Чакырга гаас квартальнай хочуолунайа тутуллар

Бу сыл кулун тутарыттан хочуолунай тутуутун Юрий Тимофеев дириэктэрдээх “СК Трест” ХЭТ  саҕалаабыта. Сакаасчыт — СӨ ОДьКХ ГУТ генеральнай дириэктэрэ Виталий Чикачев.

Суббэдэрээччиккэ Чурапчы ыччата Петр Пинигин 6 киһилээх биригээдэтэ үлэлиир. Чурапчы уолаттара Алексей Сысолятин, Николай Захаров, Ньургун Филатов, Сергей Дьячковскай, Апиллоний Слепцов, тырахтарыыс Дмитрий Саввинов, суоппар Степан Аржаков, погрузчигынан Илья Кузьмин  өрөбүлэ суох, сарсыардаттан киэһэ хойукка диэри үлэлииллэр. Олохтоох дьаһалта пиломатырыйаалынан, икки погрузчигынан көмөлөһөр.

 

Хочуолунай тимир каркастаах, сэндвич-панелинэн оҥоһуллар. Уопсайа 2,4 МВТ кыамталаах 3 гаас хочуола туруохтаах. Итини таһынан икки 100 м3 баһаарынай уонна уунан хааччыйар емкостар, насоснай станция, 5м3 септик баар буолуохтара. Уот, гаас барар түбэлтэтигэр аварийнай дизеллээх, 10м3 ниэби хаһаанар емкостаах, эбийиэк иһигэр санузеллаах, сынньанар хостоох буолуоҕа. Эбийиэк төгүрүччү тимир сиэткэнэн күрүөлэнэр.

 

Эбийиэк дуогабар быһыытынан бу сыл 4 кыбаарталыгар үлэҕэ киириэхтээх. Бүгүҥҥү туругунан үлэ 40 бырыһыана толорулунна. Нэһилиэнньэ саҥа тутуллуохтаах таас оскуолаларыгар итиинэн хааччыйар хочуолунай тутулларыттан санаалара көтөҕүллэр.

Афанасий Кириллин, СӨ үтүөлээх тутааччыта.