кыһыйа санаабыта үһү. Дьэ, оннук кыахтаах, күүстээх үлэҕэ баҕалаах, дьулуурдаах эбитэ үһү, бу эмиэ биһиги үлэһит уолбут Гаврил Николаевич Адамов.

Бу рекорд өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэ аатырбыта, кэлин да илиинэн от охсооччулар Халла охсубутун сөҕө-махтайа кэпсэтээччилэр. Кини туһунан Феоктист Софронов   «Киэн туттар дьоммут»  диэн Эрилик Эристиин аатынан колхуос бастыҥ үлэһит дьонун, сэрии, үлэ бэтэрээннэрин туһунан кинигэтигэр суруйбута.

Кини кыра уола Александр Гаврильевич Адамов өрөспүүбүлүкэ бастыҥ булчута буолан улахан ситиһиилэммитэ, үгүс наҕараадаларга тиксибитэ, комсомол Обкома Кубаҕа ыытан күүлэйдэппитэ. Кини – хас да пятилетка удаарынньыга, социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕа, Чакыр биир киэн туттар ыччата. Гаврил Николаевич оҕолоро, сиэннэрэ киэҥ сиринэн тэнийэн үөрэнэн, айа-тута сылдьалларыттан элбэҕи күүтэбит.

Аҕа дойду сэриитин кэмигэр бу курдук күүстээх үлэ күргүөмнээх охсуулаах күннэригэр, ким да хаалбакка, бары түүннэри-күнүстэри үлэлииллэрэ, омуна суох, биир дьахтар биэс киһи үлэтин толороро. Кыһынын дьахталлар тоҥуу хаары кэһэн, тыаҕа тахсан, тоҥ тиити кэрдэн киллэрэн уокка оттоллоро, от тиэйэн хараҥаттан хараҥаҕа сылдьаллара, оннук кытаанах үлэттэн толлубакка, бу аас-туор олоҕу инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан дьүккүһэн туран толороллоро. Дьонноро эрэнэ күүтэллэрэ, эдэр өттө бэйэлэрин харыстаммакка үлэлээбиттэрэ. Аччык аҥаардаах дьон тыылга дьоруойдуу үлэлэрэ хоһооҥҥо хоһуллубута, ырыаҕа ылламмыта. Итинник хоһуун үлэһит аҕа көлүөнэ хорсун ситиһиилэрэ аны хаһан эрэ хатыланыахтара дуо?..

Үлэнэн эрэ өллөнүөхпүт, үлэнэн эрэ өрөһүнүөхпүт диир кэмнэрэ  кэлиэҕэ, ыччаттар күүстээх үлэттэн чаҕыйбакка дойдубут, норуоппут сайдарын-үүнэрин туһугар маннык дьонтон холобур ылан күүстээхтик үлэлиэҕиҥ, эдэр-сэнэх сэниэлээх эрдэххэ, айан-тутан хаалыаҕыҥ.

Билигин Чакыр нэһилиэгэ бу Екатерина Егоровна Филиппова, Гаврил Николаевич Адамов үлэҕэ уһулуччу ситиһиилэрин үйэтитэргэ ылсан,  үлэни саҕалаабыттарыттан астына үөрэбит.

15.10.1943.  «Чакырга Октябрь иннинээҕи куоталаһыы»   В.Флегонтов  сэбиэт бэрэссэдээтэлэ

      Октябрьскай Революция 16-с сылын аатынан соц. куоталаһыы киэҥ хамсааһыны ылан эрэр.   Молотов  аатынан  колхуос   тыа  хаһаайыстыбатын   оройуоннааҕы   быыстапкатын кыттыылаахтара Николай Иванович Егоров, Аграфена Михайловна Егорова, Гаврил Никитич Кузьмин,  Николай Афанасьев соц. куоталаһыы колхуостаахтары үмүрү тартылар.  Алтынньы 25 күнүгэр бурдук астаан бүтэрэргэ  2 молотилкаҕа   30 киһи турда. Уус Николай Иванович  Егоров саталынан  молотилка  аайы   1 веялка тэҥҥэ көтүтэ турар ньыма оҥоһулунна.. Х ас да киһи үлэтэ солбулунна. Төгүрүк сууккаҕа тохтоло суох үлэ олохтонно, онон   7000 түүтэх   биир суукка астаныахтаах 70 ц. ыраастыахтаах. 30  гаа бурдуга астанна. Үлэ күргүөмнээх. Алтынньы 14-19 күннэригэр Стахановскай вахтаҕа сиргэ хоно сылдьан,  алтынньы  20 күнүгэр   1 суорт сиэмэни  бүтэрэргэ, аны  70  ц. баар. Сааскы ыһыы агрономическай дьаһалыгар элбэх эбэһээтэлистибэ турар.

24.06. 1955  сылга колхуостаахтар бэс ыйын  1 күнүн түмүгүнэн  8 ый устатыгар сүөһү иитиитигэр үчүгэй көрдөрүүлэри ситиспит колхуостаахтар Бочуот оройуоннааҕы дуоскатыгар таһаарыахтара. “Правда” колхуос  (бэрэссэдээтэл Филиппов Р.А., партийнай тэрилтэттэн Рожин Н.Ф., нэһилиэк сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ  Петров И.Н.)  бөдөҥ ынах сүөһү  97,4%, сылгы   99,4%  тыыннаах ииппитин, сүөһү иитиитин былаанын бары бөлөхтөрүн  аһара толорбутун, ааспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ, быйыл үүт ылыытын   48%  улаатыытын, хас биирдии ынахтан үүтү ылыыны  72 литэрэнэн элбэппитин, ньирэйи илиинэн аһатан иитиини ситиһэртэн олоххо киллэрэн иһэрин, үүтү  судаарыстыбаҕа туттарыы уонна атыылааһын сыл аҥаардаах былаанын аһара толорбутун иһин.

23.08.1955.  Бочуот дуоската – Үчүгэй көрдөрүүлээх колхуостар. “Правда” сүөһү иитиитигэр  112%, ынах   104%, сылгы   — 110%.  Үүтү ааспыт сылтан тэҕнээн  —  139 л., валовай ыам    42% үрдүк. Үүт, эт судаарыстыбаҕа соҕотоҕун кыайан толордо. 

02.09.1955.  «Кыым» атырдьах ыйын  20 күнүн  205 №-эр  — быһа тардыы) 

      САССР Миниистирдэрин Сэбиэтин уонна ССКП обкомугар.    1955 сыл   1 аҥаарыгар  оройуонугар  МТС уонна колхуостаахтар соц. куоталаһыыларын  түмүгүн туһунан.  САССР уонна ССКП обкомун бюротун Бочуот  Өрөспүүбүлүкэтээҕи дьаһалын таһааран туран көһөрүллэ сылдьар. Кыһыл Знамяны биэрэргэ былааннанар  Чурапчы “Правда” колхуоска (колхуос  бэрэссэдээтэлэ Филиппов, партийнай тэрилтэ сэкирэтээрэ т.Рожин, нэһилиэк сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Петров).  Сааскы ыһыы былаанын бары култууратынан толорбутун, былааны ынах сүөһүгэ  115%   (ынахха   103%), сылгыга    108% толорбутун, хас  1 фуражнай ынахтан   1954 туһааннаах кэминэн    119 киилэнэн элбэх үүтү ылбытын уонна бородуукталары судаарыстыбаҕа туттарыы уонна атыылааһын, былааны толоруу иһин. (Муома Коммунизм –Сталин, Чурапчы Комсомол – Чичигинаров, Сардаҥа – Далбаев, Сталин, Коммунизм суола — Хадаар).  

30.09.1955. Тыа хаһаайыстыбата   1955 сыл оройуоннааҕы   14 колхуостан быыстапка кыттыылаахтарын бигэргэтии туһунан  хамыыһыйа  уурааҕынан. “Правдаттан”  Карпова О.Д., Адамова М.Н., Кузьмина М.А.  Кузьмина Е.М.  ыанньыксыттар. Афанасьев Константин Федорович  сезоҥҥа    410 сэнтиниэр оту кыдамалаан, Кузьмина Анна Петровна    33 ньирэйи  100% иитэн, Демьянов Петр Бенедиктович   10 саһылтан   33 оҕону ылан,  Кузьмин Николай Петрович  ҮТФ биригээдэтин, биирдии ынахтан ортотунан   1163 л. үүтү ыаннар.

29.11.1955. САССР тыа хаһаайыстыбатын бастыҥнарын наҕараадараһын уонна бириэмийэни туттарыы.

Адамов Конон Назарович – “Правда” колхуос кыдамаһыта – бэлисэпииэтинэн (12 киһи  «Звезда» чаһынан, булт саата, иистэнэр массыына, патефон)

29.06.1956.  «Колхуоспут тэриллибитэ 25 сылын бэлиэтээһин».   Р.Филиппов  “Правда” колхуос бэрэссэдээтэлэ.

Үбүлүөйүн атаардыбыт. Бырабыыталыстыба тыа хаһаайыстыбатын өрө көтөҕөр, сүөһү бородууксуйатын дэлэтэргэ туһааннаах уураҕынан салайыллар  уонна кини аҕалыы кыһамньытыгар, көмөтүгэр тирэҕирэн, биһиги колхуоспут экономикатын салгыы бөҕөргөтөр туһугар колхуостаахтар элбэх үлэни ыыттылар.

     Колхуос билигин саҥалыы тэриллибит  3 комплекснай биригээдэлээх, сылгы, саһыл, сибиинньэ иитэр фермалаах, колхуоска ордук ынах сүөһү  иитиитэ, кини бородууксуйатын биэриитэ сайдан иһэр.  1955  сылга   6 сыллаах кэскиллээх былааҥҥа көрүллүбүт сорудахтар бары көрүҥҥэ аһара толоруллара. Онтон    1956 сыллаах былаан ынах сүөһүгэ   110, сылгыга   111% туолан иһэр эбэтэр сүөһү ахсаан  өттүнэн  үүнүүтэ  колхуос  кэскиллээх былаанын    1960 сыллааҕы сорудаҕын ситистэ.

     Ааспыт сылга сүөһүттэн намыһах бородууксуйаны ылаллара. Холобур,   1945 сылга   1  ынахтан 600 л. үүтү, онтон  1950 сылга   595 л. ыабыппыт. Кэлин саҥа ньымалары олохтооһун, көрүүнү-аһатыыны тупсарыы өлгөм дохуоту ылар буоллубут.   1955 с.  1 ынахтан ортотунан    891 л.  биэрбитэ. Быйыл бэс ыйын   1 күнүгэр   1 ынахтан   342 л. ол иһин   1 №-дээх комплекснай биригээдэ хас  1 ынахтан  487 л. үүтү ситистэ. Ону бастыҥ ыанньыксыттар М.Кузьмина, М.Алексеева, Е.Сидорова, М.Адамова, Д.Алексеева хас   1 ынахтан   450-645 л. ыатылар.

      Ньирэйи иитии, харайыы тупсарылынна. Бастыҥ ньирэй көрөөччү Анна Кузьмина, Александра Тарасова, Александра Ефремова тутар ньирэйдэрин   100%  тыыннаахтыы ииттилэр.

     Колхуос бөдөҥсүйбүтүн кэннэ комплекснай ферма тэрилиннэ. Билигин манна  300 борооску сүөһүлээхпит. Сылгы саҥа боруодатын тупсарарга урут кыһаммат этилэр. Онтон    1955 сыллаахха нуучча таһаҕасчыт боруодата  1 атыыры атыыластыбыт. Киниэхэ биэлэри сыһыартаан буоһатыы тэрийбиппит. Быйыл киниттэн боруода аҥаардаах   6 төрүөҕү ыллыбыт. Онон боруоданы тупсарыы  саҕаланан барар.

     Колхуос саһыл иитиитин олохтообута өлгөм дохуоттаах хаһаайыстыба төрүтүнэн буолла. Билигин   40-ча саһылы иитэн туруорабыт. Колхуос үс сыл устатыгар   178 тириини судаарыстыбаҕа туттаран,  172168 солкуобайдаах харчы дохуотун ылла.

      Тутуу үлэтэ эмиэ бөдөҥсүтүү кэнниттэн былааннаахтык ыытыллар.  5 сылга  24 олорор дьиэ,  4 типовой уонна типовой аҥаардаах хотоннор, элетростанция дьиэтэ уо.д.а. тутулунна.

     Биһиги ходуһа, мэччирэҥ сирдэри нүөлсүтүүнү, күөллэри үөскэтиини былааннаахтык ыытабыт. Быһыт көмөтүнэн   330 гекторга тиийэр сир  нүөлсүтүллэр буолла. Аҥаардас    1955-56 сылларга МТС көмөтүнэн   2 хапытаалынай быһыт тутулунна, күөллэр үөскээтилэр.

      Этиллибит ситиһиилэр түмүктэригэр колхуос экономическай  өттүнэн бөҕөргөөн иһэр. Өскөтө   1950  сыллаахха колхуос төрүт  сириэстибэтэ  784 тыһ. солкуобай этэ, оттон билигин  1.104880 солкуобайга тиийдэ. Итиниэхэ харчы дохуота 2 төгүл үрдээтэ. Ол түмүгэр колхуостар матырыйаалынай олохторо сыллата тупсан иһэр.

     Ол эрээри биһиги колхуостар өссө да туһанылла илик ис кыахтар, туоратылла иликтэр суох буолбатахтар. Сир оҥоһуутуттан ылар доходпут намыһах, бааһына сирдэрин кэҥэтиини, аграрнай дьаһалы олоххо киллэрии ырааҕынан ситэтэ суох. Сүөһү иитиитигэр ийэ сүөһү  кытарааһына, төрүөх өлүүтэ билигин да элбэх. Элбэх эт дохуотун биэриэхтээх сибиинньэ иитиитэ сүһүөҕэр тура илик. Сүөһү иитиитигэр ыарахан үлэлэри механизациялааһын суох.

     Колхуос кэскиллээх былаанын быһыытынан биһиги иннибитигэр боччумнаах соруктар тураллар. Ол соруктары халбаҥа суох толорор иһин , баар итэҕэстэри туоратарга үлэҕэ үрдүк көрдөрүүлэри ситиһэргэ, үлэ оҥорумтуотун күннэтэ үрдэтэргэ охсуһабыт.  

  06.07.1955. «Сүөһүттэн ылыллар бородууксуйаны соҕотуопкалааһын былаанын толоруу сыл аҥаардаах түмүгэ».    Үүтү судаарыстыбаҕа туттарыы   (4 миэстэ)   126%, судаарыстыбаҕа атыылааһын    163%,  эти   судаарыстыбаҕа туттарыы  225%,   судаарыстыбаҕа  атыылааһын   197% (Саамай үрдүк).   

Мария Егоровна ФИЛИППОВА, кыраайы үөрэтээччи

Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй