Бүгүҥҥүттэн XXIX –с “Инникигэ хардыы” кэмпириэнсийэ-куонкурус саҕаланар

Бүгүн о.э тохсунньу 9 күнүгэр Сэбиэскэй уонна Арассыыйа академик-учуонайа Владимир Петрович Ларионов аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи “Инникигэ хардыы” билим эдэр чинчийээччилэр кэмпириэнсийэ-куонкурустара саҕаланар. 

Быйыл барыта холбоон 1600-тэн тахса үөрэнээччи өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан  үлэлэрин  билиһиннэриэхтэрэ.

Бүгүн 11 чаастан  XXIX   билим кэмпириэнсийэтин үөрүүлээх аһыллыытын сиэрэ-туома  “Өргөй” успуорт уораҕайыгар ыытыллыаҕа. Ол кэнниттэн киэһэ 17 чааска диэри истиэндэҕэ үлэлэри көрүөхтэрэ. Уопсай түмүк барыта тохсунньу 11 күнүгэр тахсара былааннанар.

Чурапчы улууһуттан буоларын курдук элбэх үөрэнээччи кытта барда, ол курдук: Мугудайтан Леонид Сивцев, Сандал Дьячковскай, Күннэй Смирникова, Чурапчы гимназиятыттан Кристина Куличкина, Кузьма Артемьев, Николай Собакин, Аман Сивцев, Алексей Сивцев, Виктор Петров, Анна Лазарева, Наталья Собакина, Ньургун Васильев, Виолетта Манасытова, Нелли Божедонова, Сардаана Собакина, Любовь Ван-Чу-Лин Семен, Динара Фомина, Айтал Бурцев, Иван Попов, Айсана Сивцева, Нарыйаана Собакина, Амелия Пинигина, Ньургуйаана Егорова, Айыына Евграфова, Сайаана Сидорова, Аюми Дьячковская, Виктория Дьяконова, Айталы Потапова, Мария Сибирякова, Валерия Степанова, Кристина Неустроева, Данил Брызгаев, Семен Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатыттан Николай Данилов, Богдан Степанов, Айсен Оконешников, Болтоҥоттон Ариан Максимов, Альберт Ксенофонтов, Юрий Монастырев, Сандаара Ефремова, Венера Кривошакпина, Сандаара Кононова,  Мырылаттан Ангелина Кривошапкина, Марк Никитин, Мария Собакина, Олеся Анисимова, Айгуль Прокопьева, Дириҥтэн Саина Старостина, Дамир Адамов, Дайаана Луковцева, Василина Иванова, Айсен Посельскай, Иван Павлов аатынан Чурапчы орто оскуолатыттан Максим Павлов, Владислав Красильников, Төлөйтөн Виолетта Смирникова, Айсен Луковцев, Яна Аммосова, Настасия Рожина, Сылаҥтан Ким Ширяев, Вероника Трофимова, Бахсыттан Виталий Оконешников, Валерия Макарова, Хадаартан Алена Ноева, Одьулуунтан Айыына Абрамова, Хайахсыттан Лиана Каженкина, Хатылыттан Максим Кривошапкин, Виолетта Барашкова, Игнат Петров, Евангелина Дьячковская, Мындаҕаайыттан Диана Васильева, Георгий Гермогенов, интэринээт-оскуолаттан Петр Попов, Карина Кривошапкина, Кытаанахтан Күннэй Коркина, Алаҕартан Ульяна Софронова, Чакыртан Олеся Маркова, Арыылаахтан Альберт Иванов.

Үөрэнээччилэргэ, научнай салайааччыларыгар ситиһиини баҕарыаҕыҥ!

 

Сэмэн ЖЕНДРИНСКЭЙ