Олунньу 7 күнүгэр, “ИнформУИК” бырайыак чэрчитинэн, быыбар кэмигэр кэрийэр хамыыһыйа чилиэттэригэр анаан аадырыстаан иһитиннэрии үөрэҕэ түмүктэммитэ. Бэҕэһээҥҥиттэн саҕалаан, Чурапчы улууһунааҕы быыбардыыр хамыыһыйа чилиэттэрэ оройуон олохтоохторун олорор аадырыстарынан кэрийиини, улуус киинигэр итиэннэ нэһилиэктэргэ үлэни саҕалаатылар. Сүрүн сыаллара-соруктара диэн кэлэр кулун тутар ыйга ыытыллар Дойдубут бэрэсидьиэнин быыбарын хампаанньатын туһунан иһитиннэриини оҥорооһун.
Чурапчы улууһун быыбардыыр хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Дария Никитина иһитиннэрбитинэн, улууспут олохтоохторо быыбар хамыыһыйатын хас биирдии чилиэнин олус үчүгэйдик көрсөннөр ирэ-хоро сэһэргэһэллэр эбит. Дьон-сэргэ сүрүннээн, бэрэсидьиэн быыбарыгар ханнык ньымаларынан куоластыахха сөбүн туһунан ыйытыылара киирбиттэр.
Манна даҕатан эттэххэ, хас биирдии быыбар хамыыйатын чилиэнэ, учаастак хамыыһыйатыттан анал бэчээттээх бейдж иилинэр эбэтэр укта сылдьар буолуон сөп, итиэннэ быыбар хамыыйатын чилиэнэ буоларын туоһулуур дастабырыанньаны кытары сурунар планшеттаах буолар.
Маннык аадырыһынан кэрийэ сылдьан иһитиннэрии кулун тутар 7 күнүгэр диэри ыытылларын санаталлар.
Сэмэн Жендринскэй