Былаан быһыытынан Чурапчы нэһилиэгэр “Национальнай бырайыак” чэрчитинэн Таас балыыһа иккис уочараттаах тутуутун көрүүттэн саҕалаата, Кирилл Бычков кэлэн барбытын кэнниттэн төһө сөптөөх үлэ ыытылла турарын көрдүлэр-иһиттилэр.
Салгыы, тохсунньу бүтүүтүгэр арыллыахтаах Афанасий Софронов аатынан успуорт уораҕайыгар итиэннэ Павел Пинигин аатынан уулуссаҕа тутулла турар үс мэндиэмэннээх дьиэ үлэтин хаамыытын билистилэр.
Чурапчы улууһугар тутуу үлэлэрин туһунан аһаҕас кэпсэтиигэ Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргыдаев,
СӨ Тутууга миниистирэ Виктор Романов
уонна СӨ Доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева,
СӨ “Биир кэлим судаарыстыбаннай сакаастыыр сулууспа” генеральнай дириэктэрэ Гаврил Скрыбыкын,
Чурапчы улууһун баһылыгын тутууга уонна архитектура боппуруостарыгар солбуйааччы Афанасий Дьячковскай кыттыстылар.
“Бүгүн биһиги, СӨ Ил Дархана Айсен Сергеевич ыйыытынан Чурапчы улууһугар кэлэн үлэлии сылдьабыт. Сүрүн болҕомтобутун биллэн туран социальнай эбийиэктэргэ уурабыт. Таас балыыһа икки уочараттаах тутуута өссө былырыын үлэҕэ киириэхтээх этэ, ону хомойуох иһин бэдэрээччит туруоруллубут сыалы-соругу сатаан толорбото, бүгүҥҥү күҥҥэ даҕаны кэккэ итэҕэстэрэ баһаам. Бу түгэҥҥэ бэдэрээччити таһынан сакаастааччы сулууспа эмиэ буруйдаах. Бүгүҥҥү мунньахха балыыһа үлэҕэ киириэхтээх чыыһылата иһилиннэ эрээри, ити даата биһиэхэ хайдах даҕаны сөп түбэспэт. Билигин Ил Дархаммытыттан бу эбийиэги тохсунньу ыйга хайаан даҕаны үлэҕэ киллэриэхтээх сорукпутун тутан олоробут. Ити инниттэн ити кэмҥэ дьулуһуохпут уонна бэдэрээччит үлэтин толорорун ирдэһиэхпит.Бүгүҥҥү күннээххэ эбийиэги тутар бэдэрээччиккэ ыстарааптыыр санкциялар номнуо түһэн сыталлар.
Онтон бөһүөлэк иһинээҕи ыспартыыбынай уораҕай тутуллуутун туһунан эттэххэ, тутааччыга бэйэтин харчытынан тута сылдьарыгар махтаныах тустаахпыт. Туораттан киһи да кыбыстар, харчылаах эбийиэкпит хойутаата онтон харчы көрүллүбэтэх эбийиэгэ тутуллан үлэҕэ киирэрэ чугаһаабыт. Онон бу тутуу бэдэрээччитигэр биһиги туох даҕаны диир кыахпыт суох, үлэлэрэ үчүгэй”, — диэн СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин 1-кы солбуйааччы Дмитрий Дмитриевич эттэ.
Үлэ бөлөҕө, күн иккис аҥарыгар, тохсунньу 19 күнүгэр үлэҕэ киириэхтээх Мындаҕаайы 120 миэстэлээх оскуолатын тиийэн көрүөхтэрэ.
Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ